Норуодунай бэйиэт Савва Тарасов ийэтэ Александра Романовна

Норуодунай бэйиэт С.И.Тарасов ийэтин туһунан суруйуулар суохтарын кэриэтэ. Ол иһин кини күн күбэй ийэтин туһунан суруйарга сананным.

Бэйиэт ийэтэ Александра Романовна Степанова Арҕаа Хаҥалас Мытааҕыттан төрүттээх. Аҕата, Роман Кузьмич Степанов, икки кэргэниттэн 16 оҕоломмут. Маҥнайгы кэргэнэ Феодосияттан Филипп Романович, Матвей Романович, Григорий Романович, Данил Романович, Анастасия Романовна, Екатерина Романовна, Марья Романовна, Григорий Романович-II диэн оҕолор төрөөбүттэр. Феодосия эрдэ өлөн, бу аҕыс оҕо тулаайах хаалбыт. Огдообо, элбэх оҕолоох киһи Степанида Осипова диэн эдэр кыыһы кэргэн ылбыт. Кинилиин өссө аҕыс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэр. Александра Романовна (Савва Иванович ийэтэ), Дария Романовна, Улита Романовна, Ульяна Романовна, Пелагея Романовна, Герасим Романович, Николай Романович, Анастасия Романовна инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, аас туор олохтоох да буоллаллар, улаатан киһи хара буолбуттар.

Бэйиэт ийэтэ Александра Романовна Иван Яковлевич Тарасовка кэргэн тахсан, ыал буолан олорбут сирдэрэ Өртөн үс көстөөх Чычаас учаастага. Уруккута улахан айан суола ааһар, бэйэтин кэмигэр үгүс киһи айаннаабыт, тоҕуоруһан аххан ааспыт сирдэрэ. Чычаас ураты кэрэ, киһи эрэ санаата тохтуур, дууһата сэргиир, остуол сирэйин курдук көнө ньуурдаах, иҥэмтэлээх оттоох ходуһалардаах, балыгынан баай күөллэрдээх сир буоларын үгүс дьон уос номоҕо оҥостон кэпсииллэр.

Савва Иванович бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Анисия Ивановна, сааһыран олорон, төрөөбүт дойдутун Чычааһын туһунан бу курдук суруйбута:

“Биһиэхэ төрөөбүт төгүрүк алааспытыттан ордук күндү, кэрэ суох этэ. Бөлкөй-бөлкөй үүммүт үөмэх үөттэрдээх, кэрии тыатын саҕатыгар кэккэлээбит айгыр-силик бэйэлээх, туналҕаннаах ньуурдаах байбарыын хатыҥнардаах, силигилии сиппит сиэдэрэй бэйэлээх сибэкки симэхтээх, күҥҥэ көччүйэ ыллыыр дьирибинэс күөрэгэйдээх, үтүмэн үгүс үрүмэччи үөрдээх биһиги оччотооҕу алааспыт чахчы олоҥхо дьиҥнээх дойдута этэ. Кыракый өтөхпүт анныгар Дьырымы диэн от үрэх оҕото сүүрдэрэ. Биһиги дьарамай далаһаҕа умса тайана сытан, үрэх түргэн сүүрүгэр уйдаран, күөнэх балык, үргүүк үөр сылгы сиэлин курдук субулла устарын салгыбакка көрөрбүт. Үөскээбит үрэхпит барахсан кылыгырас уута ыраас да, сөрүүн да буолара. Тулабыт барыта хампа күөх, сып-сырдык, ып-ыраас, киһи ыллыан туойуон курдук кэрэтэ”.

Дьэ бу курдук, үтүө дойдуга Тарааһаптар, оччотооҕу саха ыалын сиэринэн, ынах иитэн, сылгы тутан, таба көрөн олорбуттар. Кинилэр олорбуттарын устата уонтан тахсата оҕоломмуттар. Ол эрэн, бастакы оҕолоро утуу-субуу төннүтэлээн испиттэр. Арай 1917 с. төрөөбүт, Савва диэн сүрэхтээбит уоллара тулуктаһан, борбуйун көтөҕөн улаатан барбыт. Инньэ гынан, кинини баттаһа төрөөбүт иккис уолу эмиэ Савва диэн ааттаабыттар. Онтон бастакы кыыстара Анисия төрүүр. Үһүс уол төрөөбүтүн эмиэ Савва диэн сүрэхтииллэр. Онтон кыра кыысчааннара Анна күн сирин көрөр. Онон дьылҕа хаан биэс оҕоҕо күн сирин көрөр дьолу биэрбит.

