Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан “Мин маҥнайгы хамнаһым” пилотнай бырайыак үлэлиир. Улууспут бу пилотнай бырайыакка киирcэн, сайыҥҥы ыйдарга оҕолор үлэнэн хааччылыннылар.
Кэнники сылларга Россия үөрэҕириитин эйгэтигэр саҥа ирдэбиллэр, хайысхалар киирэллэр. Хас биирдии үөрэнээччи айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун таба тайанан, билиигэ-көрүүгэ ситиһиилэнэрин, олоххо бэлэмнээх, инникигэ эрэллээх, төрөөбүт сиригэр бэриниилээх буоларын туһугар көхтөөх үлэ ыыталлар.
Ол курдук Л.Н.Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолата “Мин маҥнайгы хамнаһым” диэн пилотнай бырайыак чэрчитинэн, сайыҥҥы ыйдарга үс сезоҥҥа 33 оҕону үлэнэн хааччыйда. Манна элбэх оҕолоох, СВО-ҕа сылдьар дьонноох дьиэ кэргэн оҕолоро киирдилэр.
– Бу кэмҥэ үс оҕо Чиирийэ сайылыгар ынах сүөһү көрөр. Сайылыкка үлэлээччилэр ыйга 25 тыһ. солк ылаллар. Ону таһынан, сорох оҕолор оскуола оҕуруотун көрөллөр-истэллэр уонна сэлиэнньэҕэ волонтердууллар. Кинилэр биир ыйдаах хамнастара 11 тыһ. 340 солк. тэҥнэһэр. Эбии улуус дьарыктаах буолуутун кииниттэн 23 квота көрүллэн, оҕолор 6 тыһ.солк. туһаныахтара.
Оскуолабыт бу сылга тыа хаһаайыстыбатын управлениетын иһинэн улуус гранын ылары ситиспитэ. Оҕолор үлэлиир таҥастарын, сайылыкка ынах көрдүүргэ квадрокоптер ыларбытыгар олус туһалаах буолбута.
Оҕолор күҥҥэ 4 чаас үлэлииллэр. Остолобуойга аһатабыт. 14-тэн үөһээ саастаах, үлэлиэн баҕалаах оҕолору ылабыт. Инники былааммыт киэҥ. Улуус оҕолоругар сайыҥҥы стационарнай лааҕыр арыйар баҕа санаалаахпыт. Онно анаан кыһын бырайыак суруйохпут. Билигин турар сирин докумуонугар үлэлэһэ сылдьабыт”, – диэн оскуола дириэктэрэ Максим Максимов сырдатта.
Маҕарас орто оскуолата 20 сылгылаах, 16 ынахтаах. Кыстыыр отторун биригээдэ тэринэн оттууллар, 1.5 гаа сиргэ хортуоппуй, түрүнүөпүс ыһаллар. Сайын ахсын нэһилиэккэ оҕурсуу, помидор, биэрэс, кабачок уо.д.а оҕуруотут аһын атыылыыллар. Кыһыҥҥы ыйдарга оҕолор бэйэлэрэ бүөбэйдэһэн үүннэрбит битэмииннээх аһынан хааччыллаллар.
Нина Сутакова