«Приём! Приём! Хоту эҥэр истэр дуо? Балаһыанньа хайдаҕый?», – Мытаах дьаһалтатын исписэлииһэ Иван Иванович Яковлев болдьохтоох кэмигэр үрдүк сиргэ ыттан, рацианан сибээскэ тахсар. Дойдубутугар Мытаах Оҕуруктааҕар турбут уокка сылдьыбыппыт уонтан тахса хонно. Бүгүн эмиэ куйаас күн буолсу. Муҥар халлаан ааспыт Ылдьыынын бэлиэтээбэтэҕэ. Оччото суох сибики. «Уолаттаар, тыраахтар саппаас чааһын күнүскү көтүүгэ бөртөлүөтүнэн ыытыах буоллулар. Онуоха диэри сорохтор тыраахтары ыһа, атыттар күрдьэҕинэн полоса хаһа барыахпыт. Бүгүн күнүс эмиэ тыаллаах буолар диэтилэр. Уот үрэх уҥуор тахсымыан наада», – Иван Иванович оперативнай штабы кытта кэпсэтэн, ылбыт соругун сырдатар. Бэҕэһээ биир эмиэ сүрдээх уустук күн ааспытын бары да билэн олорор буоламмыт, ким да ордук саҥарбакка, бары саҥата суох иһиттибит. Бу Мотойҕон сиһин хоту өттө уокка былдьаппатах буолан, ордук сэрэхтээх. Бэҕэһээ киэһэ булууктуу сылдьар тыраахтар атаҕа алдьанан турдаҕына балаһа тыал түһэн, уот эмискэ үөһэнэн кэлэн, кыранан иэдээн буола сыспыта. Хата, дьолго, тыраахтары ыыта сылдьар Бүөтүр Пахомов халбаҥнаабат санаата, эр ылбыт уолаттар сыаналаах тиэхиньикэни быһаабыттар этэ. Уот обургу тыраахтар тас өттүн салаан, сиэн эрдэҕинэ сабыта туппуттар. Бу үлүгэр былдьаһыктаах кэмҥэ маннык сэп уокка былдьанара иэдээҥҥэ тэҥнээҕин бары да билэн эрдэхпит. Уот ааспытын кэннэ, хата тиэхиньикэни быстах өрөмүөннээн, бэйэтинэн хаамтаран аҕалбыттара.
Сарсыардааҥҥыбытын чэйдии олорон, «Бүгүн Абакан авиагруппатын манна көһөрөллөр. Кинилэр хорутуллубут сир ис өттүн уматыахтаахтар» диэн лесник Борис Михайлов сырдатта. Бары да бу сонуну истэн, күө-дьаа буоллубут. Уоту уотунан эрэ кыайдахха көдьүүстээҕин бары да билэ сырыттахпыт. Ол эрэн оннук уоту анал көҥүллээх эрэ дьон ыытар. Бу кэлиэхтээх дьоммут оннук көҥүллээхтэр эбит.
Массыынанан сэлиэнньэҕэ сорукка барбыт Ян Филиппов тиийэн кэллэ. Массыынатыттан аҕалбыт таһаҕастарын биэрэ туран: «Бу Надежда Павлова баһаарга сылдьар уолаттарга диэн бэрэски буһаран ыытта» , –диэн хортуон дьааһыгы көтөҕөн аҕалан, остуолга ууран кэбистэ. Маннык уустук кэмнэргэ өрүү ис сүрэҕиттэн күүс-көмө буолан нэһилиэгэр, дьонугар-сэргэтигэр өрүү туһалыы турар урбаанньыттарбыт холобур буолаллар. Баһаарга кэлбит дьону ас-үөл өттүнэн хааччыйа сылдьар «Анастасия» маҕаһыын салайааччытыгар Тамара Пахомоваҕа махталбыт улахан.
