Одуну мүөтүн амсайыҥ

Эһиги хаһан эмит дьиэҕит тэлгэһэтигэр дьоҕус пасекаламмыккыт да? Суох буолуо… Арай сибэкки хойуутук үүнэр тиэргэнигэр, хонууга, сыһыыга мүөт хомуйар ыҥырыалар түмсэллэрин, үөмэхтэһэллэрин, дыыгынас ырыаларын истэн ааспыккыт буолуо.

Одунуга былырыыҥҥаттан дьиэтин тэлгэһэтигэр ыҥырыа иитэр, дьоҕус пасекалаах Галина  Кудаисоваҕа ыалдьыттаатым. Быйыл үс ыҥырыа уйатыттан 30 кг мүөтү ылбыт. Олохтоохтор минньигэс, доруобуйаҕа туһалаах мүөтү амсайбыттар.

Галина оҕо сааһыттан ыра санаа оҥостубут дьарыгын олоххо киллэрэн, боруобалаан эрэриттэн сэмэйдик үөрэр. Олус ымпык-чымпык үлэлээх, кэтэбиллээх, сэрэхтээх дьарыгын сорох өрүттэрин сырдатта. Сэдэх, ыҥырыалар сөбүлүүр, үөрдүһэ мустар фацелия медонос сибэккини ыһар эбит. Мүөт оҥорор, уурунар кэмнэригэр туспа быраабылалары тутуһар., Дыыгынас доҕотторун кытта уопсай тылы булар. Үлэһит киһи сүрэҕэ сөбүлүүр, дууһата уоскуйар дьарыгын туһунан элбэҕи билэр, ааҕар, үөрэнэр, сүбэлиир.

Одуну мүөтүн амсайыан баҕалаахтар Галина Кудаисованы кытта билсиҥ, саҥаны сэргээҥ, үөрэниҥ. Мин онно сырыттым, доруобай мүөт амсайдым.

«Далаһа» пресс-киинэ, Одуну