Атырдьах ыйын 5-6 күннэригэр Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгин Бор алааһыгар айар, суруйар түмсүүлэр уонна бөлөхтөр I-кы өрөспүүбүлүкэтээҕи “СаҮын” диэн экспедиционнай слёттара үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Тэрээһини Горнай улууһун “Дьүрүскэн” эдэр суруйааччыларын түмсүүтэ уонна “АйАрт” айар, суруйар түмсүүлэри көҕүлүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи тэриллии иилээн-саҕалаан ыыттылар. Слет сүрүн идеятынан айар доҕурдаах, суруйар талааннаах, культураҕа, искусствоҕа сыһыаннаах дьону, түмсүүлэри кытта билсиһии, уопут атастаһыыта буолар.
Балаһыанньа, бырагыраама оҥоһуллан, киэҥ хабааннаах слекка 9 улуустан уонна Дьокуускай куораттан муһуннулар. Манна даҕатан эттэххэ, “Лена долгуннара” Кэбээйи литтүмсүүттэн Сюзанна Кондакова, “Нам кылыһах” төрүт дорҕоон бөлөҕүттэн Маайа Григорьева, “Чурапчы” литтүмсүүттэн Сардаана Корякина, Мэҥэ Хаҥалас “Көөчөөн көрө” мини театрыттан Екатерина, Александр Ивановтар дьиэ кэргэнинэн, “Таланты Якутии-2022” кадровай куоҥкурус финалистара Ньурбаттан төрүттээх Светлана Гаврильева, Мэҥэ Хаҥаластан Александр Шишигин, киинэ устар оператор Василий Петров уо.д.а араас эйгэлээх бөлөхтөртөн уонна биирдиилээн ураты дьоҕурдаах дьон кыттыыны ылбыттара.
“Дьүрүскэн” түмсүү биир чаҕылхай ыччата, эдэр поэт Василий Иванович Тимофеев төрөөбүт дойдутун историятын билиһиннэрээри экскурсия оҥордо. Ол курдук, М.Е.Тимофеев аатынан Бэрдьигэстээх краеведческай музейыттан саҕалаан Мытаах музей-галереятын, саха норуодунай суруйааччылара Сэмэн, Соппуруон Даниловтар төрөөбүт-үөскээбит Бор алаастарын ыалдьыттарга көрдөрөн, историятын кэпсээн олус сөхтөрдө.
Бастакы күн “Дьүрүскэн” түмсүү кыттыылааҕа Варвара Иванова “Мин илиибэр сырдык күн” диэн ааттаах кыра саастаах оҕолорго, төрөппүттэргэ, педагогтарга аналлаах кинигэтин сүрэхтэниитэ, маны тэҥэ “Айар аартыкпыт аргыстара-3” диэн икки бөлөх холбоһуулаах хоһоон, кэпсээн хомуурунньуга бэчээттэнэн тахсыбытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга билиһиннэрии буолла.
Салгыы “АйАрт» тэриллии ыыппыт ырыа куонкуруһугар 3 миэстэни Чурапчы улууһуттан төрүттээх Сардаана Корякина ылан, Инна Донская анаабыт бирииһигэр тиксэн, хоһооно матыыптанан ырыа буолан көтүөхтээх, 2 миэстэни ылбыт Мэҥэ Хаҥалас олохтооҕо Екатерина Иванова Маайа Григорьева айбыт ырыаларын диискэтин тутта, 1 миэстэлээх Нам улууһуттан сылдьар Маайа Григорьева 3000 солкуобай харчынан наҕараадаланна.
Иккис күн Горнай улууһун «Дьүрүскэн» литературнай түмсүү Афанасий Николаевич Осипов үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах уруһуй күрэҕиттэн саҕаланна. Уруһуйга 3 миэстэни Ньурба улууһуттан төрүттээх Диана Сутакова, 2 миэстэни Ньурба улууһуттан төрүттээх Анисия Андреева, 1 миэстэни Чурапчыттан төрүттээх Сардаана Корякина ылан грамота уонна бэлэх туттулар.
“СаҮын” туһунан тутатына хоһоон айыытын күрэһин “Айар аартыкпыт аргыстара” өрөспүүбүлүкэтээҕи суруйарга холонор эдэр ыччат түмсүүтэ тэрийдэ. Грамота уонна түмсүү кыттыылаахтарын кинигэлэрин 3 миэстэлээх Горнай улууһун олохтооҕор Варвара Ивановаҕа, 2 миэстэлээх Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Мусьяна Сосинаҕа, 1 миэстэлээх Ньурбаттан төрүттээх Анисия Андрееваҕа туттарылыннылар. Ону таһынан Горнай кыыһа Варвара Иванова Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун Эдэр литератордардарын сүбэтэ туруорбут “Кэскиллээх хоһоонньут” диэн анал ааты сүгэн бирииһинэн наҕараадаланна.
