Киһи киһиэхэ сыһыана араастаах буолуон сөп. Биһиги редакциябытыгар өҥө оҥорор дьоҥҥо сыһыан тоҕо наһаа мөлтөөтө, бу билиҥҥи уопсастыба кыһалҕатын дьон билиитигэр таһаарыҥ диэн хас да киһи эттэ.
Киһи киһиэхэ – сур бөрө дуо
Тоҕо эрэ күннэтэ олохпутугар үтүө сыһыаны, эйэҕэс тылы, истиҥ мичээри умуннубут дуу. Араас холобурдары биһиги күннэтэ социальнай ситиминэн, дьон санаатын суруйарынан, хомолтотун этэринэн көрө-истэ олоробут, аахайбат да буоллубут. Баҕар аныгы, тэтимнээх олохпут көстүүтэ эбитэ дуу, баҕар пандемия содула дуу… Билбэппит.
Биирдэ өрөспүүбүлүкэ хаһыатыгар биир көрбүөччү, киһи эриэнэ таһыгар тахсар кэмэ кэллэ – диэбитин санаан кэлэбин.
Анал үөрэхтээхтэр билиҥҥи биһиги олохпутугар тас бөрүкүтэ суох дьайыы сабыдыала күүһүрэн иһэр. Халлаан куйаарыгар, тулалыыр айылҕаҕа уларыйыылар тахсаллар. Ол иһин ити сабыдыал барыта киһи этигэр-хааныгар эрэ буолбакка, өйүгэр-санаатыгар, майгытыгар-сигилитигэр куһаҕан сабыдыаллаах уларыйыылар тахсаллар диэн быһаараллар.
Аар Айыы үөрэҕин тарҕатааччы, Айыы ойууна Владимир Кондаков «Киһи билигин кыыллыйда, өссө ону ааһан букатын даҕаны абааһытыйда» диэн турар. Ама, киһи киһиэхэ – сур бөрө дуо?
Бэйэм бу теманы улууспутугар кэтээн көрдүм, хас даҕаны киһини кытта кэпсэттим. Онон бу тема улахан социальнай кыһалҕа буолбутун бэлиэтээтим.
Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр
Соторутааҕыта билэр кыыһым телефонунан тахса сылдьан дьон наһаа да уларыйбыт диэн санаатын үллэһиннэ. Кини күннэтэ дьону кытта үлэлиир, алтыһар. Күҥҥэ быһа холоон 400-500 киһи кэлэн барар. Холобурдуом диир. Улуус биир улахан тэрилтэтин тутаах үлэһитэ, көрдөххө күөх оту тосту үктээбэт, нэһиилэ саҥарар мааны дьахтар. Кэлэн баран камера суоҕун билэр дуу, оҕом истэн турдаҕына дэлби маатырылаата, куурканан сирэйгэ бырахта, аттыгар турар табаардаах дьааһыгы тэбиэлээтэ. Бу төннүбэт табаар диэн быһаара сатыыбын олох истибэт, эппитин этэ турар. Ыксаан оҕом, «уоскуйуҥ эрэ» диэн кыттыспытыгар тохтоото. Итиччэлээх үөҕүллэн баран, наһаа хомойдум, абардым. Ол иһин полиция ыҥыран, үҥсүү сайабылыанньа суруйдум. Билигин киһим хата сыыһатын өйдөөн суукка тириэрдибэккэ, бырастыы көрдөстө. Бу биир эрэ холобур. Маннык атыыһыты киһинэн аахпат дьону үҥсэн иһэрим буоллар полиция үлэһиттэрэ миэхэ күн аайы сылдьыахтара этэ.
Кыыспыттан эн кэтээн көрүүгүнэн ордук хайдах дьоннор итинник халы-мааргы сыһыаннаахтарый диэтим. Үлэһит, учуутал, иитээччи, тэрилтэ салайааччыта буоллун — ким баҕар. Бу уопсастыба үлэһит араҥата, култууралаах, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах диэн өйдөбүлү кытта хомойуох иһин сөбүлэспэппин. Үлэлиирим тухары төһөлөөх киһини кытта алтыстым уонна сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр диэн өбүгэлэрбит этиилэрин кытта толору сөбүлэһиэх санаам кэлэр. Ол эрэн эрэнэбин хаһан эмит үс сылы быһа дорооболоспотох атыылаһааччым санаата көнөн, күүтүүлээх дорообо диэн тылы истиэҕим…
Атыыһыт – ол аата сэниэххэ сөп?
