Сарыада уонна Алмаас (кэпсээн)

Туох буруйугар кини хаампат буолан төрөөбүтүн, айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэр… Таҥара сыыһата дуу, эбэтэр дьээбэтэ дуу? Ким таба таайан этиэй, сөптөөх эппиэти булан биэриэй.

Сарыада, ыарыытын ылыммакка сордоноро, хаампатыттан хомойон курус санааҕа ылларара.  “Тоҕо мин сүүрбэппин-көппөппүн?” ыйытыы кини өйүттэн хаһан да сүппэтэ, сөптөөх эппиэти булан ылбата. Сылтан сыл, күнтэн күн ыарыыта баһыйан иһэрэ, кинини хамсаабат буолуу кыайан иһэрэ.

Ол эрэн Сарыада истиҥ ыраас санаалаах, сымнаҕас майгылаах уонна таптыыр сүрэхтээх диэн доҕотторо этэллэр. Доҕотторо-атастара олус сөбүлүүллэр, убаастыыллар.

Сарыада, аҕыйах сыллааҕыта хоһоон, кэрчик санаалары суруйан саҕалаан, тугу саныырын, тугу кэтэһэрин, туох кинини аймыырын кумааҕыга кэпсээн, хоһооҥҥо кубулутар буолбута… Биирдэ эмит бэйэтэ айбыт-суруйбут үлэтин кинигэ курдук оҥорон, чугас дьонугар бэлэхтээн үөрдэрэ.

Ол таһынан иллэҥ кэмигэр интэриниэккэ киирэн, доҕотторун кытта суруйсара, ону-маны көрөрө, ааҕара. Ол эрэн кини олус соҕотохсуйара, ханна да барбатыттан санаата түһэн ылара.

Истиҥник саныыр, кинини хайдах баарынан ылынар таптыыр доҕордонуон олус баҕарара. Биир үтүө күн кинини көрсүөм, булан ылыам дии саныыра.

Түүн аайы чаттарга киирэн, араас оҕолору кытта кэпсэтэн, бириэмэни көрбөккө сарсыардааҥҥа диэри олорон хаалара. Сарыада, чакка хос аата “Хоһоон суруйар кыыс”. Биир киэһээ смс нөҥүө кимниин эмит кэпсэтиэн баҕаран чакка оҕолор нүөмэрдэрин ыла олордоҕуна, арай “Алмаас” диэн ааттаах уол киниэхэ суруйда.

Алмаас: Дьэ эрэ, нүөмэргин биэр.

Сарыада, нүөмэрин суруйан биэрдэ. Өр кэтэһиннэрбэккэ, сотору соҕус буолаат, смс тиийэн кэлэр.

Алмаас: Привет, хоһоон суруйар кыыс.

Сарыада: Привет!

Салгыы интэриниэккэ кэпсэтэллэр.

Алмаас: Аатыҥ кимий?

Сарыада: Сарыада диэммин.

Алмаас: Кырасыабай баҕайы ааттааххын, Сарыада.

Сарыада: Махтанабын! Онтон эн ким диэҥҥиний?

Алмаас: Алмаас диэммин.

Кыыс үөрбүт сирэй ыытар.

Ол күнтэн ыла күнүстэри-түүннэри смс нөҥүө кэпсэтэннэр күннэрин биллэрбэккэ атаа-рар буолбуттара…

Иккиэн олус тапсан кэпсэтэн, урут уруккуттан билсэр дьон курдук буолбуттара. Күн-дьыл аастаҕын аайы кинилэр бэйэ-бэйэлэрин ахтыһаллара күүһүрэн испитэ. Кылгас кэм иһигэр истиҥ доҕордуу буолбуттара.

Аҕыйах кэминэн Сарыадаҕа чугас доҕоро, өйдүүр-өйүүр киһитэ кини эрэ буолбута. Кыыс оччугуй сүрэҕэ кинини ордорон, иһигэр чугастык киллэрэн, таптыыр буолбутун бэйэтэ сэрэйбэккэ хоһооннорун соҕотох киниэхэ эрэ анаан суруйар буолбута. Доҕоро интэриэһиргээн ааҕарын көрөн, ис санаатыттан  үөрэрэ.

Сарыада кинини сүтэриэн олус куттанара, хараҕын харатын курдук харыстыыра, кини сыһыанын сыаналыыра. Күн аайы Алмаас хаһан солотуйарын кэтэһэн, араас ахтылҕан суруктарын ыытара. Күнтэн күн, кинитэ суох сатаан сылдьыбатын, суохтуурун билинэрэ, ол эрэн барытын өйдүүрэ, хайдах баарынан ылына сатыыра да, арыт табыллыбат курдуга…

Таптыыр доҕоро атын аналлааҕын, сүрэҕэ атыҥҥа анаммытын билэрэ. Ол эрээри кыһаммат курдук тутта сатыыра да арыт табыллыбат буолара, арыт хомойон ылара.

Биир үтүө түүн Сарыада уонна Алмаас суруйсаллар:

Алмаас: Сарыада, эн баҕа санааҥ тугуй?

Сарыада: Мин баҕа санаам, саамай-саамай үрдүк дьиэ үрдүгэр тахсан туран, сулустаах халлааны көрүөхпүн баҕарабын.

Алмаас: Туолуон сөп баҕа санаа эбит.

Сарыада:Билбэтим.

Алмаас өр соҕус саҥарбакка олорон баран суруйар.

Алмаас: Хайаан да көрдөрүөҕүм сулустаах түүҥҥү халлааны, Сарыада! Биһиги көрсүөхпүт сотору. Иккиэн күүлэйдиэхпит. Эн эрэниий, миэхэ.

Сарыада: Эрэнэбин… Итэҕэйэбин эйиэхэҕэ.

Истиҥ доҕордуулар биир да күн арахсыбаттара. Ол эрэн Алмаас биирдэ эмит сүтэн ылан, кыыс дууһатын аймыы-ра… Онтон Сарыада өр соҕус бириэмэ суруйбатаҕына Алмаас долгуйара. Ол курдук кинилэр күннээх ый кэриэтэ куруутун бииргэ сылдьаллара, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөллөрө, өйөһөллөрө.

Ол эрэн Сарыада уонна Алмаас көрсүһэллэрэ таабырын. Бу олох тугу бэлэмнээбитин таайан да көрбөттөр.

© Марика К – Күндү.

Салгыытын күүтүҥ