“Спутники из мира поэзии” өрөспүүбүлүкэтээҕи нууччалыы уонна олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуот тылынан суруйар дьоҕурдаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүү сахалыыттан нууччалыы бөлөҕүнэн тылбаас күрэҕин тэрийбитэ. Тылбааска 3 миэстэҕэ Чурапчыттан төрүттээх Сардаана Корякина уонна Сунтаартан төрүттээх Александр Иванов, 2 миэстэҕэ Тааттаттан төрүттээх Анисия Иевлева уонна Намтан төрүттээх Михаил Эверстов, 1 миэстэҕэ Горнайтан Мария Андреева, Мэҥэ Хаҥаластан Мусьяна Сосина, Хаҥаластан Вадим Борисов тахсан грамота уонна кинигэ тутан үөрдүлэр-көттүлэр.
“АйАрт” айар, суруйар түмсүүлэри көҕүлүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи тэриллии, “Талаан түһүлгэтэ” айар, суруйар дьону түмэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүү уонна “Сааскы ыллыктар” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэпсээнньиттэр түмсүү кыттыһан бөлөҕүнэн театральнай күрэһи оҥордулар.
“Талаан түһүлгэтэ” түмсүү туруорбут авторскай кинигэлээх бирииһин “Бастыҥ артыыс” аатын сүкпүт 3 миэстэлээх Горнайтан Варвара Иванова, 2 миэстэлээх Чурапчыттан Сардаана Корякина, 1 миэстэлээх Мэҥэ Хаҥаластан Екатерина Иванова туттулар.
“Сааскы ыллыктар” түмсүү биэрбит кинигэлэрин “Бастыҥ режиссёр” номинацияҕа тиксибит 3 миэстэлээх Мэҥэ Хаҥаластан Екатерина Иванова, 2 миэстэлээх Чурапчыттан төрүттээх Сардаана Корякина уонна 1 миэстэлээх Тааттаттан төрүттээх Анисия Иевлева ыллылар.
“АйАрт” тэриллии грамоталарын 3 миэстэлээх “Муза” хамаанда “Муза” постановката, 2 миэстэлээх «Тур-Аах» хамаанда «Эдэр специалистар» сценката, 1 миэстэлээх «Таракаан хамаанда » “Таракаан» сценката туттулар.
Бастакы экспедиционнай слёт кыттыылаахтара Кэбээйиттэн Вера Прокопьева өрөн ыыппыт кыл ситиитигэр ил-быйаҥ өҥнөөх таҥас кырадаһыннарын иилэн, «Доҕордоһуу саламатын» «Дьүрүскэн» литтүмсүүгэ бэлэх ууннулар.
Түгэнинэн туһанан, маннык улахан хабааннаах тэрээһини иилээн –саҕалаан ыыппыт дьоннорбутугар, ону тэҥэ Горнай улууһун краеведческай музейыгар, Мытаах нэһилиэгин музей –галереятыгар, Эбэ учаастагар турар сынньанар база хаһаайкатыгар Кесарева В.Д., “Дьүрүскэн “ литтүмсүү салайааччытыгар Новикова В.Ф., көхтөөх кыттыылаахтарыгар Тимофеев В.И., Андреева М.Р., Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун Эдэр литератордардарын сүбэтин бэрэссэдээтэлигэр Каженкин Р.Н., “АйАрт” айар, суруйар түмсүүлэри көҕүлүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи тэриллии бэрэссэдээтэлигэр Сутакова Д.В., “Айар аартыкпыт аргыстара” өрөспүүбүлүкэтээҕи суруйарга холонор эдэр ыччат түмсүүтүн салайааччытыгар Коркина И.Ф., “Спутники из мира поэзии” өрөспүүбүлүкэтээҕи нууччалыы уонна олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуот тылынан суруйар дьоҕурдаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүү салайааччытыгар Кычкина Е.А., “Талаан түһүлгэтэ” айар, суруйар дьону түмэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүү салайааччытыгар Прокопьева В.Н., “Сааскы ыллыктар” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэпсээнньиттэр бөлөхтөрүн салайааччытыгар Кириллин А.Г. уонна айаммытыгар арыаллаабыт суоппардарга Каратаев А.В., Ноговицын Н. С. улахан махталбытын тиэрдэбит.
