Мууһу дьөлө үүттээччи дуу, анньыыһыт дуу? Хайата түргэний?

Өрөбүл күн Солоҕон Лүксүмэтигэр муҥхаҕа сырыттым. Бу диэки үүтээннэнэн 57-с сылын бултуур Василий Пахомов ыҥыртаан сырытыннарда. Муҥхалаах нэһилиэк эргиччи бастыҥ үлэһитэ Павел Никитич Захаров, дьоҕус муҥханы тэрээһиннээхтик ыытта.

Былыр-былыргыттан муҥхалаах дьоҥҥо, «нэһилиэнньэни аһаталлар» диэн махталлара муҥура суох буолааччы.Иллэҥ дьон сылаас күн буолан, 9 массыынанан сынньана таарыйа кэлэн бэркэ муҥхалаан астыннылар.Оскуола оҕолоро, оҕонньоттор да бааллар, «биһигини эһиги солбуйуоххут, үөрэниҥ» дэһэллэр.

Нырыылыы туран, мууһу дьөлө үүттээччилэри уонна анньыыһыттары тэҥнээн көрдүм. Хайалара нырыы ойбонун түргэнник дьөлөр эбитин.

Дьөлө үүттээччи ортотунан 15, үчүгэй анньыыһыт 20, сорохторо 30 сөкүүндэнэн дьөлөллөр эбит.

Онон айылҕаҕа, күөл баайыгар буортута суох аныгы тэрил, кыайыылаах эбит диэххэ сөп.



Муҥханы дьаһайсааччы Владимир Константинов ойбоннору үгүс сирдэргэ курдук, штилинэн эрбииллэрин тохтоппуппут, көҥүллээбэппит диир.

Онон Солоҕоттор муҥхаларыгар өбүгэ үгэһэ тутуһуллар.

Василий Алексеев