Сиэдэрэй симэхтээх мааны тиэргэн

Бу күннэргэ биһиги СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын  үтүөлээх үлэһитэ Екатерина Егороваҕа ыалдьыттаатыбыт. Кини алаһа дьиэтин тиэргэнэ хатыламмат кэрэ  көстүүлээх, сэргэх кэпсээннээх буолар.

 

Уопуттаах оҕуруотчут тиэргэнин иһэ соҕуруу дойду отунан-маһынан киэркэйбитэ хараҕы сылаанньытар. Күөх саадыгар үүннэрбит  «Кырдьаҕас бузинам барахсан» диэн ытыгылаан ааттыыр  маһыттан саҕалаан, тиэргэн иһин көрдөрдө. Черемуха, яблоня, бояришник, сирень, подрябинник, бузина, биэ эмиийэ бары биир сиргэ кэккэлэһэ үүнэн тураллара дьикти кэрэ көстүүлээх.

Сиэдэрэй өҥнөөх петуниялар, цинниялар, львиный зевтар, портулак, калибрахоа, астралар, анютины глазки, петуниялар, шток роза, портулак, георгина, рудбекия, годеция, шафран, Сиинэтэн аҕалбыт дельфиниума   уо.д.а  сибэккилэр бааллар.

Маны сэргэ оҕуруот аһын арааһыттан  арбуз, тыква, кабачок, оҕурсу помидор, перец үүннэрбит. Отонноох үүнэээйилэргэ охта, хаптагас отонноро сиппит. Маны сэргэ ревень үүннэрэрин сөбүлүүр эбит. Олус минньигэс барыанньа буолар диэн эттэ.

Таһырдьа  сынньанар сирэ бэйэтэ мусуой курдук. Сайыҥҥы сэлээппэ арааһа, бэлэх хартыыналар уонна  ийэлэрин ыскааба кичэллээхтик хараллан тураллар.

Екатерина Егорова  бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон, бу курдук сөбүлүүр дьарыгын доҕор оҥостор, күнүн сэргэхтик көрсөр.

Нина Сутакова