Кылгас сайыммыт үтүө күннэрин баттаһан, битэмииннээх оҕуруот астарын көрүү-харайыы, саамай үгэннээн турар кэмэ. Ол эрэн оһуоба тымныы уларыйа сылдьар салгыннаах, сиргэ, Горнай дьоно-сэргэтэ кэккэ күчүмэҕэйдэри көрсөбүт. Ол курдук оҕурсуу сэбирдэҕэ саһарар, аһа улааппат, чаастатык ыалдьар ону тэҥэ эрдэ хаһыҥ түһэр. Өлгөм аһы ыларга уопуттаах оҕуруотчут Агафья Тарасова сүмэлээх сүбэлэрин тускутугар туһаныҥ.
Оҕуруот аһа эбии аһылыкка наадыйар
Оҕурсуугутугар бастаан уута кутуҥ. Ол кэнниттэн марганка убатыҥ, морс курдук ону кутуҥ. Түөрт хонугунан күллэ кутуҥ сухойдуу (ууга суурайбакка). Дьэ ол кэнниттэн килиэби ууга сытыаран настойкалаан баран мэлдьи онон аһата сылдьыҥ (нэдиэлэҕэ биирдэ буолуон сөп). Оччоҕо оҕурсуугутугар магния, калия тиийэн уонна килиэпкит настойката туһалаан сэбирдэхтэрэ саһарбаттар, ыалдьыбаттар астара саһарбат, улаатар уонна элбиир.
Оҕурсу аһа тахсан иһэн тоҕо саһарарый
Оҕурсуу аһа тахсан иһэн саһаран өлөр буоллагына ол аата эбии аһылык тиийбэтиттэн уонна ууну сыыһа кутууттан буолар. Аһын ыһар (формируйсу) гынар бириэмэтигэр уу кутуутун 2 төгүл элбэтэҕит. Саһарбыт оҕурсууларгытын туурталааҥ уонна аттыгар баар сэбирдэхтэрин кырыйталааҥ. Умнаһын 60 см курдук кураанах хааллаҕына эрийэ тутан баран, астаах хаалбыт сэбирдэххитигэр диэри сэрэнэн буорга көмүҥ (кыра мастарынан туттарыаххытын сөп, ити көмпүт умнас силис буолар). Оҕурсууга тымныы уу кутуллубат, лейканан ыһан (тарҕатан) кутуллар.
Маны таһынан, 10 кг ууга 30 хаапыла йод, 20 грамм хаһаайыстыбаннай мыыла, 1 кг үүт барытын үчүгэйдик булкуйан баран оҕурсуу сэбирдэхтэригэр ыһан (опрыскивайдыаххытын) сөп.
Оҕурсуу аһа тоҕо улаатан испэтий
Оҕурсуу үүнэр буоругар кальций тиийбэт буоллаҕына укка тахсыбыт астар ситэ улааппаттар, хатан өлөн иһэллэр, ону тэҥэ оҕурсуу сэбирдэҕэ кумулуллар. Оннук түгэҥҥэ 7,8 шт хаппыт сымыыт хаҕын 700 грамм. бааҥкаҕа бытарытан баран 5кг биэдэрэҕэ суурайан ук аайы кутуллар. Маны таһынан тэпилииссэ иһигэр баахха үүнээйи сэбирдэхтэрин, оту-маһы сытытан 10 күн ааспытын кэнниттэн кутуохха сөп.
Үүнээйи силиһэ бөҕөргүүрүгэр табыгастаах ньыма
Оҕурсуу силиһэ наһаа дириҥник үүммэт, ол иһин буоругар кыра маһынан хайаҕастары оҥортооҥ бу силискэ салгын киирэригэр, силис ыарыыттан харыстанарыгар туһалыыр.
Нина Сутакова бэлэмнээтэ