Эһиилги слет Нам улууһугар буолара былааннанар. Өссө элбэх кыттааччы кэлиэ, кыттыа диэн бигэ эрэллээхпит. Сайын, үүн саха ыччата!
“Дьүрүскэн “ түмсүү
- Быйыл биһиги түмсүүбүт тигинэччи үлэлээбитэ алтыс сыла. Бу сыллар тухары биһиги 4 кинигэни, араас тэрээһиннэри тэрийдибит. Салайааччыбыт Диана Сутакова көҕүлээһининэн, Василий Тимофеев ыҥырыытынан, литературнай уонна айар түмсүүлэр толкуйдаһан быйыл «Сайын» диэн бастакы экспедиционнай слёт араас улуустартан суруйар, араас айар дьоҕурдаах дьону түмэ тардан Горнай улууһугар сылдьан кэллибит. Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгэ норуодунай суруйааччылары, художнигы таһаарбыт дириҥ историялаах сир буоларын истэн эрэ билэр этибит. Бастакы күммүтүгэр Бэрдьигэстээх, Мытаах нэһилиэктэрин музейдарыгар сылдьыбыппыт. Онтон кэрэ көстүүлээх Бор алааһыгар тиийэн «Айар аартыкпыт аргыстара-3» диэн «Айар аартыкпыт аргыстара», «Талаан түһүлгэтэ» республиканскай литературнай түмсүүлэр хомуурунньуктарын уонна Варвара Иванова «Мин илиибэр сырдык күн» диэн оҕолорго аналлаах кинигэтин сүрэхтээтибит. Бу кинигэлэргэ киирбит, үлэлэспит дьон санаатын иһиттибит. Икки күннээх тур былаанынан араас конкурстар, оонньуулар ыытылыннылар. Бары олус көхтөөх, бэһиэлэй дьону кытта алтыһан дуоһуйа сынньанныбыт.
Сюзанна Кондакова
- «Мин илиибэр сырдык күн» бастакы кинигэм улуу суруйааччыларбыт ини-бии Даниловтар төрөөбүт сирдэригэр Бор алааһын кэрэ көстүүтүгэр эдэр суруйааччылар көрүүлэригэр бэлиэтэммитэ. Кинигэм ис хоһооно кырачаан оҕолорбутун төрөөбүт тылларынан иитэр-үөрэтэр, төрөөбүт тылларын иҥэрэр суолталаах. Хоһооннор, остуоруйалар, уоскулаҥ, сынньатар, биһик ырыаларынан оҕону кытта оонньуу курдук сылаас илиинэн алтыһан, сырдык санаанан үтүө дьон буолалларын курдук төрөппүттэр, педагогтар үөрэттэхпитинэ, иитэн таһаардахпытына биһиги илиибититтэн кырдьык даҕаны өбүгэлэрбититтэн ситимнэнэр үтүө, сахалыы тыыннаах, тыллаах-өстөөх оҕолор тахсыахтара диэн ис сүрэхпиттэн оҥорон таһаарбыт сырдык, сылаас кинигэ дии саныыбын.
Варвара Иванова
- Айар куттаах эдэр дьоннуун Горнай улууһун Мытааҕар, Бор алааһын таһыгар турбазаҕа хонон-өрөөн кэллибит. Икки күн устата алтыһан, түүннэри костер тула олорон, арааһы сэһэргэһэн, бары да астынныбыт, дууһалыын арылынныбыт. Ырыа ыллаан, ас астанан, сир астаан, сөтүөлээн, балыктаан, оҕо курдук күллүбүт-үөрдүбүт, сэргэхсийдибит. Икки күн устата куонкурустар буоллулар.
Бу маннык слет бастакытын буолла уонна салҕанар тустаах, тоҕо диэтэр биир эйгэлээх дьон мустарбыт олус үчүгэй уонна туһалаах. Саамай «мүөтэ» — саҥа дьоннуун билсии. Биһигини ытыс үрдүгэр түһэрэн көрсүбүт, астаах-үөллээх, дьиэлээх-уоттаах, сүүрбүт-көппүт, тэрийсибит, Горнайга олорор доҕотторбутугар — Мария Андрееваҕа, Василий Тимофеевка уонна Варвара Ивановаҕа махталбын тириэрдэбин! Барыта уурбут-туппут курдук сылаастык, сымнаҕастык ааста.
