Айар үлэлээх дьон буоларбыт быһыытынан, ханна да сырыттарбыт, үлэни-хамнаһы өрө туппут дьону кытары билсэн, сурукка тиһэн дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэр үгэстээхпит.
Аҕыйах хонуктааҕыта билэр уолум Егор Павлов Кировскай сайылыгар хортуоппуй сирин хорута барабын, барсаҕын дуо? диэбитин быһа гыммакка, тыа сирин дьонун олохторун-дьаһахтарын көрөөрү тутатына сөбүлэһэн, айаҥҥа туруннубут.
Соруммут сирбит Орто Өтөх оччо ырааҕа суох буолан, начаас тиийдибит. Эрдэ үлэспит буолан, биһигини хаһаайка Дария Павлова суол арахсыытыгар көрүстэ.
Соһуйуом иһин Дария Михайловна куһаҕан суолга ыарырҕаппат «Эскудо» массыына уруулугар олорор. Бэйэтэ тиэхиньикэлэммитэ ырааппыт. Бастаан «Нива» массыына ылынан, хаһаайыстыбатыгар туһана сылдьыбыт. Ардах кэнниттэн суоллара бырыы бадараан буолар эбит. Ол иһин, кыра моһоллортон иҥнибэт массыынаны ордорор.
Орто Өтөх сайылыга Сэбиэскэй кэм саҕана тутуллан, олох-дьаһах тигинээн турбут сирэ буола сылдьыбытын урукку улахан тутуулар туоһулууллар. Төһө да эргэрдэр, куйаас күннэргэ ынах сүөһү ол күлүгэр сытан, сөбүлээн сөрүүкүүр сирэ буолан туһалыы турар.
Сэһэргэһээччибин кытары ынахтарын ыан иннинэ, күөх окко чэйдии олорон, үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэбит.
— Алта ыанар ынахтаахпын. Үүппүн «Горнай-Ас» кооперативка туттарабын. Хороҕор муостаахтарбар араас эбии аһылыгы биэрэбин. Битэмиини толкуйдаабакка эрэ ылабын. Үчүгэй туруктаах буоллахтарына, хаачыстыбалаах бородууксуйаны биэрэллэрэ биллэр.
Билигин кыра уолбунаан иккиэйэҕин көрөбүт-истэбит. Сайдам быйыл эксээмэн туттарар, ол иһин кэлэ-бара сылдьар. Тутаах киһим буоллаҕа. Улахаттарым Дьокуускайга олороллор. Сайын ахсын кэлэн мэлдьи көмөлөһөллөр. Дьоммут-сэргэбит да кэлэ-бара сылдьаллар.
Тыа сирин дьоно бэйэ хаһаайыстыбалаах буолуохтаах. Инники сылгылардаах этим. Кыра оҕуруот аһын, хортуоппуй үүннэрбит.
Урукку сылларга манна олох тигинээн олорбута. Дьон-сэргэ элбэх этэ. Ити улахан титииги молдованнар туппуттара. Хата билигин да турар. Былыр мельница баар үһү диэн кэпсэл буолан хаалбыт. Ол аата өбүгэлэрбит улахан хаһаайыстыба тутан турдахтара.
Дьону ыҥыра сатыыбын да кэлбэттэр. Ирдэбиллэрэ наһаа үрдээбит. Быстыбат уот ситимэ, үчүгэй суол-иис, интернет, телевизор эҥин баар дуу дииллэр. Соҕотохпун диэн хайдах сайылыгы хаалларан кэбиһиэхпиний. Кыанарбыт тухары үлэлээн эрдэхпит.
Сайын үтүөтүн сайылыкка олорон билэбин. Айылҕалыын алтыһан, оттоон-мастаан, сир астаан киһи дуоһуйа сынньанар. Уһун кыһыҥҥа күүс-уох ылабыт.
Тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар ис сүрэхпиттэн ыалдьабын. Саастаах дьон кэмнэрэ баран иһэр. Ыччаттарга бу наадалаах, туһалаах диэн өйдөтүү үлэтэ кыайтарбат дии саныыбын. Дьиҥэр хороҕор муостааҕы көрөн-истэн, дэлэй үүтү ыллахха харчыта элбэх. Ол эрэн, кыһыҥҥы кэмҥэ үп хамсааһына бытаарар. Хамнас, биэнсийэ курдук кэмигэр кэлэн иһэрэ эбитэ буоллар, үчүгэй бөҕө буолуо этэ, — диэн Дария Павлова санаатын үллэстэр.
Сэбиэскэй кэмҥэ төрөөн, улаатан үлэни-хамнаһы өрө туппут Дария Михайловнаны кытары бэрт истиҥник кэпсэтэн, махтанан туран, элбэҕи билэн-көрөн, сайылык бүтэйин сабан, дьиэбит диэки туттубут.
Вячеслав Алексеев