II чааһа
Син бириэмэ ааһар, былыт устар, олох салҕанар…
Сарыада, биир үтүө күн куоракка доҕотторугар күүлэйдии барарга сананна, хомунан бүтэн баран, сарсыардааҥҥы таксига суруйтарда. Сарсыарда эрдэ туран, такситын кэтэһэ олордоҕуна, массыына өр кэтэһиннэрбэккэ кэллэ, айаҥҥа турунна. Массыынаҕа түннүгүнэн суолу көрө-көрө, ону-маны саныы олорон, утуйан хаалла.
Сотору кэминэн тиийэн доҕотторун көрсөн үөрүү-көтүү, куорат устун күүлэйдиэх, пааркаҕа сылдьыах буоллулар. Ол курдук, үс-түөрт күн оннук сэргэхтик ааста.
Ол кэмҥэ Алмаас үөрэнэ сылдьара, сессия кэмэ буолан, отой солото суоҕа. Арыт, күнү күннээн сүтэн, киэһэ аайы кэпсэтэллэрэ тохтуур буолара. Сарыада олус ахтара, суохтуура. Ол эрэн өйдүү сатыыра, көрсүөн баҕарара. Хайдах да этиэн билбэтэ, эмиэ да кыбыстар курдуга.
Сарыада, доҕоругар смстыыр:
Кыыс: Алмаас привет! Хайыы сылдьаҕыный?
Сотору буолаат эппиэттиир:
Уол: Привет! Үөрэнэн бүтэн, дьиэлээн иһэбин. Онтон эн?
Кыыс: Мээнэ олоробун, бу күүлэйдээн кэллибит дьүөгэбинээн.
Уол: Ханна сырыттыгыт?
Кыыс: Паарканы кэрийэн таҕыстыбыт.
Хайдах эрэ хомойбут курдук кэпсэтэрин Алмаас сэрэйэн ыйытар:
Уол: Сарыада, эн туох буоллуҥ? Туохтан хомойдуҥ, сэгээр?
Кыыс: Барытын билэҕин ээ, тугу хайдах суруйарбын кытары билэҕин.
Уол: Чугас киһибин мин билбэтэхпинэ ким уонна билиэй?
Кыыс үөрбүт сирэй ыытар.
Уол: Сарыада, эн умнума, миэхэ олус чугас күндү киһим эн эрэ буоларгын!
Кыыс: Билэбин… Ол эрээри тоҕо көрсүөххэ диэбэккин? Эн сэрэйбэккин дуо, туохха кэлбиппин манна?
Уол: Оо дьэ, билигин табыллыбат сатаан, үөрэхпэр кыһаллыахпын наада. Билэҕин батта отой солото суох сылдьарбын сэгэриэм.
Кыыс: Ама, биир күнү уоран ылаҥҥын бэлэхтиир кыаҕыҥ суох дуо миэхэ?
Уол: Чэ, сэгээр, кыыһырыма. Бириэмэтэ кэллэҕинэ көрсүөхпүт буоллаҕа дии. Туохха ыксыыгын? Өссө да бириэмэ баар, аныгыскыга кэллэххинэ эбэһээт көрсүөхпүт…
Итинэн киэһэ смстаһан бүтэллэр. Сарыада олус хомойон, ытыах санаата кэлэр, өйдүү сатыыра доҕорун. Ол эрэн син биир көрсүөн баҕарбатаҕыттан дьиктиргээн хомойор эрэ…
Хас да күн ааспытын кэннэ, Сарыада доҕотторугар махтанан баран, дьиэтигэр айаннаата. Сарыадалаах Алмаас төһө эрэ бириэмэ эмиэ ыйдаах күн кэриэтэ көрсүбэккэлэр кэпсэтэллэр, чугас доҕордуу буолалларын умнубаттар.
