Сыл аайы дьоммут-сэргэбит төрүччүлэрин үөрэтиигэ ылсан эрэллэрэ үөрүүлээх. Уруулар-аймахтар, чугас-чугас алааһынан олорбуттар кимтэн-кииннээх, хантан хааннаах этибитий, түгэх өбүгэлэрбит кимнээхтэрий диэн ыйытыналлара, ону билэн-көрөн ыччаттарыгар кэпсии сатыыллара хайҕаллаах.
Былырыын Солоҕонтон М.А.Алексеев аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Татьяна Алексеевна Васильева “Васильевтар төрүччүлэрин” оҥороллоругар көмөлөһөрбөр көрдөспүтэ.
Бу нэһилиэк аҕа, ийэ уустарынан төрүччүлэрин үөрэтии аан бастаан “Солоҕоон” кинигэ тахсыытыгар саҕаламмыта. Кыраайы чинчийээччи, улахан патриот киһи Николай Петрович Васильев сыралаһан дьарыктаммыта, билигин дьэ улаханнык көмөлөһөр. Онон сирдэтинэбит.
Кинигэҕэ сурулларынан, үһүйээн быһыытынан төрүт өбүгэлэрэ Тээйээн, кини уола Өтүүлээх Өргөн. Архыып докумуоннарыгар олоҕурдахха, бу Өтүүлээх Өргөн уола Павел Терентьев эбит. Кини 1766 с. төрөөбүт, 1833 с. өлбүт. Бэчэркэй диэн бииргэ төрөөбүттээх.
Павел оҕолоро: Дьаакып (1807 с. төрөөбүт), Степан (1810), Василий (1805), Марфа (1797), Захар (1815-1847). Балартан Дьаакып, Степан, Марфа, Захар кыайан тарҕамматахтар.
Арай 1805 с. төрөөбүт Василий кэргэнинээн Мариялыын киэҥник тэнийбиттэр. Кинилэр тоҕус оҕолоохторуттан түөрт уолларын барыларын Николай диэн ааттаталаабыттар. Били сахалар үгэстэринэн абааһы сиэбэтин диэн. Норуот поэта Савва Тарасов икки убайа, эмиэ Савва диэн этилэр дии. Оннук.
Итинник ааттаабыттара олоххо дьиҥ чахчы туһалаах курдук буолбут ээ. Бастакы, иккис, үһүс Ньукулайдар хастыы да оҕолордоохтор. Кинилэр эһэлэрэ Павел аатынан бары Павловтар диэн биэрэпискэ суруллубуттар. Киэҥник тэнийбиттэр. Бастакы Ньукулай сэттэ кыыстаах Дөлүһүөн диэн аатырбыт киһи. Солоҕоттор бу Дөлүһүөн кыргыттара кимнээхтэрин-туохтарын, ханна-ханна барбыттарын, тарҕаммыттарын үчүгэйдик билбэт этилэр. Манна “дьахтар омук анала” диэн этии дьайа сырыттаҕа. Ол да иһин “Солоҕоон” кинигэ тахсарыгар дьахтар өттүн киллэриллибэтэҕэ, аҥаардас эр дьон эрэ суруллубута. Дьахталлар ханна сүктэн барбыттарын туох ааттаах булан ылыай, элбэҕэ да бэрт буоллаҕа, хайдах, ханна батарыллыай диэн санаа баһыйара.
