(салгыыта)
– Ээ, махтал. Наһаа минньигэс барыанньа. Киһи эрэ сии олоруох курдук. Оҕолорбут, Николаевтар барахсаттар, олох кыайан быһаарыллыбакка олороллор. Эн Гошаҕынаан туох диэн быһаарынныгыт? – социальнай үлэһит барыанньаны минньигэһиргэппиттии сии олорон ыйытар.
– Гоша ордук кыра уолга ымсыырар. Чахчы ылар чугас аймахтара суох буоллахтарына, иккиэннэрин да ылыахпытын баҕарабыт.
– Оо, бэрт да буолуо эбит да, Митя барахсаны ханна соҕотохтуу хаалларабыт? Уонна уол бырааттаах балтын ытаан-соҥоон, сүгүн биэрбэккэ кыһалҕаны оҥороро буолуо. Киһи да аһынар. Детдомҥа соҕотохтуу ыытан кэбистэххэ, үйэ тухары, хомойуо, атаҕастаан ыыттылар диэҕэ.
– Оннук, Мария Семеновна, сөпкө эттиҥ. Биһиги кыра оҕолору ылыахпытын баҕарабыт да, улахан уолтан тутуллабыт, оҕону хомотуохпут диэн. Гоша ылыахха да үһүөннэрин ылыахха, суох да суох диир. Ону мин улааппыт оҕону иитэр ыарахан буолуо диэн саллабын.
– Оҕолору араарбат үчүгэй буолуо этэ да, сысталлар үһү дуо? Үс буоллахтарына, чугаһыахтара суоҕа, – Мария Семеновна саарбаҕалаабыттыы туттар.
– Оннук. Гоша кыра уолга ымсыырар. Мин балтым биэс оҕолоох, алтыс оҕотугар ыарахан. Гошабын кытта сүбэлэһэн баран, онно бараары гынабын.
– Ээ, бэрт дии, – Мария Семеновна үөрэ түһэр. – Оччоҕо уолаттары хайыахпытый, детдомҥа ыытарбытыгар тиийэбит. Онтон ыксаатахпытына, кыыһы үс уоллаах Харитоновтарга биэрэрбит дуу, кыыска ымсыырар аҕай.
– Бэҕэһээ оскуолаттан кэлэн иһэн, детсадка сырыттым. Наташаны көрөөрү, воспитатель Анна Семеновна туох эрэ диэтэ быһыылаах. Сүүрэн тыбыгырайан кэлэн кууһа түспүтүн көтөҕөн ыллым. Бору-боточчу идэһиттэн сыллаан ылбыппар, моонньубуттан ыга да ыга кууста, – Нарыйа Ивановна хараҕа ууламмытын туора соттон кэбистэ.
– Хайа, Нарыйа Ивановна, туох буоллуҥ? Итиччэ ымсыырар, оҕоргуур буолан баран ылыаххын. Паапаҕыт да сирбэт эбит.
– Паапабыт? – эдэр дьахтар уйадыйан хараҕын саба тутунна.
– Хайа, Нарыйа Ивановна, туох буоллуҥ? – Мария Семеновна соһуйа түһэр. – Туохтан санааҥ түстэ?
– Кыра кыыһы Наташаны ылыахпын баҕарабын, эмиэ да балтым кыыһыгар, саҥа төрөөбүт кыыска, ымсыырабын. Ону паапабыт сөбүлээбэт. Кини уолаттарга ымсыырар эбит.
– Оо, чэ, хайаахтыай,наһаа айманыма. Иккиэн биир тылы булуоххутун наада, – Семеновна тугу да быһааран этиэн булбакка, чуумпуран хаалар.
