Оскуолабыт 125 сыллаах үбүлүөйүн көрсө

Бэрдьигэстээх оскуолата таҥара дьиэтигэр аһыллыбыт бастакы кылаастан саҕыллыбыт кыымтан, умулла сыһа-сыһа күөдьүйэн, сэбиэскэй кэмҥэ тиийэн сайдар суолга үктэммитэ.

1941-1945 сс. сэрии сылларыгар оскуола дириэктэринэн В.Ф.Афанасьев, кэлин педагогическай наука доктора, Саха АССР наукатын үтүөлээх деятелэ үлэлээбит.
1943 с. Бэрдьигэстээх орто оскуолатын бастакы выпуһа бүтэрэр.
1944 с. Дьокуускайдааҕы пединституту бүтэрэн, Семен Петрович Данилов кэргэнинээн Анна Семеновналыын оскуолаҕа үлэлии кэлэллэр. 40-с, 50-с, 60-с сылларга улууспутугар Россия киин уобаластарыттан үрдүк үөрэҕи бүтэрбит эдэркээн учууталлар кэлэн, олус таһаарыылаахтык үлэлээн, оройуонҥа үөрэҕирии тиһигэ сайдарыгар улахан кылааты киллэрбиттэрэ. Математиктар И.В.Коваль, Ю.Л.Рыжаков, Л.И.Спирина, В.В.Вязовикин, Д.К. Кушникова, физика учууталлара В.Г.Рогожин, И.В.Богатых, Т.В.Бочковская, нуучча тылын үөрэтэр О.С.Косицына, В.М.Соломатина, А.М.Филиппова, С.Т.Лобачева, уо.д.а. үөрэппит оҕолорун махталларын күн бүгүнүгэр диэри ылаллар.
1945-1960 сс. оскуола дириэктэринэн Домна Петрова үлэлээбитэ. 1952-1955 сс. И.М.Васильев дириэктэрдээбитэ. Кини оҕолорго чиҥ билиини биэрэргэ учуутал кэлэктиибин түмэ тардыбыта, сүрүн болҕомтотун оскуола материальнай баазатын тупсарар үлэҕэ уурбута.
1952-55 сс. орто оскуоланы бүтэрбит оҕолор 85-89 % үрдүк үөрэххэ киирбиттэр. Оскуола историятыгар 1952 с. Альберт Михайлович Котенев үрүҥ көмүс мэтээлинэн оскуоланы бүтэрбит.

Учуутал идэтин ылан үтүөлээх, улахан буукубанан суруллар учуутал буолбут М.Е.Тимофеев, С.С.Скрыбыкин, С.С.Пахомов, С.И.Тимофеев-Кустуктаанап, Н.Я.Петров, Н.И.Софронеев, С.Р.Константинов, үтүөлээх быраастар И.И.Петров, Д.Д.Захаров, А.Н.Попова, М.А.Марков, норуот хаһаайыстыбатын, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһиттэрэ В.П.Стручков, П.И.Васильев, С.Т.Семенов, Д.И.Заровняев, А.С.Никонов, уо.д.а. биллэр-көстөр юристар М.М.Яковлев, А.Г.Парфенов, Г.Ф.Аргунов, Е.Е.Шамаев, Д.М.Осипов уо.д.а. улууспутун суон сураҕырдыбыттара.

Кинилэри олоххо бэлэмнээбит, дууһаларын ууран үөрэппит-такайбыт, кынат үүннэрэн көтүппүт учууталлар С.И.Кычкин, В.С.Баишева, М.А.Иванова, Л.И.Спирина, В.М. Соломатина, В.Г.Рогожин, М.С.Решетников, С.И.Павлов, Н.Ф.Габышева уо.д.а. буолаллар.

Оскуола төрүттэммитэ 30 сылыгар, о.э. 1955 с. “Оскуола чиэһин иһин” биэчэри ыытары бастаан оскуола дириэктэрэ Иннокентий Митрофанович Васильев саҕалаабыта, дьэ ол кэнниттэн биһиги оскуолабытыгар “Көлүөнэлэр көрсүһүүлэрин” ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйда.

Политехническай үөрэхтээһин улууска сайдарыгар М.А.Алексеев ураты суолу хаалларбыта. Оскуола механизатордары бэлэмниир буолбута, машиноведение, уонна тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын төрүттэрэ диэн саҥа предметтэри үөрэтиини саҕалаабыта.