Чэйтэн киэһэ тыалбыт өссө күүһүрдэ. Бу Мотойҕон сиһэ уокка былдьамматах маар уонна бэс сир. Манныкка уот, ордук тыаллаах кэмҥэ, сэтэрэ- сэтэрэ барар. Дрон көтүтэн, балаһыанньаны көрөбүт. Билиҥҥитэ син тулуктаһан турар курдук. Иван Иванович үрэх уҥуор сытар Таала диэн сир хаһаайыттарыгар эрийэн уот кинилэргэ чугаһаабытын, сэргэх буолалларыгар ыҥырда. Бу тыалга куоттаҕына да көҥүл. Үрэх эрэ уҥуор тахсыбатар. «Урут уоту от үрэххэ киллэрдэххинэ туппут курдук сананар буолар этибит. Билигин төптөрү, от үрэхтэргэ эрэ киллэрбэтэр ханнык диэн өрө мөхсөбүт. Билигин, өртөөһүн бобуллан турар кэмигэр сэтэрбит от үрэххэ киирдэҕинэ уот буорах курдук түргэнник күлүмнээн умайар», – оҥосто сылдьан, Болуодьа сэһэргиир. Ханна эрэ ыраах бөртөлүөт биинтэтин тыаһа битигирээтэ. Өр гыммакка быыһыыр сулууспа анал бөртөлүөтэ кэлэн, иннибитигэр түстэ. Абакан авиагруппатын аҕалла.
Летнаб тахсан, баһаар туругун сырдатта. Мантан киэһэ Бэрдьигэстээххэ өрөмүөҥҥэ турар тыраахтар оҥоһуллан кэлиэхтээҕин иһитиннэрдэ. Хата тыраахтарбыт саппаас чааһын ыыппыттар эбит. Дэгиттэр уол Анатолий Заровняев тыраахтары өр гыммакка оҥоро оҕуста. Маннык, чиэски сиргэ, оҥосто сырыттахха тиийбэтэ, наадата өссө эбиллэ турааччы. Оннуктан, чахчы, тиэхиньикэҕэ сатабыллаах киһи эрэ үөскээбит уустуктан тахсарын бүгүн, Анатолийы көрөн, өссө биирдэ итэҕэйдим.
Кыахтаах тиэхиньикэ илии үлэтин кытта тэҥнэһиэ дуо? Суох буоллаҕа. Тыраахтар хорутан барбыт сирин кэннэ ким күрдьэхтээх, ким эрбиилээх батыһан иһэбит. Бүгүн түүннэри сылдьан, уоту иннин быһар былааннаахпыт. Тоҕо түүн? Түүн уот мөлтүүр, куттала аччыыр. Маннык кэмҥэ туттумахтаан, уоту туттахха улахан кыайыы тэҥэ. Ол эрэн бүгүн тыалбыт тохтообокко силлиэрдэ. Киэһэ 11 ч буолла да, сиик түспэтэ. Хараҥаҕа баһаарбыт уота ыраахтан кытыаста көстөр. Биһиги фара уотугар тирэхтээх тиэхиньикэ кэнниттэн туора түспүт мастары эрбэтэ, бүөлүү охтубут булуук тиэриитин күрдьэҕинэн быраҕа баран иһэбит.
«Приём! Приём! Таала өттүнэн уот куотта!» – рация нөҥүө киһи саҥата иһилиннэ. Бу сэлиэнньэттэн баара-суоҕа икки аҥаар биэрэстэлээх сир буолар. Үрэх оломо мантан 4 биэрэстэ холобурдаах. Тиийэрбитигэр эргиир. Суһаллык тиэхиньикэлэрбитин, дьоммутун хомуйа тутаат, уҥуор айанныыр буоллубут. Чаһыыбыт түүн 3 ч ааспыт. Бөлөх салайааччыта Иван Яковлев тута нэһилиэк баһылыгын солбуйааччытыгар төлөпүөнүнэн сибээскэ тахсан, билиҥҥи балаһыанньаны быһаарда. Эбии дьон, күүс наада буоларын эттэ. Баазабытыгар төннөн, сып-сап хомунаат үрэх уҥуор ыстаннардыбыт. Бу билигин суруйарга дөбөҥ, судургу курдугун иһин, оччоҕо, түүн сэлиэнньэҕэ чугаһаабыт уот кутталлааҕыттан бары да ытырыктатабыт. Таалаҕа чугаһыырбыт саҕана биир массыына, биир МТЗ тыраахтар номнуо кэлэн туралларын көрүстүбүт. «Түүннэри дьиэбин тоҥсуйан соһуттулар ээ. Хайалара буоллаҕай, диэн дьиктиргээн тахсан ыйыппытым баһылык солбуйааччыта Евдокия Пахомова кэлэн турар эбит. Уот куоппут диэн тыллаата. Оччону истэн баран, тыраахтарбын эһэ охсоот бу кэллим» диэн Баһылай Кириллин кэпсиир. «Үрэҕи ханан куоппутуй? Төһө дириҥник киирбитий?» кэлбит дьонтон хайалара эрэ ыйытар. «Билигин уолаттар Соколынан разведкаҕа бардылар. Тиийдэхтэринэ рацианан тугун-ханныгын биллэриэхтэрэ» диэн Иван хоруйдуур. Өр күүттэрбэккэ разведкабыт сибээскэ тахсан, хоту өттүнэн уот үрэҕи уҥуордаабытын иһитиннэрдилэр.
