Охчут кыыс буулдьанан ытыыга муҥутуур кыайыылаах

«Бэргэн» стрелковай комплекска СӨ спордун министиэристибэтин иһинэн үлэлиир тэрилтэлэр 14 көрүҥнээх спартакиадатын ытыы көрүҥэ буолла.

Бэргэн ытааччы аатын аҕыс хамаанда былдьаста.

Ыалдьыттары спорт министиэристибэтин профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Михаил Варламов, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Сардаана Стручкова эҕэрдэлээтилэр.

Тэрийээччилэр  күрэхтэһии кыттыылаахтарын уопуттарын учуоттаан туран, спортсменнары электроннай сыалга ыттардылар.

Тыҥааһыннаах ытыылар кэннилэриттэн кыайыылаах үрдүк аатын СӨ сүүмэрдэммит хамаандаларын бэлэмниир киин ылла. Иккис-үһүс миэстэни спорт министиэристибэтин уонна Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай оскуолалар сүүмэрдэммит хамаандалара ыллылар.

Биирдиилээн ытыыларга, кыргыттарга Нюргустана Сидорова, Евдокия Каторгина, Христина Федорова, эр дьоҥҥо Иван Ощепков, Николай Попов, Владимир Карпенко инники күөҥҥэ таҕыстылар. Муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын Нюргустана Сидорова ылла.

Вячеслав Алексеев