Биир дьиктитэ Дөлүһүөн кыргыттара бары сэниэ, баай дьоҥҥо кэргэн тахсыбыттар. Ол курдук Акулина Павел Алексеевич Заровняевка кэргэн тахсан Маалтааны Заровняевтарын, Луукуттарын, Тарасовтарын, Солоҕон Пахомовтарын, Алексеевтарын, Михайловтарын, Кировскай Аргуновтарын, Маҥаны Петровтарын, Бэрдьигэстээх Антоновтарын тэниппит. Саамай киэҥ аймах быһыылаах. Ульяна Солоҕон биллэр тоҥуһа Тэкээнэй кэргэнэ. Уола биллиилээх олоҥхоһут Киргиэлэй, кини кыыһа Мария Григорьевна Тарасова билигин Бэрдьигэстээххэ олорор. Ульянаттан улууска оҕунан ытыыны тарҕатааччы Василий Антонович Михайлов, Россия үлэҕэ Геройа Варвара Михайловна Устинова ситимнээхтэр. Екатерина Игидэй аҕа ууһун биллэр киһитигэр Алексей Потапович Дьяконовка-Ньалбакаҕа кэргэн тахсан, Дьаакынаптары тэнитэр. Өлөөнө Кировскай киһитэ Сүөдэр Дьячковскай-Тиэрээбий кэргэнэ. Халыҥ аймах Мамаевтар, Дьячковскайдар, Стручковтар о.д.а. Саха сирин алаас улуустарыгар тарҕаммыттар аҕай. Балбаара Спиридон Чемезов-Өрүкүй кэргэнэ. Маалтааны Чемезовтара эмиэ Дөлүһүөнтэн сыдьааннаах буолан тахсаллар. Даарыйа Хаҥалас биллэр-көстөр киһитэ Митрофан Белолюбскайга кэргэн тахсыбыт. Кини уола улууспут биир бастакы суруксута Матвей Белолюбскай. Маппый уола Дьөгүөр Солоҕоҥҥо Маарыйа Белолюбскайалыын ыал буолан, уон оҕоломмуттара. Аана Туобуйа киһитэ Михаил Алексеев-Суодьаах Мэхээлэ кэргэнэ. Кини уола Уйбаан, кыыһа Марыына эмиэ хастыы да оҕолордоохтор, хас эмэ улууһунан куораттарынан тарҕаммыттар. Дьэ бу Дөлүһүөн сэттэ кыыһыттан бэҕэһээ төрөөбүт оҕоҕо тиийэ аахтахха, тыһыынчанан буоллахтара!!! Дөлүһүөн соҕотох уола Иннокентий кыргыттарга тиийбэтэх, тэнийбэтэх.
Иккис Ньукулай Павлов
Иккис Ньукулай Павлов эмиэ бастакы, иккис Мэхээлэ диэн уолаттардаах. Бу Мэхээлэлэрбит араспаанньалара эһэлэрэ Баһылай аатынан Васильевтар диэн буолбуттар. Төрүттэргэ араспаанньа уларыйыытын биир туоһута бу манна эмиэ баар эбит. Бастакы Мэхээлэ-Дуйаҥ уола Чыс Миитэрэй. Иккис Мэхээлэ-Элэбэчик уолаттара Дэлбээ Уйбаан, Чөҥкөй Өлөксөй, Айдаан Ылдьаа, Ноор Мэхээлэ. Эмиэ бу Васильевтар бары биллэр-көстөр дьон этэ, ыччаттара да элбэх.
Урут Солоҕон Силээнигэр олорбут Дьаакып Дьаакынаптан тарҕаммыттар, архыып докумуоннарын чинчийии түмүгэр араспаанньалара уларыйбытын туһунан хаста да суруйан, быһааран турабын. Михаил Дьаакынаптан Михайловтар, Захар Дьаакынаптан Захаровтар, Андрей Дьаакынаптан Андреевтар, Прохор Дьаакынаптан Прохоровтар, Платонтан Платоновтар тарҕаммыттар. Бары биир түөлбэҕэ – Силээн эргин олорбуттар. Бииргэ төрөөбүттэргэ, аймахтарга сири итинник чугас-чугас биэрии баарын туһунан Сэһэн Боло элбэхтик суруйан, холобурдаан турар. Норуот суруйааччыта Софрон Петрович Данилов бэйэтин ахтыытыгар кинилэр араспаанньалара былыр олох да Данилов буолбакка, Алексеев эбитин туһунан суруйбута баар. Били Моҥкурдаах Өлөксөй уола Михаил Алексеевы-Дылбаны этэр. Ону бу саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт «Норуодунай суруйааччылар төрөппүттэрэ Бүөтүстээх Маарыйа» кинигэбитигэр сиһилии билсиэххэ сөп. Араспаанньа уларыйыытын норуот суруйааччыта мээнэҕэ холобурдаабатах буолуохтаах. Маны мин ити былыр үөһэ араспаанньалара уларыйбыт Дьаакынаптар сорох сыдьааннара, билиҥҥэ диэри итэҕэйэ иликтэрин өйдөтө сатааммын, арыый тэнийэн холобурдаабыппын, манна сыбаан ааспыппын баалаабат инигит.