«Эһиги төннөн тиийэн, суһаллык Абаканнары аҕала охсуҥ. Уоппут иһирдьэ киэҥник киирбит бадахтаах. Элбэх киһи наада буолсу» суһал сорук тыраахтардаах Илья Павлов биһиккигэ бэрилиннэ. Кэлбит суолбутунан төптөрү ыстаннардыбыт. Тиийбиппит дьоммут баһаартан саҥа кэлэн олороллор эбит. Салайааччылара тыала билиҥҥэ диэри астыбакка турарыттан бэркиһээн төбөтүн быһа илгистэр. Уот үрэх уҥуор тахсан, дэриэбинэҕэ кутталы үөскэппитин, бара охсон булуук кэнниттэн утары уот ыыта охсуохтаахтарын илдьиттиибин. Үөрүйэх дьон, барытын тута өйдүү охсон, өр гыннарбакка бырысыака тахсан олоруннулар.
Мытаахтыыр суолтан Таалаҕа туорааһыҥҥа тиийбиппит булууктаах тыраахтары тиэммит массыына кэлэн турар эбит. Тырахтарыыс Дьулус Потаповы атын баһаарга сырыттаҕына, уот куоппутун иһин суһаллык манна ыыппыттар. Бу иннинэ биһиэхэ кэлэн, хас да күҥҥэ сылдьан, арҕаа өттүнэн Мотойҕон үрэҕэр диэри булууктаан барбыта. Бэйэтэ бу соторутааҕыта анал байыаннай дьайыыттан кэлбит, сытыы-хотуу уол. Онон эрэх сананныбыт. Евдокия Степановна Бэрдьигэстээхтэн икки уулаах водовоз манабылга кэлбитин, хонтуораҕа дьахталлар кэлэн, ас буһаран көмөлөһөн эрэллэрин иһитиннэрдэ.
Кэлбиппит дьон өссө элбээбит. Биир булууктаах тыраахтар уот уҥуор тахсан, утары хорутан кэлэрдии айаннаата. Биһиги эмиэ хайдыһан тиэхиньикэлэр кэннилэриттэн бардыбыт. Тыраахтар уоту кыйа хорутар. Бу бииринэн уоту түргэнник умулларарга көдьүүстээх, ол эрэн балаһа тыал түстэҕинэ сэрэхтээх. Хата салгыммыт кэннибититтэн буолан, утары уот ыытааччыларга да, биһиэхэ да салгыннааҕа кэм үчүгэй. Киһи элбэх буолан, булуук тохтообокко барар. Сотору сотору рациянан тахсан, утары иһэр бөлөҕү кытта сибээстэһэбит.
Арай бу сырыттахпытына халлаантан, бастаан биирдиилээн, онтон сэниэлээхтик, күүттэриилээх таммахтарбыт түһэн бардылар. Өр буолбакка от-мас сиигирэн, уоппут да сэниэтэ өһүллүөхчэ буолла. Күнүс 12 ч ааһыыта уоппутун эргийдибит. Хата ол тухары тохтообокко ардаан абыраата. Эргиллибит сиргэ саҥа кэлбиттэр манабылга хаалар буоллулар. Айылҕа барахсан ардаҕы түһэрэн, уот умулларыытыгар көмөлөһөн, бэйэтин харыстаннаҕа…
Василий Тимофеев.
Ойуур баһаарын умулларыытыттан бэлиэтээһинэ.