Саха норуотун көмүскэспит Маһары Бозеков сыдьаана Нарыйа Кириллина түгэх өбүгэлэрин үөрэтэр

Горнайга төрүччүнү үөрэтиигэ биир ураты үтүөлээҕинэн, Бэрдьигэстээх олохтооҕо Мария Пахомованы ааттыыбыт.

Кини дьиэ кэргэнэ Мясоедов аҕабыыт өр кэмҥэ сүтэн хаалбыт 1911, 1913, 1915 сс. нэһилиэктэрбит олохтоохторун суруйбутун булан, харыстаан уура сылдьан баран улуустааҕы архыыпка туттарбыта. Ону Н.П.Варламов кинигэ таһааран, кэлэр көлүөнэҕэ бэлэх оҥорбута.

Быйыл Мария Константиновна сиэнэ Афанасий Осипов аатынан оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Нарыйа Кириллина, түгэх өбүгэлэрин үөрэтиигэ ылсыбыт.

Араас литературалары, онно баар архыып докумуоннарын, Эбии үөрэхтээһин киинин учууталлара Людмила  Дьяконова, Марина Жиркова көмөлөрүнэн чинчийэр эбит.

Оннук дьарыктана сылдьан, кини өбүгэлэригэр саха норуотуттан бастакы дипломат, бастакы кинээс Маһары Бозеков баарын билэн, төрүттэрин Улуу Тыгыҥҥа диэри үөрэтэн эрэрин олус сэҥээрдим.

Учууталлар миигин ыҥыран Нарыйаны кытта көрүһүннэрдилэр.Сүбэлээтим, бэйэм таһаарбыт кинигэлэрбин билиһиннэрдим.

Горнайга үөрэнээччилэр өбүгэлэрин үөрэтиигэ ылсан эрэллэригэр бары итинник көмөлөһө сатыаҕыҥ!

Василий Алексеев, кыраайы чинчийээччи