“Саҥа дьылга хайдах күн-дьыл туруой?” диэн миигиттэн үгүс дьон ыйытар. Ахсынньы 29, 30, 31, тохсунньу 1, 2 күннэригэр биллэ тымныйыаҕа: -40С-45С буолуоҕа.
Ол эрээри өр тымныйбат — сыл аайы кэлэр сис былыт эмиэ тиийэн кэлиэҕэ. Онон салгыы тохсунньу эмиэ сымнаҕас ый буолар чинчилээх. Олунньуга кылгас кэмҥэ, ордук киин улуустарга, Ороһооспо кэнниттэн нэдиэлэ курдук тымныйан ылыаҕа: -40С-45С. Онон бүтүөҕэ. Олунньу эмиэ сылаас күннэринэн хадаҕалыаҕа,” — диэн норуот ытыктыыр синоптига, “Хайахсыт нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Тарас Лукич Тарасов иһитиннэрэр.
Ааптар: Сэмэн Жендринскэй, Чурапчы.