Сэрии сылларыгар Чычааска Сталин аатынан холкуос тэриллэн, киэҥ нэлэмэн ходуһалардаах, 11 гектаарга тиийэр ыһыы сирдээх, үлэни кыайар үлэһит үтүө дьонноох, тулатыгар баар учаастактары түмэн, тигинээн-таҕынаан олорбут. Ылыннарыылаах тылынан, дьоһун салайыытынан «Кырдьаҕас Бассабыык» диэн аатынан норуокка биллибит, ыал аҕа баһылыга Иван Яковлевич, 1938 с. саҕалаан холкуос бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Сэрии ыар сылларыгар холкуоһун дьонуттан биир да киһини аччыктаппатах, сутаппатах. «Аҥаардас ити иһин Иван Яковлевич барахсан сырдык кэриэһигэр биһиги тыыннаахтар сүгүрүйүөх тустаахпыт. Кини үтүө аата ахтыллара сиэрдээх дии саныыбын», – диэн махтана ахтар улууспут биир киэн туттар салайааччы дьахтара Мария Григорьевна Тарасова.

Оттон дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ Александра Романовна, ити кэмҥэ холкуос туох баар үлэтигэр барытыгар үлэлэһэн, дьиэтин-уотун дьаһайан, оҕолорун көрөн-харайан, дьиэ кэргэн олоҕун укулаатын тутан олорбут. Кини холку майгылаах, киэҥ көҕүстээх, күүстээх санаалаах, олус үлэһит, түргэн-тарҕан, дьаһаллаах далбар хотун эбит.

1943 с. аҕаларын атын үлэҕэ анааннар, оройуон киинигэр Бэрдьигэстээххэ көһөн киирбиттэр, Өктөөп уулуссаҕа турар дьиэҕэ олорбуттар. Александра Романовна (билигин эргэ гимназия дьиэтэ диэн ааттанар) орто оскуолаҕа, оһох оттооччунан уонна дьиэ сууйааччынан үлэлээбит. Түргэн-тарҕан, ыраас туттунуулаах буолан, учууталлартан үгүс махтал тылларын истибит. Ийэбитигэр көмөлөһөн, оскуоланы элбэхтик сууйбуппут диэн ийэм Анисия Ивановна кэпсиир буолара.

Александра Романовна бииргэ төрөөбүттэригэр аптарытыаттааҕа. Кини сүбэтин-аматын, дьоһуннаах тылын сүрдээҕин ылыналлара, истэллэрэ үһү. 40-с, 50-с сылларга орто оскуола Бэрдьигэстээххэ эрэ баара. Онон элбэх аймах оҕолор үксэ кинилэргэ олорон үөрэммиттэр, дьиэ кэргэн ийэтин сылаас аһын, истиҥ сыһыанын билбиттэр.

Дьоҥҥо-сэргэҕэ сиэрдээхтик, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарга, кэрэни кэрэхсииргэ, сиэри-туому тутуһарга айылҕаны таптыырга, харыстыырга Александра Романовна мындыр өйүнэн, өбүгэ үйэлээх үгэстэринэн салайтаран ииппитэ-такайбыта. «Ийэбит биһигини айылҕаны өйдүүргэ уонна таптыырга олус ылыннарыылаахтык, боростуойдук, тиийимтиэтик үөрэтэрэ. «Аньыы, лабааны тоһутумаҥ», «сибэккини мээнэ үргээмэҥ», «чыычааҕы соһутумаҥ, уйатын алдьатымаҥ», «киэһэ улаханнык хаһыытаамаҥ, күлсүмэҥ, сарылаһымаҥ – сир иччитин үргүтүөххүт» диэн мэлдьи такайара-үөрэтэрэ. Айылҕа син биир киһи курдук үөрэр-хомойор, ыалдьар-ытыыр дууһалаах курдук кэпсиирэ. Сороҕор айылҕа атаҕастабылы тулуйбатын, хаһан эмит иэстэһэрин туһунан бараммат дьикти номохтору кэпсиирэ.

