Солоҕоҥҥо Чыра үрэх муостата биир тыын суолталаах. Соторутааҕыта тутуллубут муоста, быйылгы улахан ууга айгыраабыт.
Аҥар өттүн уу тоҕо охсон, сырыыны — айаны мэһэйдээбит. Массыыналар кыһалҕаттан муоста кытыытыгар мас быраҕынан туорууллар.
Билигин улууска эрэ буолбакка, бүтүн Саха сиригэр улахан суолталаах «Тыымпынай» бизонарийыгар манан эрэ сылдьаллар. Аны саас халаан кэмигэр муоста ууга баран, үрэх ити быйыл алдьаппыт сиринэн, иккис сүнньүн оҥостор туруктаммыт.
Оччоҕо салгыы муоста тутуллар эрэйэ, эбии үп ороскуота — ол кыра нэһилиэк таһымыгар кыаллара уустугуруо.
Онон билигин муоста чөлүгэр түһэригэр, кытыытыгар эбии буор кутарга, муостаҕа мунньуллубут сыҥы ыраастыырга үлэ бардаҕына эрэ сатаныыһы
Көстөн турар сиргэ кумах элбэх, аны саас уон төгүл ороскуотурбат туһугар, билигин кэмигэр бу кураан күһүнү баттаһа, сөптөөх кыһамньы эрэ наада.
Василий Алексеев.