Бэҕэһээ «Саха» НКИК ханаалыгар Росгвардия Саха сиринээҕи дьаһалтатын лицензия көҥүл биэрэр киин саа эргиирин хонтуруоллуур отделениетын старшай инспектора Николай Иванов эфирга тахсан, саҥа уларыйыыны кэпсээтэ. Эфир эр дьон ортотугар үгүс кэпсэтиини, сүпсүлгэни таһаарда. Онно суоппар ыстараабын иккитэ төлөөбөтөх түгэнигэр саата былдьанар диэтэ. Бу туһунан сиһилии Росгвардия Горнайдааҕы инспекторыттан Эдуард Семеновтан ыйыталастыбыт:
Итиннэ биири маннык быһааран биэриэххэ сөп. Ити административнай ыстараап ГИБДД сотруднига тохтотон, суол быраабылатын кэһиини фиксациялаан, боротокуол оҥорбут эрэ буоллаҕына олоххо киирэр. Дьыала суукка киирэн, быһаарыы таҕыстаҕына эрэ бултуур саа былдьанар кыахтаах. Видео фиксация ыстарааба ити сокуоҥҥа дьайбат.
Онон суоппардар суол быраабылатын кэһимэҥ.
Үлэ күүһэ