2017 с. бэс ыйын 18 күнүгэр Бэрдьигэстээхпитигэр сөтүөлүүр сиргэ 3 кырачаан оҕо ууга былдьана сыспыта. Онно оҕолору быыһаабыт улууспут биир киэн туттар ыччата, спортсмен, билигин элбэх оҕолоох ыал аҕата Петр Алексеев хорсун быһыытын туһунан хаһыакка суруйан турабыт. Онно ити туһунан маннык кэпсээбитэ.
— Мааттаҕа кыыспынаан сөтүөлүү барбыппыт. Элбэх оҕо баара. Улахан дьонтон үс кыыс кытылга тураллар этэ. Мин харбыы сылдьан, биир оҕо тимирэ-тимирэ тахсарын көрбүтүм. Хайдах эрэ эмискэччи, бу оҕо туох эрэ буолла, диэн санаа көтөн киирбитэ. Наһаа ырааҕа суох этэ. Чычаас сиринэн сүүрэн иһэммин, эмискэ чүөмпэҕэ түспүтүм. Онтон харбаан тиийэммин, уол моонньуттапн ылан, кытылга илдьэн иһэммин, иккис оҕо булумахтана сылдьарын көрбүтүм. Бастакы уолу атаҕым сири булбутун кэннэ биир кыыс ылбыта. Мин иккис уолга ыстаммытым. Ол оҕо мөлтөөн эрэрэ.
Харбаан тиийэн ылбытым. Аны төннөн иһэммин, икки оҕо чачайа сылдьарын көрдүм. Хайдах эрэ ыксал буолла. Мин уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, ол икки оҕону туох баар күүспүн мунньаммын, харбыыр, умсар аҥаардаах анньыалааммын кытылга таһаартаабытым. Онтон ол кыргыттар ылаттаабыттара.
Туох дьоруойустубата кэлиэй. Мин оннубар киһи барыта инник гынар ини, – диэн Петр сэмэйдик кэпсээн турар. Сурулллубут суоруллубат. Бу түбэлтэ туһунан биһиги бүгүн архыыппытын булан хос аахтыбыт. Ама да ааспытын иһин, кырдьык кыл түгэн, ыарахан быһылаан тахса сыспытын, Петр Алекеесв спортсмен-спортсмен курдук, ыксаллаах түгэҥҥэ уолуйан хаалбахха, хорсун санааны ылыммытын сөҕө-махтайа ааҕаҕын уонна киэн туттаҕын.
Бу түгэн кэнниттэн аҕыс сыл ааста. Ууга түһэ сыспыт оҕолор улаатан, олох хаамыытынан этэҥҥэ бары үлэлии, үөрэнэ сылдьаллар. Онтон Петр элбэх оҕолоох улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, эрэнэр эркинэ.
Ити түгэн кэнниттэн Петры наҕараадаҕа түһэрбиттэрин өр да күүттэрдилэр. Ол эрэн бүгүн күүтүүлээх телефон звонога кэлэн, Петр Алексеев Хорсун быһыыта бигэргэнэн, Москваҕа Дойдубут Президенэ Владимир Путин илии баттааһыннаах наҕарааданы күүтүҥ диэн дьонугар иһитиннэрдилэр. Онон аҕыс сыл буолан баран, наҕараада Дьоруойун булла… Үөрэбит, киэн туттабыт, наҕараада айаннаан кэлэрин күүтэбит.
О награждении государственными наградами Российской Федерации
ВЫПИСКА
За смелые и решительные действия при спасении людей в экстремальных условиях наградить
МЕДАЛЬЮ «ЗА СПАСЕНИЕ ПОГИБАВШИХ»
АЛЕКСЕЕВА Петра Петровича, Республика Саха (Якутия).
Президент
Российской Федерации В.Путин
Москва, Кремль
21 ноября 2024 года
№ 993
Күннэй Алексеева