“Odunu fest” көхтөөх дьону түмэр

Бүгүн Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр «Оdunu fest» өрөспүүбүлүкэтээҕи фестиваль тэрээһиннээхтик ыытылынна. Тэрээһин чэрчитинэн киэҥ ис хоһоонноох дьыалабыай кэпсэтиилэр, куоҥкурустар, быыстапкалар, маастар-кылаастар буоллулар.

СӨ Урбааҥҥа уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды, улуус баһылыга Никита Андреев, Одуну нэһилиэгин баһылыга Владимир Текеянов, «Кэлэр кэм индустрията» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ салайааччыта Иван Степанов үөрүүлээх арыллыыга эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Дискуссионнай былаһааккаҕа дьон-сэргэ көхтөөхтүк кытынна, санаатын үллэһиннэ. Дьон-сэргэ тыа сиригэр олорорун туһугар усулуобуйаны тэрийии сүрүн оруоллааҕын бэлиэтээтилэр.

Ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии туһунан эттилэр. Оскуолаларга агитбиригээдэни тэрийии, оҕону үлэнэн иитии тоҕоостооҕун о.д.а  бэлиэтээтилэр.

СӨ Урбааҥҥа уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды урбаанньыттарга семинар тэрийэн ыытта. 

Одуну фест-уопут атастаһыыта, биир санаалаах дьону кытта алтыһыы, саҥаны-сонуну саҕыы.