Сардаана Корякина
- Бу дьыл, атырдьах ыйын 5-6 күннэригэр, аан маҥнай ыытыллар «СаҮын» диэн литературнай уонна айар түмсүүлэр экспедиционнай слеттарыгар баран кэллим. Үрдүк таһымнаах тэрээһин түмсүү Горнай улууһугар буолан ааста. Бастакы күммүтүгэр Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин историяны уонна кыраайы үөрэтэр түмэлгэ сырыттыбыт. Бу түмэл дириҥ историялаах, баай экспонаттаах, Горнай улууһун историятын кытта толору билистибит. Бу улууска элбэх улуу, талааннаах, биллэр дьон олорон ааспыттар эбит. Бэрдьигэстээхтэн Мытаах диэн нэһилиэккэ айанаатыбыт, дьэ онно баар эбит олус үчүгэй, саҥа, киэҥ, сырдык баҕайы түмэл. Онно киирэн Семён и Софрон Даниловтар биографияларын кытары билистибит, биллэр худуоһунньук Афанасий Осипов хартыыналарын көрдүбүт, киһи кэрэхсиир хартыына галереялаах эбиттэр. Ити түмэлгэ сылдьан «Бор» алааһын туһунан иһиттибит, уон түөрт ойуун онно көмүллэ сытар эбит, Ытык сир, айар дьон онно күүс ыла кэлэр эбиттэр. Салгыы «Бор» алааһыгар айанаан кэлэн эдэр суруйаччы Варя Иванова уонна «Айар аартыктар аргыстара» диэн кинигэлэри сурэхтээһинигэр сырыттыбыт. Софрон уонна Семён Данилов оҕо саастара ааспыт алааһыгар, кинилэр улааппыт дьиэлэрин таһыгар кэрэ көстүүлээх сиргэ сылдьан, ыраас салгынынан тыынан, дууһаалыын ырааһырар курдуккун. Кинигэлэри сүрэхтээн баран алааска баар конфедералистар дьиэлэрин көрөн, Бор алааһын историятын билистибит. Киэһэлик хонор сирбитин булан, ас астанан, чэй иһэн, бэйэ- бэйэбитин кытта сиһилии билистибит, киэһэ оллоонноон олорон ыллам ырыа күрэҕэ ыытылынна, кыттааччылар бары да сүрдээх талааннаах ырыаһыттар буолан биэрдилэр. Иккис күммүтүгэр күрэхпит салгыы ыытылынна, ким туох талааннааҕын көрдүбүт-иһиттибит. Ол курдук көрдөөх үчүгэй сценкалары көрдүбүт, сороҕор кыттан да ыллыбыт. Уруһуй, тыл да күрэстэрэ көхтөөхтүк буоллулар. Бу түмсүүгэ кыттыбыт дьон бары көхтөөх, үөрүнньэҥ, талааннаах буолан икки күн, биир тыынынан биллибэккэ ааста. Бу маннык слёт айар талаанаах дьону түмэр суолталаах буолан, сылтан сыл аайы өссө кыттааччыта кэҥээн иһэрэ буоллар диэн баҕа санаабын этэбин. Сахабыт сирин араас улуустарын барытын хабан, олор историяларын кытта билсэр, сири-дойдуну көрөн, элбэҕи билиэ-көрүө этибит.
Светлана Гаврильева
- Айар, суруйар түмсүүлэр уонна бөлөхтөр бастакы экспедиционнай слёттарын, казаахтар «Буршак» диэн түмсүүлэрин үлэлэригэр майгынныыр хамсааһыны ыытаары тэрийбиппит. Поэзия, проза, драма, ырыа, театр, киинэ диэн тус-туспа бөлөхтөрү оҥорон, хоһоону ырыа, прозаны театральнай постановка, драманы киинэ оҥорон үлэлииллэрин истэн, биһиги эмиэ оннук хабааннаахтык хамсаныахпытын сөп эбит диэн санааттан мустубуппут. Бу тэрээһин кэнниттэн, ырыаҕа кыайбыт Сардаана Корякина хоһооно Инна Донская матыыбыгар ырыа буолуохтаах. Тутатына турбут сценкалар ютуб канаалга тахсыахтаахтар. Онтон киинэҕэ бастакы хардыылары экспедиционнай слёппутун сырдатар видеоматериалларынан оҥоруохпут. Кэлин бу саҕалааһын өрөспүүбүлүкэ үгүс талааннаах ыччатын түмэн, өссө да элбэх сонун дьону сайыннарар бырайыактары оҥорон, төрөөбүт дойдубутугар туһалаах хамсааһыннар барыахтара диэн бигэ эрэллээхпит. Бу экспедициябыт сыл аайы саҥаттан саҥа сиргэ айар куттаах дьону түмэн, сайдар суолга сирдиэ.
Диана Сутакова.