Урукку биир идэлээҕим Куоста Жирков бэрт ыксалынан киирэн, атаһа, суруйааччы Борис Павлов саҥа «Кэм» диэн сурунаалын бастакы нүөмэрин, миэхэ автографтаах ыыппытын хаалларан ааста.
74 стр. археолог Василий Попов-Быдылыкы Баһылай экспедицияҕа сылдьыбыт кэмигэр араас быһылааннарга түбэспитин суруйбут. Онтон ааҕыаҕыҥ эрэ.
1975 с. сайын СГУ археологическай — этнографическай экспедицията Горнай оройуонугар Мытаах эҥэр үлэлээбитэ. Дыллай үрэххэ Кумахтаах диэн сиргэ лааҕырданан олорбуппут. Биир күн төрдүө буолан : Федя Васильев, Ганя Копырин уонна сирдьит, Мытаах олохтооҕо, сопхуос бостууга Маппый (М.Д.Кириллин), номоххо кэпсэнэр Уһун Ойоҕос (Дьорҕонтой) көмүүтүн хаһа айаннаабыппыт. Бары миинэр аттаахпыт. Үс — түөрт чаас кэриҥэ айаннаатыбыт быһыылаах (умнубуппун ).
Дьорҕонтой күөл бэс мыраанын оройугар археологическай хаһыыга, чахчы, сахаҕа үрдүк уҥуохтаах = 1 м 88-90 см өлүк көстүбүтэ.
Археологическай хаһыы боротокуолун Ф.Ф.Васильев толорбута. Батыйаны уонна оноҕостору СГУ туттараары ылбыппыт.
Төннөн истэхпитинэ биир от үрэхтэн атыыр сылгы батыста. Кутуруга окко соһуллар курдук уһун, тыбыыран баран, баһын хамсаттаҕына уһун сиэлэ икки өттүнэн салгыҥҥа оҕустаран хамныыр. Ол аайы биһиги куттанабыт, миэстэ былдьаһабыт – ортоку, эбэтэр инники буола сатаан. Куттанарбытын үмүрүтээри пионерскай, сэбиэскэй уо.д.а. норуот ырыаларын ыллаабыппыт. Сылгыбыт син өр батыста быһыылааҕа. Кыыл сылдьар атыыр сылгы буолуо дуо? Бостуук Маппыйтан ыйыппакка хаалбыппын.
Археолог инники дүҥүр тыаһын иккитэ истибитин, иккиһигэр улаханнык куттаммытын туһунан суруйбут. Бастаан өссө утары барбыт, онтон «…салгыытын өйдөөбөппүн, төннөммүн этэҥҥэ сырыттаҕым» диэн суруйар.
Ити боротокуолу толорбут Ф.Ф.Васильевтыын студенныы сылдьан тутар этэрээккэ бииргэ сылдьыбыппыт. Кэлин хам-түм кэпсэтэр, билсэр этибит. «Солоҕоон» кинигэҕэ бу нэһилиэккэ ыыппыт үлэлэриттэн научнай ыстатыйатын киллэрбиппит.
Бииргэ үлэлииргэ элбэх былааннардаах этибит. Хомойуох иһин, кини олус эрдэ олохтон баран, биир көлүөнэ дьонун улаханнык соһуппута…
Бостуук Маппый ити эргин бэркэ оттуу сылдьан баран, «буойун кистэнэ сытар сирин этэн биэрбитин кэнниттэн, аны бу сиргэ олох табыллыа суохпун» диэн ходуһатын Хондураайыга оттуур дьону кытта атастаспыттарын кэпсээбиттэрэ. Быһата, табыллыбатах.
Итинник бу олохпутугар киһи сэрэнэр дьиктилэрэ баар буолар. Маннык түгэннэр барыбытыгар үөрэх буоллун диэн суруйалларын өйдүөх тустаахпыт.
Василий Алексеев