Сынньалаҥ кииммит кинотеатрыгар улахан экраҥҥа “Тимир”, “Карина” киинэлэрин көрбүтүм. Бэйэбит оҕолорбут, ыччаттарбыт баалларын иһин интэриэһиргээтим. Кистээбэккэ эттэххэ, улаханнык саха киинэлэрин, сериаллары эккирэтэ сылдьан көрбөппүн.
“Тимир” – олоххо баар көстүү, социальнай хайысхалаах, сүрүн оруолга оскуола саастаах уол оҕону Альгис Данилов итэҕэтиилээхтик оонньуур. Тимир диэн ааттаах тулаайах хаалбыт уол туһунан көстөр. Киинэҕэ аҕа оруола бэлиэнэр.
Саамай күндү киһитин сүтэрбит оҕо барахсан, ахтар-суохтуур ийэтин кытта сибээһэ баар. Оҕо итэҕэйэр сырдык аанньала дуу, олоҕун устата арыаллыыр Айыыһыта дуу, хараанныыр, аргыстаһар Иэйиэхситэ дуу баар оруолун олус сэргээтим. Бары да ыксаатахпытына-ыгылыйдахпытына, үөрдэхпитинэ-дьоллоннохпутуна кинини ахта түһэбит эбээт. Одунум ыччата Николай Корякин уонна кини хамаандата толкуйдаабыт, оҥорбут киинэтин сөбүлээтим, бэйэбит оҕолорбут, ыччаттарбыт оонньуулларын ылынным.
“Карина” киһини долгутар киинэ. Саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри биир тыынынан, иһигэр киирэн олорон көрдүм, тэбис-тэҥҥэ ыксаатым, ыгылыйдым, ытамньыйдым. Кып-кырачаан кыысчаан нөҥүө дьиҥ саха оҕотун, киһитин уратытын, Ийэ айылҕалыын биир ситиммитин, биир тыыннаахпытын көрдөрөр, ылыннарар, сэрэйэр-сибикилиир өрүппүт арылхайдык көстөр. Аттыбытыгар баар сырдык иччилэр баалларыгар итэҕэлим өссө күүһүрдэ. Төрүт хааммытыгар баар тулууру, дьулууру, олоххо тардыһыыны туоһулуур.
Кырачаан артыыска София Прибылых олус да үчүгэй, талааннаах оҕо, оруолун уһулуччу дьиҥнээхтик, долгутардык тириэртэ, кыра киһи хайдах итинник көрөөччүгэ тиэрдэрин сөхтүм-махтайдым, хайҕыахха эрэ сөп, онно тыл да тиийбэт. Бэйэбит уолбут, омсолоох оруолга оонньообут Владислав Никаноровы хас биирдии киинэҕэ аһыллан, табыллан оонньуурун, ханнык баҕарар оруолу толору арыйарын, олоҕу кытта ыкса ситими үөскэтэр талааннаах артыыһынан сыаналыыбын. Боростуой дьон кинини наһаа чугастык ылынар, сөбүлүүр, күннээҕи олохпутугар көстөр түгэннэри дьиҥ баарынан көрдөрөр.
Мария Ноговицына
“Далаһа” пресс-киин салайааччыта