Скурихиннар 70-ча тн оту атыылыыллар

Горнай улууһа былыр-былыргыттан үлэһит дьонунан аатырар-сураҕырар. Билигин биир оннук үлэһит үтүө ыалларынан Анастасия Григорьевна, Валерий Геннадиевич Скурихиннар буолаллар. Кинилэр уоллара Ис дьыала сулууспатын үлэһитэ Григорий Валериевичтыын сылгы иитиитинэн утумнаахтык дьарыктаналлар. Анастасия уһун кэмҥэ суот-учуот эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, оттон Валерий тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар бүтүн олоҕун анаата. Бэрдьигэстээх, Күөрэлээх отделениеларын управляющайынан, «Горнай» сопхуос кылаабынай зоотехнигынан, дириэктэринэн, “Маалтааны” сопхуос дириэктэринэн, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыгынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Кэлин биэнсийэҕэ тахсан баран, сылгы иитиитинэн салгыы дьарыктанар. Мин кинини көрсөн, быйылгы от үлэтин туһунан сэһэргэһэ түстүм.

– Валерий Геннадиевич, мин билэрбинэн, Эн хас сыл аайы окко бэрт эрдэ киирэҕин, быйыл хаһан киирбиккиний, оттоон төһөҕө бүттүҥ?

– Сэбиэскэй кэм үгэһин тутуһа сылдьабын. Өйдүүрүҥ буолуо, сопхуоска үлэлиир эрдэхпитинэ, баартыйа райкомун көҕүлээһининэн эрдэ окко киирбиттэргэ диэн куоталаһыы тэриллэрин. Онно биирдэ биллиилээх звеньевой Одунуттан Николай Николаевич Текеянов бастакы кэбиһиилээх отун, бэс ыйын 28 күнүгэр туруорбута. Биллэн турар, ол дьону көҕүлээһин этэ эрээри, сүрүн ис хоһооно сөптөөх хайысха. Билиҥҥи курдук абааһылар мунньахтарын күүтэн, кинилэринэн салайтарбакка, улахан ардахтар иннилэринэ оттуохха диэн. Мин быйыл от ыйын 5 күнүгэр киирбитим уонна от ыйын 27 күнүгэр бүтэрбитим. Сүрүн ходуһаларбын. Ол гынан баран тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар киһи, хаһан да илиитин үлэттэн араарбат. Мин билигин да сирим уута тартаҕын аайы, кыра-кыратык охсо сылдьабын. Хайдах эмэ гынан сиргин аҕыйаппатах киһи диэн санаа өрүү баһыйыахтаах.

Инньэ гынан быйыл төһөнү оттоотуҥ?

– 80-ча тн оттоотум, барыта аныгылыы кииптээһин, улахан рулонунан.  Дьон ылар буоллаҕына, 70-ча тн атыылыам. Билигин сайаапка элбэх, сорохтор быйыл суол үчүгэй буолан, Малаанньаттан баран тиэйэн эрэллэр. Бэйэбэр урукку 35 тн кур отум баар. Онон холкутук кыстыыр кыахтаахпын. Маҥаныттан, Октябрьскайтан кытта көрдөһөллөр. Дьоҥҥо көмөлөһөр саҕа үчүгэй суох буоллаҕа. Мин үөрэрим аҕыйах да буоллар, эдэрдэр тыа хаһаайыстыбатыгар ылсан эрэллэрэ. Оннук дьону бары өттүнэн өйүөххэ наада.

Бааһынай хаһаайыстыба буолуоххутуттан, дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр хас тн оту атыылаабыккыт буолуой?

– Сүрүннээн сирбитин оҥостуохпутуттан ыла, кыра-кыралаан атыылыыбыт. Кэлин эбэн иһэбит. Бэлиэтэниибитин көрдөххө, 325 тн оту атыылаабыппыт. Ол барыта оттуур тиэхиньикэни ылыыга, саҥардыыга барар, бэйэбитигэр көмөлөһөр.

– Бэйэҥ сылгыҥ төһө буолла?

– Билиҥҥитэ биир таһымҥа тутан турабын. Бэйэм гиэнэ 50-ча. Уонна дьон гиэнин эмиэ көрөбүн, көмөлөһөбүн.

– Сиргин оҥостоҕун, манна сыһыаннаан тугу этиэҥ этэй?

