Күнүс күн сылыйан, таһырдьа, дьиэ истиэнэтигэр, күүлэҕэ сахсырҕалар тиллэн, төттөрү-таары көтүү бөҕө буолааччылар. Хотонтон ынахтар, атыыр оҕустар таһырдьа тахсан маҥыраһан, айаатаһыы бөҕө. Оҕус харсыһыннарыыта диэн, эмиэ биир кэрэ-бэлиэ кэм.. Хоту хотонтон ыас хара, сүрдээх улахан оҕус тахсара. Бадык Баһылайдаах кыһыны быһа аһаппыт оҕустара өссө модьураабыт, улааппыт буолара. Кыһылынан күлтээриччи көрбүт, уулаах хараҕа, өссө ынырык дьүһүннэнэн көстөр. Хотон таһынааҕы хара буору харса суох айаатыы-айаатыы, тоҕута кэйиэлиир, өрүтэ баһан, онто да суох сытыы муоһун сытыылаан, буору хаһан бурҕаҥнатар. Кэтит, суон моонньугар өрүтэ баһан ыһар. Суос-суодал бөҕө, ынырык суоһурҕаныы. Ол быыһыгар ынахтар эмэһэлэрин сытырҕалаан, сылларыттыбыт муннуттан уу-хаар сынньылыйан түһүтэлиир, сыллаан сылтарыҥныыр, көҕүйэн көхсө кырдьыгыныыр.
Аҕыстаах, уон иккилээх, соҕуруу хотоннортон эмиэ атын атыыр оҕустар айаатааһын бөҕөтө. Биһиги түөлбэ оҕуспут, хара эриэн, уһун систээх, кылгас атахтардаах, бэйэбит санаабытыгар сүрдээх улахан оҕус буолан көстөрө. Эмиэ дьэ, тэҥнээҕим ханна баарый диэбиттии, харса суох, иһэ хапсыҥныы-хапсыҥныы, айаатаан аан дойдуну аймыыр.
Соҕуруу хотонтон кыһыл эриэн, эмиэ сүрдээх амырыын дьүһүннээх атыыр оҕус, хара буору тоҕута баһан бурҕайан, көстөр дьүһүнэ-бодото туохха да майгыннаабат гына уларыйан, аҕыс айдааны, тоҕус моргуору түһэрэн, кыыһырыы бөҕөтүн кыыһыран, харсар сирдэригэр, аҕыстаах хотон таһыгар алтахтаан кэллэ.
Аҕыстаах хотон баар суох тапталлаах, мааны атыыр оҕустара, сүрдээх сымнаҕас майгылаах, лээһэйбит уһун систээх, кып-кыра модьу баҕайы атахтардаах, намыһах уҥуохтаах Лэһэтэй диэн ааттаах оҕустара «мин манна хаһаайыммын» диэбиттии, иһин түгэҕиттэн эҥсэн, айаатаа да айаатаа буолла.
Соҕуруу хотон атыыр оҕуһун хаһаайыттара – Тимэппиэйэптэр. Оҕустара, хаһаайыттарын батыһыннарбытынан тиийэн кэлэн, хотон урукку түптэтин сыыһын өрө бурҕайан кэбистэ. Хардары-таары атахтарынан буору үлтү бурҕайан, үрдүлэригэр ыһыннылар. Суос-суодал, мөҥүрэһии, ол быыһыгар күрэстэһээччилэрин куттаабыттыы айаатаан ылаллар.
Биһиги оҕуспут Лэһэтэй, киниэхэ холоотоххо кырата, синньигэһэ харахха ала быраҕылынна. Ол да буоллар суоһа-суодала сүр. Буору-сыыһы бурҕайар, санаабытыгар, ордук улаханнык мөҥүрүүр.
