Мытаахха алта сүөһү ханна сүттэ

Сарсыарда Бэрдьигэстээхтиир массыынаҕа олорсон, айаннаан иһэбит. Бары биир нэһилиэк дьоно айан уһунун кылгатан, күннээҕи үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэбит.

Александра Жиркова Ыарҕа Күөлэ диэн Дьиикимдэттэн алта биэрэстэлээх сиргэ дьиэ-уот туттан, хаһаайыстыба тэринэн, дьонун кытта олорбуттара номнуо уонтан тахса сыл буолла. Киниттэн сүөһү-ас хайдах кыстыгы туораатылар диэн ыйыппыппар:

«Былырыын күһүн алта сүөһүм сүтэн, кыстыкка сүөһү туппатахпыт» диэн, хомойбут куолаһынан эппиэттээбитигэр соһуйа эрэ истэн хааллым. Алта сүөһү! Баҕар бу улахан, сүүһүнэн ааҕыллар ынах сүөһүлээх хаһаайыстыбаларга улахан сүтүк курдук көстүмүөн сөп этэ, ол эрэн көннөрү ыалга итиччэ сүөһү итиирэ улахан охсуу буоллаҕа.

«Хойукка диэри көрдөөн көрбүппүт да, барахсаттарбыт көстүбэтэхтэрэ. Сэрэйдэххэ адьырҕа кыыл аһылыга буоллахтара. Муҥар, кэлиҥҥи кэмҥэ тыатааҕы элбээн, сорох ардыгар киһи ойуурга тахсыан да куттанар буолла», – диэн Александра  Дмитриевна этэр. «Онтон тустаах тэрилтэлэргэ биллэрбиккит дуу?» ыйытыыбар «Суох буоллаҕа. Бэтэринээрдэргэ эппиппит, оччо сүөһү сүтүктээхпит диэн. Уонна ханна этиэхпитий. Онтон, кэм ситимнээх тэрилтэлэр буоллахтара» диэн сэһэргэһээччим эппиэттээтэ. Дьэ, ити ээ, судургу эппиэт. Эмиэ да сөпсөһүөх, эмиэ да бырачыастыах санаа киирэн ылла. Араас таһымнаах мунньахтарга сырыттым ини, итиннээҕэр буолуох кыра сүтүгү, итэҕэһи төнүннэрэр, төлөтөр туһунан туруорсар дьон төлөннөөх тыл этиилэрин син иһиттим да диэххэ сөп.

Сороҕор, оннук кэмнэргэ «чахчы да», биитэр «наһаалыыр ээ» диэн санаа охсуллааччы. Онтон, бу кэпсэтиигэ, доҕорум ийэтэ эппитигэр хайдах хардарыахпын билиминэ олордум… Ыалга алта сүөһү итиирэ иэдээҥҥэ тэҥнээх буоллаҕа. Кинилэри дьыл туоратаары төһөлөөх сыра-сылба, күүс бараммытын киһи таайар эрэ. Онтон биир кэмҥэ ытыс соттон кээһии, бу уустук. «Биһиги кимтэн да ылбатахпыт буоллаҕа. Бэйэбит ииппит сүөһүлэрбит этэ. Онон сүтүк да бэйэбит киэнэ. Төһө да охсуулааҕын иһин, этинэ сылдьар хайдах эрэ олуона баҕайы» диэн хоруйдуур.

Дьэ, итинникпит ээ биһиги… Этинэр олуона… Саха киһитэ барахсан өрүү да итинник ээ… Барыта чуумпутук, сэмэйдик, симиктик буолар. Баҕар ол олохпут тутулуттан ситимнээҕэ эбитэ дуу? Ордук тыа сиригэр олорор, уустугу-кыһалҕаны бэйэ эрэ күүһүгэр, кыаҕыгар эрэнэн туоруур үгэһэ. Ол эрэн, тыа сирэ чэчирии сайдарыгар, төрүт дьарык туох да иһин наада эбээт. Билигин, ынах ииттии курдук бастыҥ дьарык сүппэтигэр биир торбос да итиирэ охсуулаах курдук. Маны сөпкө өйдүүр, ону ааһан ол сүтүгү толунарга күүс-өйөбүл буолар ким баара эбитэ буолла…

Василий Тимофеев