Сайылыкка үлэ күөстүү оргуйар

Самаан сайын силигилээн кэлэн турар кэмигэр Бэс Күөлүттэн 5 км тэйиччи сытар Ытык Эбэ сайылыгар «Атамай» бааһынай хаһаайыстыбатын баран үлэтин хамнаһын билсэн кэллим.

Ырыаҕа, хоһооҥҥо хоһуллубут сайылыгым барахсан кэрэ көстүүтэ сүрэҕи нүөлүтэ үөртэ. Сайылык хаһаайыстыбаны сайыннарар дииллэрэ оруннаах. Сайыҥҥы кэмҥэ от-мас чээлэй от күөҕүнэн сууланан үүнэр кэмигэр, ынах-сүөһү көҥүл мэччирэҥҥэ көччүйэн сылдьан, тото-хана аһыыр, ол кэми тутуһан үлэһит дьон үрүлүйэр үүтү ыан, үрүҥ-ас дэлэйэр кэмэ.

Ытык Эбэ сайылыга нэһилиэкпит тумус, киэн туттар улахан «Атамай» бааһынай хаһаайыстыбатын Алексей Петров  иилиир-саҕалыыр.

Тиийээппитин кытта, көрсүө-сэмэй үлэһит кыргыттар көрүстүлэр. Номнуо ынахтарын ыан, үлэлэрин үмүрүппүттэр. Сайылыкка бэс ыйыгар ньирэйдээх ынахтарын көһөрөн аҕалаллар. Киһи хайгыы көрөр ыччаты иитиигэ улахан болҕомтолорун уураллар. Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара хаһаайыстыбаларыгар көмөлөһөллөр.

Күн уотунан холбонор станциялаахтар. Онон дьиэлэрэ толору уотунан холбонон, хааччыллан сырдатына олороллор.

Тутаах үлэһиппититтэн Татьяна Петроваттан:

«Былырыын от өлгөмнүк үүнэн, кыстыгы этэҥҥэ туораабыппыт. 100-н тахса сүөһүлээхпит, ыанара 62. Ону таһынан түргэнник ситэр сибинньэни, кууруссаны, кроликтары иитэбит.

 

Сайылыкка түөрт ыанньыксыт, түөрт оҕо ньирэй көрөөччүнэн, үс бостуук уол, биир повар. Сайын аайы оҕолор сөбүлээн кэлэн үлэ сатабылыгар үөрэнэллэр. Күҥҥэ 600 л үүтү ыан, эрийэн сүөгэйинэн бөһүөлэккэ аҕалан, үүт сыаҕар туттарабыт.

Оҕолор иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааралларыгар сөптөөх усулуобуйа баар, куйаас күннэргэ сөтүөлүүр улахан бассейн, оонньуур батут, анал тутуллубут хоспоххо дьоҕус библиотека, компьютер.

Киэҥ аймах Петровтар дьиэ кэргэттэрэ үлэлэрэ-хамнастара тахсыылаах буоларыгар биир санаанан ылсан, күүстээх үлэни ыыталлар.

Валентина Яковлева.