Биһиги, оҕолор, күрүө быыһынан киксэрии бөҕө «Муос-таас, муос-таас». Оҕустар, өр соҕус ойоҕосторунан күрдьүөтэһэн баран биирдэ, муос тыаһа, хаптаһыны хаптаһыҥҥа охсубут курдук, өрө барчалана түстэ. Харсыһыылаах атыыр оҕустар, харса суох тирэнэ-тирэнэ, муостарынан анньыһыы кытаанаҕа буолла. Эргийэ сылдьан, хардарыта-таары, сири тоҕута тэпсэн кэбистилэр. Харса суох, кутуруктара хоройо-хоройо, суптурута түһүтэлэстилэр, эргийэн кулахачыстылар.
Оҕо-аймах үөрүүтэ, хаһыыта сүрдэннэ. Бэйэлэрин оҕустарыгар ыалдьан, хаһыы-ыһыы ынырыга. «Саадьыкка, кэһэт, кэһэт», «Лэһэтэй, кытаат-кытаат… Түһэн биэр…буот-буот»… Оҕустар балай эмэ харса суох түһүөлэһэн баран сылайа быһыытыйан, тохтоон ыллылар. Онтон эмиэ, тыын ыла түһээт, чохчойо-чохчойо анньыһыы бөҕө буолла. Саадьаҕай оҕус кыайара биллэн барда, харса суох Лэһэтэйи атахтарыгар тирэннэрбэккэ күрдьэн күрүлэттэ. Ыһыы-хаһыы сүрдэннэ. Ыанньыксыттар хотонтон тахсан, хаһыытыы-хаһыытыы, оҕустары араартыы сатаан, онон-манан быраҕаттаатылар.
– Нохолоор, оҕус оҕуһу өлөрөрө буолла, ылыҥ, үүрүҥ диибин, – дии–дии Батаах Дуунньата биһигини үүртэлээтэ. Икки Мотуруоналар эмиэ ойон тахсан, оҕустары маһынан бырахпыта буоллулар. Оҕустар дьэ, ууларыгар-хаардарыгар киирэн, харсыһыы кытаанаҕа. Эр-биир, аҕылаһа-аҕылаһа харса суох анньыһан курулатыы. Биир бириэмэҕэ, олуйсуу кытаанаҕар, муос тостор тыаһа «таа-ас» гынна. Лэһэтэй эрэйдээх ойоҕоһунан буола түспүтүгэр, Саадьаҕай оҕус, эмэһэтэ тыаһыы-тыаһыы, хаста да ойоҕоско, буукка сытыы муоһунан батарыта түстэ. Лэһэтэй эрэйдээх өлөр орулааһына таҕыста. Биһиги күрүө быыһыттан ойон тахсан, кыайбыт оҕуһу отунан-маһынан тамнаан, үүрэн кэбистибит. Кыайбыт киһи буолан, мөҕүрүү-мөҕүрүү, туораан биэрдэ.
Лэһэтэй эрэйдээх, хаҥас муоһа төрдүнэн тостон, сүүһүгэр ыйана сылдьар, хаан-сиин бөҕө. Ону таһынан ойоҕоһун икки сиринэн хайыта астарбыта, дириҥ баас буолан ырдьайан таҕыста. Ыанньыксыт дьахталлар аймаммыт хаһыылара сүрдэннэ, биһиги дьиэбит диэки куотар аакка бардыбыт. «Бу, аат оҕолоро, оҕуһу сиэттэхтэрин көрүҥ эрэ. Дьэ, бэйиккэйдэриҥ, ийэҕитигэр, аҕаҕытыгар, биригэдьииргэ этэн ээххитин ылларарбыт буолуо, сэрэниҥ», – кэннибититтэн Дуунньа саҥата, ыһыыта-хаһыыта, умайыктанан олордо.
Ону ол диэбэккэ, аны ойуур быыһыттан хоту хотон ааттааҕа хара оҕус айаатаан, мөҥүрүү-мөҥүрүү иһэрэ көһүннэ. Кэнниттэн хаһаайыттара – Тарааһап Дьөгүөссэ аармыйата – Бааскалар, Быллайдар, Баттыыннар бытарыһан иһэллэрэ, от-мас быыһынан элэҥнээн көһүннэ. Ол аата, эмиэ «сэриигэ» кэлэн иһэллэр…
Михаил Егоров «Оҕо сааһым, Солоҕонум оҕонньотторо» кинигэттэн, 2020 с