Саха буолан туран

Хайа да омук киһитэ төрөөбүт төрүт тылынан тахсар сурунаалын,
хаһыатын уус-уран литэрэтиирэтин аахпат буоллаҕына, тыла-өһө, саҥарар
саҥата, билиитэ-көрүүтэ, дириҥ бөлүһүөктүүр өйө-санаата, ийэ дойдутугар,
төрөөбүт норуотугар бэриниилээх буолуута сайдар кыаҕа суох…

Үйэ уларыйда. Ютуб, батсаап, электроннай таһаарыы о.д.а. аныгылыы
технология көмөтүнэн литэрэтиирэни, сонуну бэрт суһаллык тиэрдиэххэ,
ылыахха сөп диэччилэр, хомойуох иһин, элбээн иһэллэр… Кэлиҥҥи
сылларга наар батсааптаһан, сахалыы тыл-өс, сурук-бичик, кистэлэ суох,
кэхтэр суолга киирэн эрэр.

Сорох саха ыччата, бэл тыа сиригэр үөрэнэр  оҕо, мөлтөхтүк
сахалыы саҥарар эбэтэр олох да билбэт. Үөрүөх иһин, ол быыһыгар сорох
куорат, тыа сирин гимназияларыгар, оскуолаларыгар (ханна утумнаах үлэ
барар сиригэр), сахалыы сайдам саҥа, төрүт култуураны, сиэри-туому,
майгыны-сигилини өрө тутуу күүһүрэн иһэрэ саха киһитин үөрдэр. Бу көстүү
— кэрэ кэскил кэрэһитэ.

Саха эрээри Сахатын сиригэр, улууһугар тахсар сахалыы хаһыаты,
сурунаалы сурутан аахпат хамыһаар, салайааччы олус элбээтэ. Оттон
кырдьаҕас көлүөнэ аҕыйыырын, сурутар, ааҕар кыаҕа мөлтөөн истэҕин
аайы хаарыаннаах хаһыаттарбыт, сурунаалларбыт ааҕааччыта суох хаалыах
курдуктар. Оччоҕуна оҕолорбутун, сиэннэрбитин хайдах үөрэтэбит-
иитэбит? Аахпат киһи көҥдөй сэлээппэ буоларын өйдүөх тустаахпыт.
Бу туһунан бэрт элбэҕи суруйуохха сөп этэ.

Биир дойдулааҕым “Эдэр коммунист”, “Бэлэм буол”, “Кэскил”
хаһыаттарга эдэр сааһыттан эҥкилэ суох үлэлээбит РСФСР норуотун
үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Варвара
Угарова тылларынан суруйуубун түмүктүүбүн: “Мин ыра санаам
— хаһыаттарбыт, сурунаалларбыт симэлийбэккэ олох хаамыытын үйэлэргэ
тиһэр аналларын төлө туппакка толоро турдаллар”.

Сөбүлээн ааҕар хаһыаттарым, сурунаалларым үлэһиттэригэр махтанан
туран, араас кэмҥэ суруйбут анабыл хоһооннорбун саҥа дьылы көрсө бэлэх
уунабын:

Кэрэмэс кэрэ кэскиллээх
“Кэскил” хаһыат биһиэхэ,
Күнүн аайы кэтэһиилээх
Күндү ыалдьыт кэриэтэ.
Үчүгэй да ааттааххын
“Үлэ күүһэ” хаһыатым…
Үгүс да эн кыахтааххын
Үөрэ-көтө ааҕабын…
“Туймаада” аһаҕас хаһыат
Туруулаһар-көҥүл норуот
Туоххаһыйбыт санааларын
Туску туһугар аһарын…
“Күрүлгэн” сурунаал тахсыыта
Күлүккэ хаалбыкка суол аста.
Суох манна сойуустаһыы аахсыыта,
Суобас быһыытынан барыта…
Кытыан кымньыылаах кырдьаҕас “Кыым”
Кыһатын күөдьүтэр эдэр “Кыым”
Умнуо суохтаах утум салҕааччы
Буоларын. Күүтэрин ааҕааччы…
Эйэлээхтик-иллээхтик
Эн-мин дэһэн бигэтик
Биир өйүнэн-санаанан,
Биир киһилии сананан
“Чолбоммутун” аатырдыҥ
Чох түүммүтүн сырдатыҥ!

Александр Тарасов, бэйиэт,
суруналыыс, учуутал