Саҥа дьылы хайдах көрсөргө, тугу кэтэргэ, дьиэни хайдах киэргэтэргэ, сандалыга туох ас-үөл баар буолуохтааҕа – куйаар ситимиттэн булбут сүбэлэрбитин ааҕыҥ. Луо сылын ханна да көрсөр көҥүл эбит, саамай сүрүнэ, үөрүү-көтүү көтөллөөх, ырыа-тойук аргыстаах, төһө кыалларынан Саҥа дьылы бэһиэлэйдик көрсүөхтээххин. Кытай култууратыгар сыл хаһаайынын настарыанньатыгар, майгытыгар сөп түбэһиэхтээххин диэн этиллэр.
Тугу кэтэбит?
Луо сырдык, дьэрэкээн өҥнөрү, килэбэчигэһи, хаачыстыбалаах матырыйаалы биһириир. Саҥа дьылы дьиэҕэр да көрсөр буоллаххына, мааны таҥаскын булунуохтааххын. Кыһыл, көмүс, от күөх өҥнөрү сүбэлииллэр. Оттон матырыйааллара: атылаас, солко, барча, баархат, шифон. Уһун былааччыйаны кытта бөдөҥ күлүмүрдэс киэргэл, киэһээҥҥи макияж, бүрүчүөскэ барсаллар. Эр дьон, көннөрү футболкаттан, джинсыттан аккаастанаргыт ордук. Көстүүмү эбэтэр ырбаахыны кытта ыстааны, кыһыл наскыны кэтиҥ, кыһыл эбэтэр от күөх хаалтыһы, бабочканы бааныҥ, көмүс запонканы иилиниҥ.
Саҥа дьылга тугу астыыбыт?
Луо бары бэлиэлэртэн үчүгэйдик аһыырын сөбүлүүр (гурман). Ыскаатар маҥан эбэтэр кыһыл буолара ордук. Чүмэчилэрдэ, декоративнай элэмиэннэрдэ, салфеткаларда эбэн биэриҥ. Бырааһынньыктааҕы остуол аһа-үөлэ элбэх, баай-талым буолуохтаах. Бүлүүдэ барыта сибиэһэй бороодуктаттан астаныахтаах, полуфабрикаты, кэнсиэрбэни уурумаҥ. Дракон эти, Кытай бүлүүдэлэрин олус сөбүлүүр. Апельсины, мандарины, хурманы уураргын умнума.
Дьиэни хайдах киэргэтэбит?
Таҥаска-сапка курдук, дьиэ иһин эмиэ дьэрэкээн гына киэргэтиҥ, мөһүүрэлэр, гирляндалар, банаарда олус барсыахтара. Мас оҥоһуктар хайаан да баар буолаллара наада. Төһөнөн сыл хаһаайынын декора, бэлиэтэ, ойуута элбэх да, соччонон үчүгэй. Кыһыл эбэтэр көмүс дьүһүннээх сабыылар, сыттыктар, ыскаатардар, түннүк сабыылара Саҥа дьыллааҕа дьиэни өссө киэргэтэн, силигин ситэрэн биэриэхтэрэ. Оту-маһы, үүнээйини көстөр сиргэ туруоруҥ. Төһөнөн элбэх уоту-күөһү, күлүмүрдэс элэмиэни киллэрэҕит да, үүнэр сыл соччонон ситиһиилээх буолуоҕа.
Дракон сылыгар үгэстэр, бэлиэлэр
Үүнэр сылы иэһэ-күүһэ суох көрсүҥ. Саҥа сыл үүнүөн иннинэ чугас дьоҥҥутугар, билэр дьоҥҥутугар эрийиҥ, төрүөт суох да буоллаҕына, санааларыгар туппаттарыгар көрдөһүҥ. Дьиэни кичэйэн сууйуҥ, муннуктары ыраастааҥ, наадата суох малы-салы, эргэ таҥаһы-сабы быраҕыҥ, ыскааптары сааһылааҥ. Дуо олус бэһиэлэй кыыл, онон бырааһынньык иннинэ доҕотторгутун кытта көрсүҥ, күлүҥ-үөрүҥ, оонньооҥ, сыыртан салаасканан түһүҥ, хайыһардааҥ, үчүгэй настарыанньата эрдэттэн хаһааныҥ. Сыл хаһаайына кэччэгэй дьону сөбүлээбэт, онон уобараскытын үчүгэйдик толкуйданыҥ, атын киһи таҥаһын, эргэни кэтимэҥ. Бырааһынньыкка кыыһырсар, этиһэр бобуллар. Үүммүт сыл бастакы мүнүүтэлэрин таһырдьа атаарыҥ. Бастакы бакаалы сибиэһэй салгыҥҥа истэххэ, сыл устата Луо араҥаччылы, көмүскүү сылдьыаҕа диэн өйдөбүл баар.
Хас биирдиибит Саҥа дьыл алыптаах түүнүгэр ураты эйгэҕэ куустарабыт, сырдык эрэли күүтэбит. Луо олоҕун уларытыан баҕалаах хорсун, күүстээх санаалаах дьону биһириир уонна кини аптаах буоларын умнумаҥ. Ол эбэтэр ыра оҥостубут санаабыт хайаан да туолуоҕа!
Айаана Ларионова, «Кыым» хаһыаттан
Елена Дьячковская уруһуйа