Сарыада уонна Алмаас (кэпсээн III чааһа)

Бириэмэ тохтообокко устар, номнуо хас эрэ сыл биллибэккэ ааһар… Сарыада киһи билбэт буолуор диэри уларыйбыт. Кимниин да кэпсэппэтэ, көрсүбэтэ, доҕотторо даҕаны киниэхэ наадыйбат курдук көстөллөрө. Биир-биир тэйдэр тэйэн иһэллэрэ, ол аайы кини кими да өйдүү сатаабакка олоҕуттан сотон иһэрэ. Этэргэ дылы тоҥ сүрэхтээх кыыс буолбута.

Ити бириэмэҕэ Сарыада хоһоон суруйар дьоҕурун тохтоппокко өссө сайыннаран испитэ. Ис санаатын илиискэ тиһэн чэпчиирэ, уоскуйара. Истиҥ чугас доҕоро – хоһоон эрэ буолбута. Биир күн ватсаапка олорон, хоһоонньуттар бөлөхтөрүгэр киирэр. Дьэ онно бааллар эбит бэйэтин тэҥнээхтэрэ, кинини биир тылынан өйдүүр дьоно. Билсэн-кэпсэтэн, элбэх саҥа доҕоттордоммута. Ол бөлөххө Кыталыына диэн хоһоонньут Сарыада суруйууларын бэлиэтии көрөн, сөбүлээн ааҕан, сүбэлээн-амалаан, сыыһаларын көннөрөн биэрэн, улахан өйөбүл буолбута. Сорох хоһооннорун араас хаһыаттарга таһаартарбыта. Ол онтон кыыс олус үөрэрэ. Билигин Кыталыыналыын эдьиийдии-балтылыы курдук дьүөгэлиилэр. Ол курдук аргыый аҕай кыыс олоҕо устар устан иһэрэ.

Сыл-хонук, хас эмэ сыл барытын умуннарыа дии саныыра, аһардыа диэн эрэнэрэ. Эмиэ даҕаны абааһы көрөн умна сатыыра да сатаммата. Син-биир Алмааһы эрэ таптыыра, кэтэһэрэ. Алмаастан атыҥҥа наадыйбата, билсэ да сатаабата. Түүнүн уоран ытыыра, ахтан-суохтаан, кинини ыҥыра сатыыра. Ол эрэн, Алмаас кыыс сипсийэр саҥатын хантан истиэй. Ханна эрэ ыраах сырыттаҕа дии.  Сарыаданы биир эмит түгэн саныыра дуу?

Кыыс тулуйбакка сааскы киэһээ Алмааска смстыыр:

Кыыс: Привет Алмаас! Хайдаххыный?

Ханна баарын, хайдах сылдьарын билиэн баҕарара. Долгуйан эбитэ дуу, эбэтэр мээнэ сылтах була сатаан эбитэ дуу. Ону бэйэтэ эрэ билэрэ. Син сотору соҕус буолан баран, эппиэт кэлэр.

Уол: Привет! Үчүгэйбин. Эн хайдаххыный? Хайдах олороҕун?

Сарыада уол смһын дьиктиргээн аахта уонна эппиэттиир:

Кыыс: Барыта кэминэн этэҥҥэ.

Ити күнтэн ылата эмиэ уруккуларын курдук күн аайы кэпсэтэллэрэ. Кыыс сүрэҕэ хоһуттан тэппит кэриэтэ чэпчээн, аа-дьуо тэппитэ. “Алмаас, тоҕо кыыска суруйда?” баҕар, суохтаан ылбыт түгэннээҕэ буолан дуу, эбэтэр баҕардар аһына санаабыта эбитэ буолуо дуу. Ону ким билиэй, ким эппиэттиэй. Билиҥҥээҥҥэ диэри кистэлэҥ ыйытыы буолан хааллаҕа. Ол эрэн, билигин барыта атынын, урукку курдук буолбатын сэрэйээхтиирэ. Ааспыт кэм хатыламматын, төһө даҕаны ыараханын иһин ол түгэҥҥэ букатыннаахтык сүтэрбитин өйдөөбүтэ. Ол күҥҥэ өлбүт эбит кини улахан таптала. Өйдөбүл эрэ буолан хаалбытын дьэ кэлэн, кырдьыктыы ылыммыта. Сарыада, доҕорун ыытарга сананна.

Алмааска суруйар.

Кыыс: Бырастыы доҕоччуок. Номнуо тапталым ааспыт, ахтылҕаным сойбут эбит. Хайа эрэ бириэмэҕэ кырдьык баара барыта. Ол эрэн, ааспыты төнүннэрэр табыллыбат эбит. Мин эйигиттэн биир эрэ көрдөһүүлээхпин, дьиҥнээх тапталгын көрсөҥҥүн, дьоллоохтук олорооруҥ…

Уол: Махтанабын. Дьоллоох буол!

Үөрэн инник эрэ эппиэттээтэ дуу Алмаас, эбэтэр соһуйан тугу да этэрэ суох буолан дуу. Кыыс эмиэ да хомойуох санаата кэлэр, эмиэ даҕаны чэпчээбит курдук сүрэҕэ. Хас эмэ сылы быһа илдьэ сылдьыбыт тапталын босхолоон, көҥүлгэ ыытан. Ол эрэн Сарыада олоҕор көстөн ааспытыгар олус махтанара. Элбэххэ үөрэттэ, элбэҕи көрдөрдө, бэлэхтээтэ дии саныыра. Син-биир Алмааһын ахтара, суохтуура. Ылла да умнубат буоллаҕа, син бириэмэ ааһыа, барыта умнуллуо диэн кыыс салгыы бэйэтэ олорор. Ол курдук алҕас булсуу, улахан тапталга кубулуйан аастаҕа.

Сарыада, ол кэмтэн ыла ураты санаалаах киһи буолар. Муударай диэҕи эдэрэ бэрт буолуо, арай, хас биир түгэнин харыстыыр буолбута. Уонна поэзия суолун талан, аргыый айаннаан иһэрэ. Баҕар, кэлин биллэр суруйааччы буолан хаалыа…

Күндү ааҕааччыларым! Манан Сарыада уонна Алмаас диэн кэпсээммин түмүктүүбүн. Кинилэр билигин тус-туспа дьоннор, атын-атын дьылҕалаахтар. Ол эрэн, этиэм этэ – бу күн сиригэр таптал диэн баар. Итэҕэйиҥ!

© Марика К – Күндү.