СӨРҮҮКЭТЭР УТАХ
Састааба:
Биирдии дьаабылыка, апельсин аҥаардара
Ост. нь. аҥаара отон
Ост. нь. аҥаара облепиха
2-3 ост. нь. саахар
Ч.нь. мүөт
Дьаабылыканы, апельсины кыра гына кырбаан баран, отоннору кытта кувшиҥҥа кутабыт. Бастаан кувшин аҥаарыгар диэри итии кутан туруора түһэбит. Манна саахары, мүөтү кутан буккуйабыт. Сотору соҕус тымныы уу эбэн биэрэбит уонна халадьыынньыкка уган өссө тымнытыахпытын сөп. Куйаас күҥҥэ сүрэҕи-быары сөрүүкэтэр минньигэс утах бэлэм буолла
Тускар туһан!
Анастасия рецебэ
#рецепт
@dalbarxotyn
@silatrudagorny