–Сыллата аайы эбэ сатыыбын, тиэхиньикэ өттүнэн толору хааччынным. Барыта 65 гааны төрдүттэн оҥордум. 100-кэ тиэртэрбин дии саныыбын, быйыл күһүн эмиэ эбиэм. Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир киһи, сирин оҥоһуннаҕына эрэ сайдар кыахтаах. Биһиги улууспут атын киин сирдэр курдук, киэҥ-куоҥ, айылҕаттан анаммыт бэлэм, бэлэх ходуһалаах алаастара суох, барыта от үрэхтэр буолан, киһи көлөһүн тахсар гына үлэлээтэҕинэ эрэ сатанар. Сир-уот, ходуһа түргэнник буортурар. Дулҕа түргэнник тахсар, ходуһаҕын талаҕы кытта былдьаһаҕын. Онно кыайтардыҥ да бүтэр. Ыраах сирдэргэ сылдьан көрдөххө, урукку сопхуос тиэхиньикэнэн оттообут ходуһалара, киһи билбэт гына уларыйан, отунан-маһынан саба үүнэн туралларын көрөн хараастаҕын. Онон билигин сири оҥорор анал биригээдэлэр наадалар. Ити эппит эдэр дьоммут үлэлииллэригэр ол улахан көмөлөөх буолуо этэ. Билигин кинилэр хантан, тугунан ылан сирдэрин оҥостуохтарай? Онно судаарыстыба күүстээх өйөбүлэ, улууска урукку курдук, сир оҥоруутунан дьарыктанар кыахтаах тэрилтэ хайаан да наада.

– Оҥосторго сөптөөх чугас сир баар дии саныыгын?

– Баар бөҕө буоллаҕа. Урукку сүөһү иитиитинэн дьарыктаммыт дьон үлэттэн туораатылар. Ходуһа бөҕө хаалла. Сиргэ улахан күүстээх инвентаризация ыытан, учуоттаан, хаалларбыт сирдээх дьону кытта быһаччы анаан-минээн кэпсэтэн, чугас сирдэри оҥорторуохха сөп. Холобура, Бэрдьигэстээххэ бу Улуу Үрэх барыта хаалан турар. Биирдэ эмэтэ маны Тураҥнаахтан саҕалаан баһыттан атаҕар диэри кэрийэр киһи сөҕүө этэ. Хайдахтаах курдук ааттыын Улуу сир оттоммокко, аҥхай буолан, быраҕыллан турарын. Бу иһигэр Сарбалдьыҥҥа, Хагдаҥ Күрүөҕэ, Сыабарга тиийэ сүүһүнэн атын-атын ааттаах ходуһалар бааллар ээ. Кэскиллээҕэ диэн, сыл аайы айылҕа бэйэтэ угуттуур эбээт. Урут Бэрдьигэстээҕи бу Улуу Үрэх аатырдар этэ. Ол сөргүтүллэрэ, оҥоһуллара эдэр бааһынайдарга бэриллэрэ буоллар дии саныыбын. Арай быйыл онно тэһэ киирэн, Дмитрий Дмитриевич Егоров үлэһит уолаттарынаан, от охсо турарын үөрэ көрбүтүм.

Быйыл Эн уолуҥ Гриша устубут видеотун көрөн сөхтүм ээ. Бэйэҥ саҕа оту оҕустара сылдьаҕын дии. Быйыл курааннаата, сир ахсын от үүммэтэ, үрдүк сирдэр куурдулар-хаттылар, быраҕылыннылар диир кэмҥэ, Эн итинник үүнүүлээх сири оҕустарарыҥ үгүстэргэ соһуччу буолуо.

– Ити өбүгэлэрим олорбут сирдэрэ Малаанньа өтөҕө. Онно сирин тиэрэн оҥорон, элбэх сыллаах от ыспытым. Сыл аайы үүнэр. Ол эрээри быйыл былырыыҥҥытыгар тиийбэт эрээри, кырдьыга, киһи мыыммат ото үүннэ. Итинник кыракый сиртэн 50 рулону ыллым, былырыын 75 рулон кэлбитэ. Уопсайа Тилийбиппинээн ыһыым 40-ча гаа. Онон элбэх сыллаах оту ыһар туһалааҕа манна көстөн турар.

– Ханнык косилканы ордороҕун?

