Оҕолору умсугутар кинигэлэрдээх

Петр Денисович оҕолорго анаан «Кэрчиктэр» (1971), «Тимка улаатар» (1973), «Окко түспүт оҥоһуум» (1975), «Сир симэҕэ» (1976), «Төрөөбүт буор сылааһа» (1978), «Балыс» (1981), «Ол маннык этэ» (1980) диэн кэпсээн, сэһэн кинигэлэрин бэчээттэппитэ. Остуоруйалара, кэпсээннэрэ учебниктарга, араас хомуурунньуктарга киирбиттэрэ.
Суруйааччы оҕолорго анаммыт айымньыларыттан биһиги библиотекабытыгар баар «Балыс», «Сестричка — невеличка», «Сир симэҕэ», «Окко түспүт оҥоһуум» диэн кинигэлэрин оҕолор бэркэ сөбүлээн ааҕаллар.
«Тимка улаатар» диэн кыра оҕолорго кэпсээннэрэ нуучча суруйааччыта Евгений Чарушин автобиографическай кинигэтин санатар. Оттон «Балыс» диэн кинигэтэ нууччалыы «Сестричка-Невеличка» диэн тылбаастанан тахсыбыта. Манна эмиэ Тима уол балта Туйааралыын улааталлара көстөр. Куорат оҕолоро эһэлэригэр тыаҕа айанныыллара, тыа олоҕун кытта ыкса билсэллэрэ судургу тылынан кэпсэнэр.
«Сир симэҕэ». Үүнээйилэр тустарынан оҕолорго кэпсээннэр. Кыра саастаах оскуола оҕолоругар анаан суруллубут. Саха сирин үүнээйилэрэ хас да көрүҥэр арахсаллар: от үүнээйилэр, сибэккилээх үүнээйилэр, отонноох үүнээйилэр, мастар, талахтар, сэппэрээктэр, муохтар, тэллэйдэр уо.д.а. Оҕону кыра эрдэҕиттэн айылҕа кэрэтин болҕойон көрөргө, тулалыыр айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэр тэттик кэпсээннэр бу кинигэҕэ суруллубуттар.
«Окко түспүт оҥоһуум». Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар сэһэн. Бу сэһэҥҥэ түҥ тыаҕа олорор Сиэҥкэ уол дьылҕата ойууланар. Чуумпу өтөхтөрүттэн элбэх дьиэлээх-уоттаах “Улуу сыһыы” диэн бөһүөлэккэ олохсуйаллар. Уол оҕо окко түспүт оҥоһуута, сиргэ түспүт сэрэбиэйэ хайдах курдук эриирдээҕин-мускуурдааҕын, сэбиэскэй олох иһин туруулаһар дьалхааннаах кэмнэрин бу сэһэнтэн билсиэххит.
Киэн туттар биир дойдулаахпыт, саха биллиилээх суруйааччыта П.Д. Аввакумов оҕону умсугутар кинигэлэрин библиотекаттан уларсан ааҕыҥ.
Туйаара Максимова,
Бэрдьигэстээх нэһилиэгин
оҕо модельнай библиотекатын методиһа.