Атамай нэһилиэгин биир чаҕылхай ыччата Аввакумов Анатолий Анатольевич 2022 с. балаҕан ыйын 24 күнүгэр байыаннай дьайыыга бэбиэскэ тутан, мобилизацияланан дойдутун көмүскэлигэр барбыта. СВО-ҕа хорсуннук кытта сылдьан, бу дьыл бэс ыйын 29 күнүгэр соһуччу сырдык тыына быстан, Орто дойду олоҕуттан туораабыта атырдьах ыйын 8 күнүгэр 40 хонуга буолла.
Туолук 1985 с. кулун тутар 27 күнүгэр Мотрена Афанасьевна уонна Анатолий Дмитрьевич Аввакумовтар дьиэ кэргэттэригэр бэһис оҕонон Күн сирин көрбүтэ.
1992 с. Атамай орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕэр олус кыһамньылааҕа, сөбүлүүр биридимиэттэрэ математика уонна физкультура этэ. Спортсмен бэрдэ. Оскуола, нэһилиэк чиэһин спорт араас көрүҥэр ситиһиилээхтик көмүскүүрэ. Ордук волейболунан, мас тардыһыытынан, чэпчэки атлетиканан, национальнай ыстаныыларынан умсугуйан туран дьарыктанара. Нэһилиэк Ыһыаҕар ыытыллар «Эр Бэрдэ» күрэххэ кыттан, хас да төгүл кыайыылаах үрдүк аатын сүкпүтэ.
Туолук оскуолаҕа үөрэнэр эрдэҕиттэн убайдарын кытары тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан, тутууга, тиэхиньикэҕэ сыстыбыта. Сатаабаппын диэн толлон турбата. Барытыгар ылсан иһэрэ.
2002 с. Атамай орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, Россия Армыйатын кэккэтигэр ыҥырыллан, төрөөбүт дойдутугар ытык иэһин чиэстээхтик төлөөн, страшай сержант званиелаах кэлбитэ. Дойдутугар Николай Гаврильевич Семеновтыын бодоруһан, нэһилиэккэ күөх төлөн киириитигэр, массыына өрөмүөннээһинигэр үлэлэһэн, элбэх тиэхиньикэни оҥорон, дьон биһирэбилин, хайҕабылын ылыан ылбыта.
2004 с. Туолук олоҕун аргыһын Юлиананы көрсөн, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, ыал буолбуттара. 2009 с. тапталларын бэлиэтэ кыыс оҕоломмуттара.Туолук ыал аҕата буолан, бэйэтэ сүүрэн-көтөн, мас кэрдэн, алаһа дьиэ туттан, нэһилиэк биир дьоһун ыала буолбуттара.
Кини бииргэ төрөөбүт эдьиийдэригэр, бырааттарыгар бэйэтэ көрөн-истэн, ыйан-кэрдэн, дьиэлэрин тутан дьэндэппитэ. Кэлин бэйэбит уолбутунаан Ефим Павловтыын биригээдэ тэринэн, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар тиийэ аныгы матырыйаалынан дьиэлэри туппуттара.
Түргэн-тарҕан туттуулаах буолан, дьон хайҕабылын, махталын ылара. Ол курдук, үлэҕэ барытыгар сатабыллааҕа. Чугастык алтыспыт аймахтара Петровтар буолаллар. Онно техникаларын оҥорсон, оттоһон, ынах сүөһү, сылгы да көрсөн, мэлдьи көмөлөсүһэллэрэ. Тыа сирин үлэһит киһитин сиэринэн оттоон-мастаан, бултаан-алтаан, үлэни өрө тутара.
2016 с. күүтүүлээх, туйах хатарааччы уол оҕоломмуттара. Юлианалаах Туолук үөрүүлэрэ өссө үксээбитэ. Туолук уолун быыкаа эрдэҕиттэн массыына оҥороругар, уһанарыгар тэҥҥэ илдьэ сылдьара, кыра диэбэккэ көмөлөһүннэрэрэ. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт буолан, олус оҕомсоҕо.
Оҕо эрдэҕиттэн ас астыырын туохтааҕар да ордороро, кини астаабыт аһа олус минньигэс буолара. Тыа сирин аҕыс оҕолоох Аввакумовтар дьиэ кэргэн үһүс уоллара буолан, кыра бырааттарыгар, балтыларыгар холобур буолара, элбэххэ үөрэтэрэ, сүбэлиирэ-амалыыра. Атын да дьон көмө көрдөстөҕүнэ туора турбакка, барыларыгар көмөлөһөрө.
Кини оҕолоругар, тапталлаах кэргэнигэр, аймахтарыгар, табаарыстарыгар уонна ыччаттарга эркин курдук эрэнэр киһилэрэ, тапталлаах аҕалара, эрэллээх доҕордоро, үтүө сүбэһит, элэккэй, эйэҕэс майгылаах, эппиэтинэстээх, тулуурдаах, эппит тылыгар турар, былааннаабыт сыалын тиһэҕэр тириэрдэр үтүө санаалаах хорсун көнө киһи быһыытынан өйдөбүл үйэ саас тухары хаалыа.
Туолук дойдутун эйэлээх олоҕун көмүскүү СВО-ҕа барбыта. Онно Улан Удэ куоракка анал үөрэҕи ааһан, тута отделение хамандыырынан талыллыбыта. Хамандыыр быһыытынан улахан эппиэтинэскэ ананан, бииргэ сылдьар уолаттарын убай киһи быһыытынан бүөбэйдээн, ас астаан аһатан, көрөн-истэн, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри сылдьыбыта. ДНР, ЛНР уонна Запорожскай, Херсонскай, Бахмут уобаластарын сирдэригэр-уоттарыгар сулууспалаабыта.
2024 с. бэс ыйын 29 күнүгэр байыаннай сорудаҕы толоро сылдьан, артиллерия снарядыттан эчэйбит бииргэ сулууспалыыр уолаттарын быыһаан, бэйэтэ ыараханнык бааһыран, госпитальга тиийэн, сырдык тыына быстыбыта.
Старшай сержант Анатолий Анатольевич парашютно-десантнай иккис батальон, иккис рота, бастакы взод үһүс отделениетын хамандыыра, Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ.
Этиллибит тыл таах хаалбат, суруллубут суоруллубат, сүрэххэ киирбит сүппэт. Кини туһунан үтүө өйдөбүл өрүү биһиги өйбүтүттэн -санаабытыттан сүтүө суоҕа.
Биһиги биир эдэр эрчимнээх, күүстээх санаалаах чаҕылхай уолбут Туолукпут кылгас, чаҕылхай олоҕу олорон аастаҕа. Өссө да элбэҕи оҥоруо, айыа-тутуо, олоруо хааллаҕа…
Ийэ дойдутун туһугар эдэркээн олоҕун толук уурбут биир дойдулаахпыт, нэһилиэк киэн туттар ыччата сырдык олоҕо, хорсун быһыыта хаһан да умнуллуо суоҕа, үтүө аата үйэлэргэ ааттана туруоҕа.
Быдан дьылларга бырастыы, киэн туттар уолбут, эрэллээх табаарыспыт, хорсун буойуммут Анатолий Анатольевич.
«Атамай нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата.