Мария Семеновна дьиэтин таһынан ыксаабыт киһи быһыытынан ааһан иһэр уолу харбаан ылла.
Хайа, Баанньыска, ханна бардыҥ?
– Маамабар бардым, – кыра уол хараҕын уутун соттон ньухханарын быыһыгар, илгиэлэнэн кэбистэ. Хап-хара чөҥөрүйбүт хараҕа толору уунан туолбут.
– Һыллыы, онно барбаттар. Маамаҥ ыалдьан суох буолбута. Кэл, дьиэҕэр барыахха. Убайын сүтүктээтэҕэ буолуо. Балтыҥ баар дуо?
– Утуйа сытар…
– Сөп, чэ, барыахха. Убайыҥ туох диирий? Интернакка барыахпыт диир дуо?
– Суох, биһиги интернакка барбаппыт. Дьиэбитигэр олоруохпут. Убайым инньэ диэбитэ, – Баанньыска сэргэхсийэн, өрө хантайан туран, кэпсэтэн барар.
– Эн убайгынаан интернакка баран бииргэ олоруоҥ этэ. Хайдах дьиэҕитигэр бэйэҕит эрэ олоруоххутуй? Убайыҥ эмиэ кыра дии. Онтон балтыгытын Нарыйа Ивановналаах иитэ ылаары гыналлар. Бэйэлэрэ оҕолоро суох. Үчүгэй, үөрэхтээх, мааны киһи гыныахтара, – дьахтар кыра уолу санныттан имэрийэрин быыһыгар өйдөтөрдүү сымнаҕастык кэпсиир.
– Суох, биһиги үһүөн олоруохпут. Мин убайым өйдөөх. Эн Мария Семеновна, соруйан биһигини араартыы сатыыгын. Биһиэхэ үчүгэйи баҕарбаккын. Аны биһиэхэ кэлимэ. Убайым эйигин сөбүлээбэт, – Баанньыска эргиллэ түһээт, дьиэтин диэки сүүрэн тэлэмээттэннэ.

Мария Семеновна уолу кэнниттэн аһыммыттыы батыһыннары көрөн хаалла. Эмиэ да хомойо санаата. Оҕолор ийэлэринээн Марианналыын оскуоланы бииргэ бүтэрбиттэрэ. Чэпчэки, дьэллэм, сүгүн үөрэммэтэх, аармыйаттан кэлбит уолга кэргэн тахсан, оҕолонон-урууланан, үөрэммэтэҕэ. Кэлин ыалдьар буолан хаалбыта. Үс кыра оҕону хаалларан, быйыл саас сир хараарыыта суох буолбута. Оҕолор барахсаттар эбэтэ, эһэтэ, чугас аймахтара суох буолан, барар-кэлэр сирдэрэ суох. Аҕалара кыыһа төрүөн иннинэ арыгылаан өлбүтэ. Онон билигин оҕолору ханна олохсутуохха диэн наар ол мучумаана. Нэһилиэктэрин оҕолоро буолан детдомҥа ыытыахтарын баҕарбаттар. Дьэ, оҕолор дьылҕалара хайдах буолаахтыыр? Бэйэбит олоруохпут диэхтииллэр. Хайдах олоруохтарай? Улахан уол Митя баара-суоҕа 14 саастаах, сэттис кылааска үөрэнэр. Социальнайдар дьаһанан олорботтор дииллэр, оннугунан оннук да, оҕолору киһи аһынар. Арай кыһынын интернатынан, сайынын дьиэлэригэр социальнай үлэһиттэр хонтуруолларынан олоруохтарын сөп. Кыра кыыска дьон ымсыыраллар эрээри, убайдара биэрбэппит диэн тыллаахтар. Чэ, бээ, Митяны көрсөн ааһыахха. Миигин олох сөбүлээбэт.

– Убаай, убаай, итиннэ уулуссаҕа Мария Семеновнаны көрүстүм, – Баанньыска айдаарбытынан киирдэ.
– Социальнай үлэһит дуо? Туох диир? – убайа Митя сөбүлээбэтэхтии туттар. – Убайгынаан интернакка барыаххыт. Онтон балтыгытын Наташаны учуутал Нарыйа Ивановна иитэ ылыа, үчүгэйдик көрүөхтэрэ диир.
Биэрбэппин. Бэйэбит да олоруохпут. Детсакка сылдьыа буоллаҕа, – улахан уол кыыһырбытыттан сирэйэ кытаран барар.
– Мин инньэ диэтим ээ, – Баанньыска түннүгүнэн көрөр. – Оо, манна кэллэ. Наташаны кистиибин дуо?
Киирдин, хайыаҕай. Дьиҥинэн маамабыт дьүөгэтэ этэ.
– Дорооболоруҥ. Хайа, Митя, хайдаххытый, үчүгэйгит дуо? – Мария Семеновна сэрэммиттии киирэн, дьыбааҥҥа олорор.
Дорообо, – улахан уол атын сири көрөн туран, сөбүлээбэтэх куолаһынан хардарар.
Һыллыы, Митя, аһыыр астааххыт, харчылааххыт дуо? Маамаҥ тугу эмэ этээхтээбитэ дуо? – дьахтар намыын куолаһынан ыйытар.
Суох тугу да эппэтэҕэ. Бэйэҕит олорооруҥ. Миигин улааттыҥ, оҕолоргун бэйэҥ көр диэбитэ, – Митя куруубай соҕустук хардарар.
Кыһыҥҥы кэмҥэ иккиэн интернакка кыстыаххыт. Онтон сайынын дьиэҕитигэр сайылыаххыт. Бэйэбит да оҕолорбутун детдомҥа биэриэхпитин баҕарбаппыт. Онтон Нарыйа Ивановна Наташаны иитэ, оҕо оҥосто ылыан баҕарар, балтыгытын куруутун көрө-истэ сылдьыа этигит. Кыыс ийэлээх, аҕалаах улаатыа. Эһиэхэ көмөлөһүөхтэрэ. Үчүгэй ыал, – Мария Семеновна уол сирэйин-хараҕын сэрэммиттии одуулаһар.

Татьяна Находкина.
edersaas.ru

(салгыыта  аныгыскыга)