Россия Президенэ Владимир Путин “РФ 2030 с. диэри сайдыытын национальнай сыалларын туһунан Ыйааҕар иитии тиэмэтэ чопчуланан бэлиэтэммитэ. 2020 с. “РФ үөрэҕин туһунан” Федеральнай сокуоҥҥа “Үөрэнээччилэри иитии боппуруостарыгар уларыйыылары киллэрии туһунан” 304-ФЗ №-дээх Федеральнай сокуон ылыллыбыта. Итиннэ олоҕуран, 2021 с. Россияҕа «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Патриотическай иитии» диэн федеральнай бырайыагы олоххо киллэрии саҕаламмыта.
«Патриотическай иитии» федеральнай бырайыак, бастатан туран, РФ гражданнарын патриотическай иитии систиэмэтин көдьүүстээх буолуутун хааччыйыыга туһуланар; иккиһинэн, уопсай уонна профессиональнай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр иитии үлэтин уонна онно туһуламмыт тэрээһиннэри сайыннарыыны хааччыйар; үсүһүнэн, уруоктарга уонна уруок тас өттүнээҕи үлэлэргэ иитии компоненын күүһүрдүү ирдэнэр. Ону тэҥэ оҕолорго эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр, оҕолору кытта интэриэстэринэн көрөн үлэҕэ, маассабай тэрээһиннэргэ базовай сыаннастары иҥэриигэ туһуланар. Олохпут сайдыытын хаамыытынан, аҥаардас уруокка эрэ буолбакка информационнай ситим нөҥүө онлайн-форматынан олоххо наадалаах, киһилии сиэрдээх сыаннастары кэнчээри ыччаппытыгар иҥэриэхтээхпит.
Дьиэ кэргэн (ыал), табаарыстаһыы-доҕордоһуу, хардарыта өйөһүү, олоххо буолбут уонна баар героическай уобарастар холобурдарыгар киһилии сиэрдээх сыаннастары иҥэриэххэ сөп. Бу бырайыак сүрүн сыала – эргиччи сайдыылаах уонна социальнай өттүнэн толору эппиэтинэстээх личноһы иитии. РФ норуоттарын духуобунай уонна сиэр-майгы өттүнэн сыаннастарыгар олоҕуруохтаах.
Бу үлэ түмүктээх буолуутун мээрэйинэн Россия Федерациятын нэһилиэнньэтин 25%-на 2025 с. историческай уонна национальнай-култуурунай традицияларга (үгэстэргэ – дьон туохха эмэ үйэттэн үйэҕэ итэҕэйэн тутуһар санаалара эбэтэр толорор оннук туомнара, үөрэнэн хаалбыт быһыылара, үөрүйэхтэрэ) олоҕурбут патриотическай иитии систиэмэтигэр хабыллыыта “Россия Федерациятын үөрэҕин туһунан” Федеральнай сокуоҥҥа салгыы эбиилэри, уларытыылары киллэриигэ ресурснай база (төрүт) буолуохтааҕа бэлиэтэнэр.
Ааҕааччылар болҕомтолорун бу сыл бүтүүтүгэр туох түмүктэр, ханнык көрдөрүүлэр сорук быһыытынан турбуттарыгар тардыллар. Бастатан туран, Россия нэһилиэнньэтин 24 %-тан итэҕэһэ суоҕа патриотическай иитии биир кэлим систиэмэтинэн хабыллыахтааҕа ыйыллар. Аны толоруллуохтаах тэрээһиннэри кытта билсэбит:
“Мин киэн туттабын” (“Я горжусь”) диэн устудьуоннар патриотическай кулууптарын Ассоциациятын патриотическай хамсааһынын тэрийии.
Бүтүн Россиятааҕы, уокуруктардааҕы уонна регионнар икки ардыларынааҕы патриотическай хайысхалаах тэрээһиннэри былааннаан ыытыы, олорго 640 тыһ-тан итэҕэһэ суох киһини кытыннарыы.
«Россия үөрэнээччилэрин хамсааһына» диэн Бүтүн Россиятааҕы оҕо-ыччат общественнай-государственнай тэрилтэтин үлэтигэр 3 000 000 оҕону кытыннарыы.
«Оҕо армията» («Юнармия») диэн Бүтүн Россиятааҕы оҕо-ыччат байыаннай-патриотическай общественнай хамсааһыныгар 600 тыһ. оҕо кыттыыны ыла сылдьар.
Оҕолору гражданскай-патриотическай иитиигэ туһуламмыт 25 мөл-тэн итэҕэһэ суох онлайн-уруоктары көрүүнү тэрийэн ыытыы.
«Улахан уларыйыы (уларытыы)» (“Большая перемена”) диэн ааттаах Бүтүн Россиятааҕы куоҥкурустарга 550 тыһ-тан итэҕэһэ суох кыттааччы үлэлэһэр.
Бу улахан, киэҥ хабааннаах үлэ болдьоҕо: 01.01.2021 — 31.12.2024 сс.
Источник: https://edu.gov.ru/national-projects/patriot/
Николай Варламов,
СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ архыыбын дьыалатын туйгуна .