Учууталлар С.С.Скрыбыкин, А.Е.Корнилова, В.М.Васильева, В.Н.Тимофеев, инструктордар В.М.Дьячковскай, В.И.Осипов, Н. П.Михайлова идэни биэриигэ, үөрэтиигэ тугунан да кэмнэммэт улахан өҥөлөөхтөр.

60-с сылларга оскуоланы салайбыттара А.Г. Петров (1961-1965сс.), А.Е.Саввин (1965-1972 сс.)
1961 с. бэлиэ түгэнинэн буолбута 2 этээстээх саҥа оскуола тутуллан үлэҕэ киириитэ.
1980 с. оскуола билиҥҥи дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирэр.
1982 с. Анжела Никифорова, Кыдаана Скрыбыкина тыа хаһаайыстыбатын идэлэригэр куоҥкурустарга уонна Россияҕа бастаабыттара, чемпион үрдүк аатын сүкпүттэрэ.
1988 с. Оскуoла дириэктэрэ С.С.Пахомов үөрэх үлэhиттэрин Бүтүн Союзтааҕы съезтэригэр делегатынан талыллар.
1990 с. Оскуолаҕа А.Н.Филиппова салайааччылаах муода театра үлэтин саҕалыыр.
1993 с. Оскуолаҕа ЮНЕСКО бөлөҕө кэлэ сылдьыбыта.
1993 с. “Сыл оскуолата-1993” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс кыайыылааҕа.
1994 с. “Сыл оскуолата-1993” Бүтүн Россиятааҕы куоҥкурус лауреата.
1999 с. “Сыл оскуолата-1999” өрөспүүбүлүкэтээҕи куоҥкурус лауреата.
2000 с. Педагогическай оскуола статуhа иҥэриллэр.
2000-2009 сс. өрөспүүбүлүкэтээҕи эксперименнэр ыытыллар тирэх оскуолаларын быhыытынан үлэлиир.
Оскуолабыт киэн туттуутунан народнай суруйааччылар ини–бии Семён, Софрон Даниловтар, народнай поэт С.И.Тарасов, народнай худуоhунньук А.Н.Осипов, Саха народнай артыыската Р.Я.Захарова, наука үлэhиттэрэ Е.Н.Чемезов, И.С.Кычкин, В.В.Филиппов, И.И.Петров, И.С.Сивцев, Б.Н.Заровняев, В.А.Саввина, М.М.Яковлев уо.д.а., улууспут салайааччылара Д.Н.Жиркова, М.Е.Лукин, Н.И. Андреев, Н.П.Алексеев, уонна сүүһүнэн ааҕыллар үтүѳлээх үлэhиттэр буолаллар.

2017 с. оскуола Саха сирин Президенин гранын ылбыта уонна «Россия бастыҥ оскуолата» ааты сүкпүтэ. 2012 с. инновационнай бырайыактар күрэстэрин түмүгүнэн, Саха сирин Президенин гранын хаһаайынынан буолбута.

Оскуолабытыгар үгэс быһыытынан “Кѳлүѳнэ кѳрсүһүүтэ”, “Даниловскай ааҕыылар”, «Тииҥ мэйии» улуустааҕы интерактивнай оонньуу, алын сүһүѳх кылаастарга «Оскуола муҥутуур үрдүк ситиһиитэ», «Мин аҕабынаан» спортивнай күрэх, оскуола бэтэрээн учуутала Д.Н.Алексеева кѳҕүлээһининэн Пионерскай костер, оскуолабыт учууталлара, попечителлэрэ туйгун үѳрэнээччилэргэ анал стипендия туттарыыта ыытыллар. Маны таһынан «100 туйгун үѳрэнээччи», «Оскуола ыһыаҕа», «Коммунарскай түмсүүлэр» тэрээһиннэр кѳхтѳѳхтүк буолаллар.

2016 с. оскуолабыт инновационнай бырайыак күрэҕэр кыттан, өрөспүүбүлүкэтээҕи инновационнай былаһааккаҕа кандидат аатын ылбыта уонна олоххо, обществоҕа ситиһиилээх үөрэнээччини иитэн таһаарарга туһуламмыт бырайыагы олоххо киллэриинэн дьаныардаахтык үлэлээн саҕалаабыта.

2012 с. оскуолабытыгар А.М.Кушнир технологиятынан ааҕыыга 3 кылаас аһыллыбыта. Тѳрѳѳбүт литература уруогар бу технологияны туһаныыга учууталлар утумнаахтык үлэлэһэллэр.

