Россия Президенин фондатын өйөбүлүнэн ыытыллыбыт «Кэлэр кэм сатабыллара» диэн сыыппара эйгэтин компетенцияларыгар чемпионат 10 кыайыылаах оҕолоро бу күннэргэ Санкт-Петербург кэрэ миэстэлэринэн экскурсияҕа сылдьаллар.
Бэҕэһээ Пушкин куоракка (урукку Царское село) Екатерининскай дыбарыаһы сөҕө-махтайа көрдүлэр, дыбарыас таһынааҕы пааркаҕа дуоһуйа күүлэйдээтилэр. Аатырбыт судаарыстыбаннай Эрмитаж уораҕайыгар дойдубу культурнай баайын, нэһилиэстибэтин кытта билистилэр. Маны тэҥэ оҕолор Петергоф фонтаннарын кэрэ көстүүтүн көрөн дуоһуйуохтара, Нева өрүс устун теплоходунан уста сылдьан муосталар арахсыыларын билсиэхтэрэ.
Бу умнуллубат айаны оҕолорго Эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн үлэлиир «Сайдыы суола» уопсастыбаннай тэрилтэ бэлэх уунна. Тэрээһин Саха өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Оҕо сылыгар сөп түбэспитэ олус тоҕоостоох.
Оҕолор уонна төрөппүттэр Россия Президенин фондатыгар барҕа махталларын биллэрэллэр.
Александра Колесова, «Сайдыы суола» уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта