Оҕуруотчуттар бу маннык уоҕурдуулары туһаналлара табыгастаах.
Кальциевая селитра. Бу уоҕурдуу азот уонна кальций курдук минералларынан баай. Кальций үүнээйи сэбирдэҕэ уонна уга доруобай буоларыгар туһалыыр. Өскөтүн оҕуруот аһын төрдө сытыйар буоллаҕына, кальцийа тиийбэтин туоһулуур. Онон бу уоҕурдуу оҕуруот аһа этэҥҥэ үүнэригэр олус туһалыыр.
Монофосфат калия. Фосфордаах, калийдаах уоҕурдуу. Фосфор үүнээйи силиһэ доруобай буоларын иһин эппиэттиир. Оттон калий оҕуруот аһа элбэх уонна минньигэс буоларыгар көмөлөһөр.
Азофоска. Бу ханнык баҕарар үүнээйигэ сөп түбэһэр уоҕурдуу, манна азот, фосфор уонна калий састааптара тэҥнэр. Буору көбүтэргэ туттуллар, итиэннэ оҕуруот аһын олордор кэм устата туһаныллар.
Сульфат аммония. Азоттаах уонна сералаах уоҕурдуу. Аһыытыҥы буору сөбүлүүр үүнээйилэргэ барсар, холобура гортензияҕа уонна хаптаҕаска.
Сульфат магния. Бу уоҕурдууга баар магний үүнээйи фосфору иҥэринэригэр көмөлөһөр, оттон сера – азоту.
Бу уоҕурдууларынан сөбүн көрөн оҕуруоккут аһын эбии аһата сырыттаххытына, өлгөм үүнүүнү ылыаххыт!
«Далбар Хотун» сурунаал телеграмыттан