Үһүс Ньукулай Павлов
Үһүс Ньукулай Павловтан Көтөт Өлөксөйө, Көтөт Өндүрэйэ элбэх ыччаты тэниппиттэр. Кинилэр араспаанньалара эмиэ эһэлэрин аатынан Васильевтар буолбуттар.
Баһылай Дьаакып диэн уолуттан Иосиф, Харлампий, Николай Яковлевич Павловтар тарҕаммыттар. Солоҕон Павловтара бары мантан ситимнээхтэр. Оттон Баһылай кыра уола Дьөгүөр Павловтан Мөөччө төрөөбүт, Ыстапаан араспаанньата эмиэ Васильев буолан хаалбыт.
Бу Солоҕон Павловтара, Васильевтара улууска элбэх киэн туттар дьоннордоох. Оройуон бастыҥ булчута Иван Харлампьевич Павлов. Кинини Илин Сибиир киинэ студията анаан-минээн кэлэн, киинэҕэ уста сылдьыбыта. Саха сирин чемпион тыраахтарыыһа Илья Афанасьевич Павлов, РСФСР Үрдүкү суутун чилиэнинэн иккитэ талылла сылдьыбыт Николай Егорович Лукин, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Николай Николаевич Павлов-Ньукулаас, суот-учуот эйгэтин үлэһитэ, Солоҕоҥҥо музейы төрүттээччи Николай Петрович Васильев, оройуон бастакы быраастарыттан биирдэстэрэ Владимир Николаевич Павлов.
Павловтарга урукку өттүгэр биллибэтэх Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ССКП Мииринэйдээҕи Горкомун иккис сэкирэтээринэн, Булуҥ, Эдьигээн оройуоннарыгар салалтаҕа үлэлии сылдьыбыт, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин депутата Григорий Петрович Павлов баар эбит. Аймахтарын кытта билсибэтэх бадахтаах, бэл улуус, Солоҕон нэһилиэгин да кинигэлэригэр киирбэтэх. Билигин ыччаттара да билсибэттэр, кэпсэтэ, ыйыталаһа сатыырбытыгар хардарбаттар. Баҕар билэр дьон баар буоллаххытына биһигинниин сибээстэһиэххитин сөп.
Солоҕоҥҥо, улууска үөрэх-иитии эйгэтигэр ураты үтүөлээх учуутал Алексей Иванович Васильев, кини оҕолоро, ОДьКХ дириэктэринэн уһуннук, ситиһиилээхтик үлэлээбит Владимир Алексеевич Васильев, СӨ үтүөлээх учуутала Татьяна Алексеевна Васильева – Васильевтар төһүү дьоно. Үрдүк үөрэхтээх электрик, бу салааҕа улууска элбэх үтүөнү оҥорбут Илья Михайлович Васильев. Үөрэх улуустааҕы салаатын салайааччыта Варвара Ильинична Сметанина, улуус бастакы урбаанньыттарыттан биирдэстэрэ Алексей Григорьевич Васильев. «Горнай» сопхуос бастыҥ тыраахтарыыһа, отчута Иван Андреевич Васильев, Ис дьыала сулууспатын бэтэрээнэ, билиҥҥэ диэри спорт араас көрүҥнэринэн дьарыктанан, ыччаттарга холобур буолар Андрей Андреевич Васильев. Оҕолору спорт эйгэтигэр уһуйар, умсугуйан туран дьарыктыыр тренер Аркадий Петрович Васильев о.д.а.
Бу күннэргэ Павловтар, Васильевтар төрүччүлэрэ Дьокуускайга бэчээттэннэ. Манна Татьяна Алексеевна Васильева уһуннук сыралаһан үлэлээбитэ улахан махталлаах дьыала. Д.И.Заровняев, В.И.Алексеев, Н.П.Варламов кинигэлэрэ, элбэх былыргы архыып докумуоннара туһанылынна. Итинник уруулары, аймахтары чуолкайдыыр үлэ хас аҕа ууһун аайы киэҥник ыытыллан иһэригэр баҕарабын.
Василий Алексеев,
РФ Суруналыыстарын союһун чилиэнэ.
Хаартыскаҕа Васильевтар, Павловтар олорбут түөлбэлэрин Лаахыгыр быйаҥа /Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.