Маны таһынан, СССР үѳрэҕириитин туйгуна В.К.Андреев аатынан информационнай технология киинэ арыллыбыта. «Робототехника оскуолата» бырайыак олоххо киирэн ситиһиилээхтик үлэлиир. “РФ бастыҥ учууталлара” “Үөрэҕирии” национальнай бырайыак кыайыылаахтара М.И.Николаева, А.П.Бережнова «Спортивнай робототехника”, “Робототехника үөрэххэ”, “Робототехника оҕо научнай-чинчийэр үлэтигэр», “Роботмастер” анал лабораториялары үлэлэтэллэр.

2020 с. “Точка роста” диэн цифровой уонна гуманитарнай хайысхалаах федеральнай ситим киинэ аһыллыбыта. Оскуолабытыгар IT кылаастар аһыллан, оҕолору сайыннараллар.

2021-2022 сс. үөрэх дьылыгар «П.И.Дудкин аатынан Дьокуускайдааҕы энергетика уонна сибээс колледжа» СӨ ССАИ үөрэх тэрилтэни кытта биһиги оскуолабыт баазатыгар «Аймакс» ІТ — оскуола аһыллыбыта.
Учууталлар айар бөлөхтөрө «Школа нового формата: естественно-научная школа» диэн оскуола сайдыытын концепциятын бырайыагын оҥорбуттара. Бырайыак чэрчитинэн «Комплексная экспедиция школьников «Живая лаборатория Сүмэ» диэн оскуола бырайыага таһаарыылаахтык үлэлиир. “Сүмэ” экспедиция 2024 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха-Отдых-2024” лааҕырдар күрэхтэригэр кыайыылаах үрдүк аатын ылары ситистэ.

2021-2022 сс. үөрэх дьылыттан төрүт уонна профильнай үөрэхтээһини сайыннарар сыалтан оскуолаҕа естественно-научнай хайысхалаах медицинскэй кылаастар аһыллыбыттара.

Оскуолабытыгар «Мин бастакы идэм» («Моя первая профессия») бырайыак олоххо киирэр (салайааччы иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Р.Р .Семенов). Оскуола Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университеты кытта бииргэ үлэлииргэ дуогабар түһэрсибитэ. 2020-2021 сс. үөрэх дьылыгар 10 кылаастартан 19 үөрэнээччи «Повар», «Кондитер», «Визажист-косметик» идэлэргэ үөрэммиттэрэ. 2023-2024 үөрэх сылыгар Дьокуускайдааҕы коммунальнай-строительнай техникуму кытта бииргэ үлэлэһэн, 20 оҕо тутуу маляра уонна сварщик курсун үөрэнэн бүтэрэн, рабочай идэни иҥэрии туһунан туоһу сурук ылбыттара.

Семен Петрович Данилов аатынан оскуола Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет оскуолаларын ассоциациятын чилиэнэ, СӨ Кыра наукаларын академиятын (МАН) регионнааҕы салаата, «Анзан» ментальнай арифметика регионнааҕы киинэ, АГРО-НТИ АГАТУ оскуолаларын бастакы резиденэ буолар. Оскуола «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак кыайыылааҕа буолан, РФ Президенин Гранын ылбыта. «Роботехника оскуолата» бырайыак кыайан, Газпром Гранын ылбыта, Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын Гранын кыайыылаахтара. II-с Бүтүн Россиятааҕы үөрэх форумун чэрчитинэн Бүтүн Россиятааҕы «Бастыҥ тыа оскуолата» күрэскэ «Россияҕа аныгы үөрэх проблемалара уонна аныгы үөрэх кэскилэ» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

2023 с. саҥа оскуола дьиэтигэр киирэммит, кэлэктиип үөрүүтэ муҥура суох. Оҕо бары өттүнэн сайдар усулуобуйата тэрилиннэ.

Быйылгы үөрэх сылыгар оскуолабытыгар 742 үөрэнээччи 33 комплект-кылааска үөрэнэр. Оскуола кэлэктиибэ 80 учууталлаах.

Баай историялаах оскуолабыт түмсүүлээх, айар – тутар дьоҕурдаах , сайдарга баҕалаах педагогическай кэлэктиибэ, үрдүк кирбиилэри дабайарга бэлэммит.

Павел Петров,
Семен Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын дириэктэрэ.