Биир билэр атыыһытым ити санааҕа эмиэ кыттыһар. Маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыр буоллаххына ардыгар сэнии көрөллөр. Ханна да үөрэммэххэҕин бу атыыһыттыы эрэ олороҕун дуо диэн бэл аҕам саастаахтар сэнээбитии кэпсэтэллэр, үөһэттэн көрөлллөр. Өссө харчыларын да быраҕан биэрэр дьон үгүс. Дьиҥэр, үөрэммит да буолан баран, үлэ булбакка атыыһыттыыр кыргыттар элбэхтэр ээ, икки үрдүк үөрэхтээхтэр кытта бааллар. Дьокуускайга ылан көрүҥ, Эльдорадо, ДНС, Глория Джинс, Пятерочка о.д.а. улахан маҕаһыыннарга барыта үрдүк үөрэҕи бүтэрбит ыччаттар үлэлииллэр. Үлэ суоҕун кэннэ үрдүк үөрэхтээхпин диэн баран үлэлээбэккэ олорбот буоллаҕыҥ. Дьон хаҕыс сыһыана уруккаттан дуу, саҥа маннык буолла дуу диэн ыйытыыбар бары даҕаны тута «уруккаттан» диэн хоруйдууллар.
Биһиги үлэбит эмиэ ыарахан ээ
Уопсайынан дьоҥҥо өҥө оҥорор үлэҕэ сылдьар олус ыарахан. Наһаа элбэх сэниэҕин, күүскүн барыыгын. Кафеҕа үлэлиир дьону ылан көрүөҕүҥ. Билигин кэпсэппит поварым санаатын маннык этэр. Дьон куһаҕан сыһыанын уруккаттан билэбит. Бары диэбэппит, ол эрэн сэнэбиллээхтик сыһыаннаһар дьон элбэх. Биһиги үлэбит эмиэ хас биирдии үлэ курдук ыарахан ээ.
Дьиэ кэргэҥҥин, оҕолоргун умнан туран, сарсыарда 5-6 чааска туран, аскын астыы кэлэҕин. Үлэһит суох буолан, барытыгар бэйэн сылдьаҕын. Күн аайы уонна кофеҕыт ыарахан, бэрэскигит ыарахан, нууччалыы эттэххэ күннэтэ үгүс «претензияны» истэҕин. Дьиҥэр оттон барыта ырыынак сыанатынан буоллаҕа, ресторан курдук сыанабытын да ыараппаппыт, тыа сирин, тыа дьонун хармаанын сиэринэн.
Киһи эрэ үөрэ, кынаттана сылдьыа этэ
Биир наадалаах уонна ыарахан үлэнэн –такси буолар. Күннэтэ дьону таһар, драйвер өҥөнөн үлэлиир киһи маннык диир. Дьону кытта үлэлиир биллэн турар ыарахан, кинилэр санааларын таба таайар да уустук. Мин холобур сарсыарда 7 ч., түүн 00.00 чч диэри сүүрэбин, бэйэм клиеннардаахпын, приложениенан даҕаны үлэлиибин. Бары да буолбатар, куруубай, культурата суох пассажирдар бааллар. Ааҥҥын хайы быраҕан тахсаллар, күһүн, саас салону да харыстаабакка тэпсэллэр, үөҕэн, төлөөбөккө да тахсан да барааччылар. Ол эрэн хайыахпытый, сымыһахпын быһа ыстаан, «клиент всегда прав» диэн баран, дьиэ кэргэммитин аһатаары үлэлиибит. Бэйэм психолог да курдук буоллум. Араас дьон олорсор, сороҕор бэйэлэрин историяларын кэпсииллэр, сороҕор ытыыллар, үөрүүлэрин да үллэстэллэр. Бары бэйэ-бэйэбитигэр эйэҕэстик сыһыаннаһа сырыттахпытына төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй. Киһи эрэ үөрэ, кынаттана сылдьыа этэ.
Улууспут олохтоохторо дойдубутугар онто да суох ыарахан балаһыанньа буола турар. Онон маннык кэмҥэ киһи киһиэхэ-сылаас сыһыана, өйөбүлэ-өйдөбүлэ хаһааҥҥытааҕар даҕаны күндү, эмтиир күүстээх, санааны көтөҕөр, күүскэ күүс эбэр. Саха киһитэ барахсан оччоттон баччаҕа диэри бэйэ-бэйэҕэ өйөнсөн, ылсан-бэрсэн, көмөлөсүһэн олорор.
Онон өбүгэлэрбит үөрэхтэринэн, саха мындыр өйүнэн, муударай санаатынан салайтаран, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха, атын киһи тус санаатын, күннэтэ биһиэхэ өҥө оҥорор дьоммутун убаастыахха. Киһи киһиэхэ сыһыана харыстабылга уонна ытыктабылга олоҕурарын умнумуохха.
Күннэй Алексеева
Хаартыска аһаҕас интэриниэт ситимиттэн туһанылынна