Онтон, эмискэччи Алмаас бэрт дьиктитик уларыйан хаалар, сыһыана тымныйар, кэпсэтэрэ аҕыйыыр, суруйара биллибэт буолан хаалар. Сарыада тугу да өйдөөбөккө, тугу саныан билбэтэ. Доҕоро тэйдэр тэйэн иһэрин ылыныан баҕарбакка, араас санаанан бэйэтин уоскутуна сатыыр да, син биир кыаллыбата. Сылаас тыллары, истиҥ хоһооннору суруйан ыытара, ол эрэн тоҥмут сүрэҕин ириэрбэтэ.
Сарыада суруйар:
Кыыс: Алмаас, доҕоччуок, эн туох буоллуҥ? Этиий миэхэ.
Уол: Сэгээр, туох да буолбатым ээ, эн тоҕо инник дии-гиний?
Кыыс: Оттон суруйбаккын дии, уруккуҥ курдук, сүтэн хаалаҕын. Итинник кэмҥэ хайдах өйдүөхтээхпиний мин эйиигин?
Алмаас куруук инник ыйытыылартан куотар курдуга, эппиэттээбэккэ хаалан иһэрэ. Кинилэр сыһыаннарыгар ханнык эрэ тыал курдат ааһан, барытын тымнытта, тоҥордо. Кэпсэтэн иһэн ситэ суруйсубат да буолан иһэллэрэ, өйдөспөккөлөр кыыһырсан да ылаллара. Сарыада ол аайы хомойоро, сүрэх тэһийбэт кэмнэрэ үөскүүрэ.
Биир күн Алмаас атын кыыстаммытын, атын аналламмытын соһуччу истибитэ.
Сарыада Алмаастан смстаан ыйытар:
Кыыс: Алмаас, кырдьык сураҕы иһиттим дуо? Атын… атын кыыстанныҥ дуо?
Уол: Сарыада, бырастыы гын, ол эрэн кырдьык. Хайдах этиэхпин билбэккэ сылдьыбытым, хомотуохпун баҕарбатаҕым. Өйдөөрүүй эн, сэгээр, атыны таптыырбын. Мин эйиэхэ истиҥ доҕор эрэ буолар кыахтаахпын. Кыыһырыма, баһаалыста.
Сарыада хараҕыттан уу сүүрэр, хайдах буолуон билбэтэ, сүрэҕэ хам ыга баайар курдук ыарыйда, дууһата, тыына хаайтарбыттыы айманна. Кини хантан билиэй, барыта маннык эргиччи уларыйан, алдьана охсорун.
Сарыада Алмааска суруйар:
Кыыс: Эн билэр этиҥ, эйиигинэн олорорбун, эйиигинэн тыынарбын… Истиҥ даҕаны доҕор буоларгар ыарахан, быһыыта, икки аҥыы хайдыбаккын сатаан. Бырастыы, алҕас булбуппун эн кытылгын. Ыытабын…
Уол: Сарыада, бүтүүй, ону-маны суруйума. Барыма…
Ол эрэн Сарыада төлөпүөнүн арааран баран, кини олоҕуттан сүтэр, төннүбэттии барар. Баҕар, сыыһа гыммыта буолуо, баҕар итинник гыныахтааҕа буолуо.
Төһө да аҕыннар, төһө да суохтаатар салгыы олоро сатыыра. Кини олоҕор аны мэһэйдэспэт буоларга, дьоллоох эрэ буоларын баҕарара. Бэйэм хайдах эмит тулуйуом, аһардыам диэн кимиэхэ да тугу да кэпсээбэтэ.
Ол курдук, ыйдаах күн алҕаска булсаннар, бииргэ буола сатаабыттар. Ол эрэн кинилэр хаһан да бииргэ буолбаттар эбит. Сарыада, умнубат доҕорун таптыырын да кыайан эппэт. Баҕардар, Алмаас кэлин өйдүө диэн эрэнэ саныыра.
© Марика К – Күндү.