Тимченко фондатын өйөбүлүн ылбыт «Сэлиэнньэ оҕолорго — оҕолор сэлиэнньэҕэ» бырайыак чэрчитинэн оскуола үөрэнээччилэригэр туһалаах тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Оҕолор, учууталларын кытары, сайыҥҥы кэм кэрэтин баттаһа, айылҕа бэлэҕин хомуйан, араас бородууксуйаны оҥордулар. Биир сонун бородууксуйанан хара хаптаҕастан оҥоһуллубут «Атамай бэлэҕэ» бренд-бокс буолла. Бокс иһигэр, Бэс Күөлүн аатырбыт минньигэс хара хаптаҕаһыттан пастила, чэй уонна барыанньа киирдэ.
Саҥа үөрэх дьылыгар, оҕолор айылҕа бэлэҕиттэн араас бородууксуйалары оҥорон атыыга таһаарыахтара, чинчийэр үлэ ыытыахтара.
Валентина Яковлева