Сэрии кэмигэр Силээҥҥэ сууллубут сөмөлүөт туһунан элбэх сурулунна. Норуот суруйааччыта Амма Аччыгыйа бу быһылаан туһунан «Алдьархай» диэн сэһэн суруйан улахан сэҥээриини ылбыта. Бу алдьархайга түбэспит дьоннору быыһыырга Силээн түөлбэтин олохтоохторо улаханнык көмөлөспүттэрэ.
Ол эрээри сорох кэмҥэ, Саха сиригэр сөмөлүөт хас да сиргэ сууллубута, онон бу сэһэҥҥэ суруллубут эһиэнэ буолбатах диэн саарбахтааччылар, мунаарааччылар бааллара.
Ол иһин мин студенныы сылдьан, Амма Аччыгыйын ыҥырыытынан дьиэтигэр баран көрсөн, быһааран, ити быһылаан чахчы Горнай сиригэр буолбутун бигэттэрбитим. Ол иннинэ сайын табаарыспынаан Аркадий Тимофеевтыын баран суулла сытар сөмөлүөтү хаартыскаҕа түһэрбитим.
Суруйааччыга ону бэлэхтээбитим. Үөрбүтэ, чэйдэппитэ, ирэ-хоро сэһэргэспитэ. Быйыл сайын киинэ уһулааччылар кэлэн бардылар.
Чахчы историяҕа киирбит, геройдуу быһыы олохтоммут быһылаана суруллубутун дьон-сэргэ Саха сирин үрдүнэн билиннилэр. Онон бу сөмөлүөтү Солоҕонум дьоно, салалтата турунан Өркө аҕалан туруоралларыгар баҕарабын.
Бастакы холонуу араас биричиинэнэн кыаллыбатаҕа. Оттон эһиил Кыайыы 80 сылынан, кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар анаан, маннык үйэлээх иитэр-үөрэтэр суолталаах үлэни оҥорор – ураты кэскиллээх сорук!
Василий Алексеев.