– Гоша ийэтэ, Мавра, “Оҕоҕут суох» диэн иһиликтэнэр-таһылыктанар аххан. Гошабын таптаабатым буоллар, дойдубар баран да хаалыахпын саныыбын. Тиийдэрбин балтым оҕотун ииттэрэ биэриэ этэ. «Оҕолонор санаам суоҕа. Эйиэхэ эрэ анаан оҕолонобун», – диэбитэ. Манна кэргэним ийэтэ «оҕоломмот дьахтар» диэн сөбүлээбэтин билэллэр эрээри, хаһан да арахсыҥ, көһөн кэл диэччилэрэ суох. Ким оҕоҕо баҕарыа суоҕай? Бэйэҕэ кыаллыбат буоллаҕына, хайдах табылларынан, оҕо сытын ыла сатыыр буоллаҕым. Уонна балтым оҕото бэйэм хааным буоллаҕа. Былыр- былыргыттан оҕо сыта тардыылаах дииллэр. Баҕар, бэйэбитигэр оҕо үөскүө турдаҕа. Оччоҕо уйабытын араҥаччылаан, дьиэбит барахсан оҕо саҥатынан, оҕо сытынан туолуо этэ, – Нарыйа долгуйбутуттан, куолаһа титирэстээн олорор.
– Чэ, уоскуй, наһаа айманыма. Ол Мааппа куһаҕан баҕайы саҥнаах эмээхсин. Оннооҕор соҕотох кыыһын Арисаны батарбат. Күтүөтү икки атаҕынан куоттарбыта, – Мария Семеновна ааттаабыттыы дьахтары саннын имэрийдэ.
– Ээ, суох, үөрэх дьыла саҥа саҕаланна дии. Аны барбатым чуолкай да, дойдубар оҕо көрө бара сылдьарым буолуо, – Нарыйа өрө тыынар.
– Ээ, бар ээ, оҕону көрө бараргын ким да туппат. Бар, оҕо сыта диэн этэргин наһаа сөбүлүү иһиттим, – социальнай үлэһит астыммытын биллэрдэ.
Эмискэ терраса оҕолор саҥаларынан туола түстэ. Күлсэн кыччыгынаһар саҥаны кытта эр киһи дьаһайар куолаһа иһилиннэ. Улаханнык күүттэрэ барбакка, дьиэ аана тэлэччи аһылларын кытта, күлбүтүнэн бэйэтэ да кыараҕас хараҕа көстүбэт буолбут, дьиэ аҕа баһылыга Гоша кыра кыыһы Наташаны көтөҕөн, уолаттары батыһыннаран, күйгүө бөҕө буолан, үөрэн-көтөн киирэн кэллилэр.
– Маамабыт, оҕолоргун көрүс, үһүөн биһиги оҕолорбут буоларга сөбүлэһэн, дьиэ боруогун атыллаатылар.
– Оо, хата, бу үчүгэй сонун. Гоша, дьэ, маладьыас. Паапалара оҕолорун булан аҕалбыт. Нарыйа, туруоҥ дуо, оҕолоргун көрүс, – Мария Семеновна дьахтары оҕолорго үтүрүйбүтүгэр, кыра кыыс: «Маама», – диэбитинэн Нарыйаны моонньуттан кууһан ылла. Гоша саҥа таһааран ытаһа турар уолаттарын кууһан ылан, ийэлэригэр аспытыгар, дьахтары икки өттүттэн биилиттэн куустулар. Нарыйа үөрүүтүттэн хараҕын уута ыгыллан кэлбитин сотторун быыһыгар оҕолору үһүөннэрин холбуу кууһан ылла.
– Сотору оҕолорбутун көрдөрө таарыйа Тааттаҕа барыахпыт. Кырабытын ылыахпыт, – Гоша тапталлааҕын кулгааҕар иһиллэр-иһиллибэттик сибигинэйэр.
– Гоша, кырдьык дуо? Эйиигин наһаа да таптыыбын, – Нарыйа кэргэнин моонньуттан кууспутугар, оҕолор ытамньыйан, харахтарыттан уу-хаар баспыттарын көрөн, ийэлээх аҕа кыыстарын көтөҕөн, уолаттарын бэйэлэригэр сыһыары тардан ыллылар.
Мария Семеновна таһыттан көрөн туран, бэйэтэ да билбэтинэн, уйадыйан, хараҕыттан уу-хаар тахсыбытын туора сотто турда.
Татьяна Находкина
Елена Дьячковская уруһуйа
edersaas.ru