«Тыҥырахтаах көтөрдөрү өлөрүмэҥ, уйатын аттынан сылдьымаҥ, кинилэр кырыыстаахтар, ол кырыыстара үйэлэргэ салҕанан, кэлэр көлүөнэҕэ кытта тиийэр үһү» диэн сэрэтэрдии тоһоҕолоон этэрэ. «Улахан көтөрдөр: кубалар, кыталыктар, туруйалар киһи курдук үйэлэригэр биир таптыыр доҕордоох буолаллар үһү. Кинилэр таптыыр доҕордорун сүтэрдэхтэринэ куруутун ытыы-соҥуу сылдьаллар, доҕордорун кэриэстээн өлбүт сиригэр тоҕус сыл устата сайынын ахсын төннөн кэлэн, ытаан-айманан, алааһы тоҕуста эргийэн бараллар» диэн уостубат уос номоҕо буолбут үһүйээни кэпсиирэ» – диэн Анисия Ивановна ийэтин оҕону иитэр ньыматын туһунан 1992 с. «Үлэ күүһэ» хаһыат 22 ньүөмэригэр «Айыллыбыт айылҕабыт абылаҥа» диэн суруйуутугар үйэтиппитэ.

Дьэ ити курдук, норуодунай бэйиэт Савва Тарасов ийэтэ Александра Романовна норуот дириҥ философиятын, педагогикатын туһанан ииппит-такайбыт оҕолоро бары дьоһуннаах, билиилээх-көрүүлээх, үөрэхтээх, үтүө үлэһит дьон буола улааппыттара.

Улахан уол Савва Иванович Тарасов-I сэрии иннинэ Мытаах нэһилиэгэр «Эргис» холкуоска суотчутунан үлэлии сылдьан, 1941 с. атырдьах ыйыгар армияҕа ыҥырыллыбыта. Кини III гвардейскай стрелковай полкаҕа, 40 гвардейскай дивизияҕа рядовой байыаһынан сылдьан, 1942 с. сэтинньи 11 күнүгэр Волгоград куорат анныгар баар Перекопка таһыгар буолбут кыргыһыыга геройдуу охтубута.

Иккис уол Тарасов Савва Иванович-II финансист үөрэхтээх этэ. Райстакка инспекторынан, райсовекка буҕаалтырынан, киинэҕэ, култуура салаатыгар о.д.а. дуоһунастарга ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Оройуон ааҕааччыларыгар Оллооноп диэн псевдонимынан биллибит бэйиэт. Кини хоһоонноро оройуон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар элбэхтик бэчээттэммиттэрэ. Тыыл үлэтигэр актыыбынайдык кыттан «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1974 с. ыарахан ыарыыттан өлбүтэ. Кини биэс оҕо амарах аҕата этэ. Билигин кини оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Бэрдьигэстээҕинэн, Дьокуускайынан олороллор.

Үһүс оҕо – Анисия Ивановна Тарасова-Кириллина Дьиикимдэ оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан, завуһунан өр кэмҥэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, оҕо-аймах тапталын — махталын, убаастабылын ылбыта. Кини салайааччы быһыытынан үлэлиир сылларыгар оскуола оройуоҥҥа бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьара. Биэс оҕотуттан билигин түөрдэ үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьар, 15 сиэн, 5 хос сиэн кини олоҕун салгыыллар.

Александра Романовна төрдүс оҕото саха норуотугар киэҥник биллибит Тарасов Савва Иванович-III буолар. Российскай Федерация, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха норуодунай бэйиэтэ, Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата, СӨ, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Улуу Пушкин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Өр кэмҥэ Саха сирин суруйааччыларын союһун салайбыта, СӨ Духуобунаска Академиятын академига. Кини олоҕун икки кыыс, икки сиэн оҕо салгыыллар.

Кыра кыыс Анна Ивановна эмиэ учуутал үөрэҕин бүтэрэн, оройуон оскуолаларыгар учууталлаабыта. Сэрии сылларын содулугар ыарыһах буолан, эдэр сааһыгар өлбүтэ.

Ити курдук, норуодунай бэйиэт Савва Тарасов ийэтэ Александра Романовна ийэ буолбут аналын чиэстээхтик толорон, 1954 с. сирдээҕи олоҕо түмүктэммитэ. Билигин кини олоҕун кэнчээри ыччаттара – уон икки сиэн, отут хос сиэн, биэс уон хос-хос сиэн уонна биир хос хос хос сиэн салгыыллар. Эбэбит аатынан ааттаммыт сиэннэр Александра Саввична Тарасова-Борисова, Александра Михайловна Кириллина-Колесова учуутал идэтин баһылаан, улууспут үөрэҕириитин сайдыытыгар уһун сылларга үлэлээтибит. Ону тэҥэ медицина, билим, суут-сокуон, тутуу, суол, атыы-эргиэн эйгэтин үлэһиттэрэ, «Боинг» көтөр аал хамандыыра уонна да атын идэлээх сиэннэр, хос сиэннэр норуот хаһаайыстыбатын араас эйгэлэригэр үлэлии-хамныы, айа-тута сылдьаллар.

Александра Колесова,
Россия үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна,
Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.