Саха сиригэр онколог быраас-тарга 13 тыһыынча киһи учуокка турар. Сүрүннээн тарҕаммыт искэн ыарыылара: тыҥа, эмий, быар искэннэрэ буолаллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, тыҥа уонна эмий искэҥинэн ыалдьыы бүтүн аан дойдуга үрдүү турар, онтон быар искэҥинэн ыалдьыы атын дойдулары кытта тэҥнээн көрдөххө биhиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үрдүк буолар.
Онкология диэн тугуй?
Уопсайынан билигин даҕаны дьон ыйытарыттан иһиттэххэ, биллэххэ, медицинэҕэ сыһыана суох дьон Онкология диэн тугун ситэ өйдөөбөттөр эбит. Онкология диэн искэннэри (опухоли) сүрүннээн куһаҕан (злокачественные) искэннэри үөрэтэр, чинчийэр уонна искэни эмтиир ньымалары быһаарар медицинэ биир улахан салаата буолар.
Куһаҕан искэн үчүгэй искэнтэн туох уратылааҕый?
Куһаҕан искэн үчүгэй искэнтэн сүрүннээн 2 уратылаах. Үчүгэй искэн экспансивно улаатар, ол эбэтэр атын органнары туората-туо-рата улаатар, онтон куһаҕан искэн улаатар кэмигэр тугу да туората сатаабат, ылан батары үүнэн барар. Иккис сүрүн уратыта, үчүгэй искэн атын органнарга тарҕаммат, биир сиргэ улаатар, онтон куһаҕан искэн атын органнарга хаанынан, лимфа нөҥүө тарҕаныан сөп.
Киһи бу куһаҕан искэн ыарыыта буолбат курдук тугу гыныахтааҕый?
Бу ыарыыга ылларбат курдук сэрэтии үлэтэ (профилактика) баар буолуохтаах, ол курдук сэрэтии үлэтэ икки түһүмэхтээх:
Бастакы түһүмэҕэ:
• Чөл олоҕу тутуһуу, куһаҕан дьаллыктартан аккаастаныы, сөпкө аһааһын, утуйуу.
• Эти-хааны сайыннарыы, дьарыктаныы.
• Ыйааһыны көрүнүү.
• Араас тас дьайыылартан харыстаныы (күн сардаҥатыттан, кыһын ачыкы кэтиититтэн сэрэхтээх буолуу о.д.а.)
Иккис түһүмэҕэ ананар:
• Чугас аймахтара ыалдьар дьоҥҥо.
• Буортулаах эттиктэри таһаара турар сирдэргэ үлэлиир дьоҥҥо.
• Айылҕа улаханнык эмсэҕэлээбит, уута-салгына сүһүрбүт, киртийбит сирдэргэ олорор дьоҥҥо (собуоттардаах, сир баайа хостонор).
Маннык сирдэргэ үлэлиир, олорор дьоннор сылга кырата биирдэ бырааска көрдөрүнэллэригэр сүбэлиибин. Бу искэн ыарыытын саҥа үөскээн эрдэҕинэ төрдүттэн ылан эмтэнэр. Киһи оччоҕуна чөлүгэр түһэн үтүөрүөн сөп. Билигин дьон бэйэтин эрдэттэн син көрүнэр буолла эрээри, үлэттэн дуу, бириэмэ суоҕуттан дуу улахаҥҥа уурбат дьон син биир баар. Холобур, киһи улаханыгар тахсан киирэн баран хаан дуу, туох эмит сүмэһин дуу баарын көрдөҕүнэ, хайаан да бырааска тиийэн көрдөрүнүөхтээх, «геморрой быһыылаах » диэн сабаҕалаан баран сылдьыллыбат.
Көрдөрүнүөн баҕалаах дьон тугу гыныахтаахтарый?
Хас биирдии киһи олорор аадырыһынан балыыһалаах. Ол онно баран учаастагын терапевыгар суруттаран киирэн туох кыһалҕалааҕын кэпсиир, үчүгэйдик көрдөрөн, анаалыс, чинчийиилэри оҥорон баран ол түмүгүнэн бу киһи салгыы тугу гыныахтааҕын терапевт сиһилии өйдөтөн биэрэр. Туох эмит искэҥҥэ сабаҕалааһын баар буоллаҕына онколог бырааска ыытар.
Тутатына онкодиспансерга көрдөрүөхтэрин сөп дуо?
Биһиэхэ тутатына кэлэр кыаллыбат. Ити эрдэ эппитим курдук бэйэлэрин балыыһаларыттан направлениелаах эрдэ суруттаран кэлэллэр. Ол оннугар биһиэхэ Онкопоисксаха.рф диэн бырайыак баар. Онно Саха сиригэр олорор киһи паспордаах, СНИЛСтаах, полистаах тиийэн бэйэтин сааһынан тургутан көрүөн сөп. Ол курдук эр дьоҥҥо: тыҥа, оһоҕос, быар, самах былчархайын (предстательная железа) оттон дьахталларга: тыҥа, оһоҕос, эмий, быар, киэли хапчаҕайын (шейка матки) тургутан көрүөхтэрин сөп. Үлэлиир кэмэ: бн-бт 09:00 — 16:20. +7 (962) 731-18-00.
Онкологияны эмтиир туох ньымалар баалларый?
• Хирургия (сүрүн ньыма)
• Радиотерапия
• Эминэн эмтээһин (химиотерапия, иммунотерапия, таргетная, гормонотерапия).
Доруобуйаҕытын эрдэттэн көрүнүҥ, чэгиэн буолуҥ!
Маркел Федотов,
Саха сирин онкологическай диспансерын таһыттан сылдьан искэни эминэн эмтиир салаатын онколог
химиотерапевт бырааһа.