Уу – олох тыына. Хас биирдии киһи доруобуйата – ыраас ууну иһэриттэн олус тутулуктаах. Биһиги Эбэбит уута мэлдьи ыраас буолбат, сааһын халаан уутугар, сайын хара уутугар киртийэр.
Ыраас уу боппуруоһа сытыытык турбут кэмигэр, Атамай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Николай Павлов «Сахаспецтранс» начаалынньыгын Светлана Стрекаловскаяны кытары кэпсэтэн, бииргэ үлэлэһэргэ былаан ылыннылар. Олохтоохтортон Антонина, Никифор Ковровтар сайаапка хомуйан, тустаах тэрилтэҕэ тириэрдэн, уу баһар массыына кэлэригэр табыгастаах буоларыгар болҕомтолорун уураллар.
Дьэ, ити курдук бары биир ситим курдук, үлэлэһэн, олохтоохтор ыраас уунан хааччыллан олорорбутуттан олус үөрэбит, махталбытын тириэрдэбит. Быйыл сайын Атамай нэһилиэгэр «Сахаспецтранс» тэрилтэтэ кэмиттэн кэмигэр скважина ыраас уутунан хааччыйан, олохтоохтор үөрүүбүт муҥура суох.
Валентина Яковлева