– Икки сыллааҕыта роторнайы Данияттан аҕалбыттара. Быйыл Кытай роторнайын ылларбытым. Дания гиэнэ быдан ордук эбит. Олох реактивнай самолет курдук тыастаах, түргэн. Россия скоростнойа харара бэрт, онон бытаан, сирим үксэ уулаах буолан, дулҕа түргэнник тахсар. Урут сүүрбэччэ күн охсор эбит буоллахпына, быйыл сэттэ күн оҕустардым.

Бу үлүгэрдээх санкция кэмигэр, ол Данияттан хайдах аҕалаллар эбитий?

– Саха сиригэр сытыы-хотуу, билэр-көрөр уолаттар бааллар эбит. Маннык уустук быһыы-майгы буола турдаҕына, син кэпсэтэн-ипсэтэн, итэҕэтэн Белоруссия нөҥүө аҕалбыттара.

– Мин билэрбинэн, сыллата күрүө оҥоруутунан дьарыктанаҕын?

– Оннук. От үлэтэ бүттэ да уонна саас эрдэттэн бүтэйбин кэҥэтэ сатыыбын. Барыта 12 км курдук сир бүтэйдэнэн турар. Урут оҥорбут бүтэйдэрбин өрөмүөннүүбүн. Быһата сылгыны ииттиэн баҕарар киһиэхэ, үлэ тохтоло суох барар.

–Сылгы иитиитин кэскилэ хайдаҕый?

– Тулаайах иитиллэн, оҕо сылдьан сылгыны билбэтэрбин да, кэлин сопхуоска, салалтаҕа уһуннук үлэлээн, бу дьарык биһиэхэ, саха дьонугар, туһалааҕын, наадалааҕын биллэҕим дии. Саха сылгыта суох буоллаҕына, саха буолан бүтэригэр тиийэр дии саныыбын… Билигин, бука, ааҕан көрдөххө, ынах иитэрдээҕэр сылгынан дьарыктанар киһи ахсаана элбээтэҕэ. Дьөһөгөй оҕото кэскиллээх буолан, дьон сыыйа сыстан иһэр. Манна эрэ туһуламмыт анал өрөспүүбүлүкэтээҕи саҥа бырагыраама ылылларыгар баҕарабыт. Биһиги, сылгыга уһуннук үлэлээбит дьон, билиибитин-көрүүбүтүн эдэрдэргэ биэриэхпитин, кэпсиэхпитин-ипсиэхпитин, миэстэтигэр көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт. Октябрьскайга Борис Жирков ыччаттара дьиэ кэргэнинэн, элбэх буолан түмсэн, сылгы иитиитинэн анаан дьарыктаналларын үөрэ истибитим, астына кэпсэппитим. Атамайга сылгыһыт Иван Федоров уолаттара кымыстаан эҥин, кэскиллээхтик ылсан эрэллэрэ үөрүүлээх. Итинник эдэрдэр баалларын тухары, сылгы иитиитэ сайдан иһиэ.

Эн сылгыларыҥ биир да Бэрдьигэстээххэ кэлбэттэр, манна суохтар. “Сылгылары бөһүөлэктэн таһаарыҥ, дьоҥҥо, оҕоҕо эҥин кутталлаах” диэн сыллата элбэх кэпсэтии барар дии.

– Миэнэ базам Солоҕон Чычааһын бэтэрээ өттүгэр Тилийбиккэ. Онон бөһүөлэккэ чугаһаабаттар. Бэйэлэрэ туспа ыырдаахтар. Кулун эрдэхтэриттэн сылдьа үөрэммит сирдэриттэн тэйбэттэр. Сылгы элбэҕи ииттиниэн баҕарар киһи, оннук ыраах сиргэ базаланан үлэлиирэ наада. Бөһүөлэккэ баар сылгылары таһаартыыр, ыраах илдьэр билиҥҥи кэмҥэ кыаллыбата буолуо. Син биир төннө туруохтара. Кыра эрдэхтэриттэн төрөөбүт сирдэриттэн ханна барыахтарай? Сылгы даҕаны дьон курдук, таптыыр төрөөбүт сирдээх-уоттаах буоллаҕа. Аҕыйахтыы, биирдии-иккилии сылгылаах дьон, ол туһугар ыраах син биир база туттубаттар. Сылгы өй бөҕөтө. Сайын кумаар-куйаас кэмигэр хорҕойор, кумаара суох сир бөһүөлэккэ баарын билэллэр. Көрөҕүт дии, сайын өҥүрүк куйааска этээстээх таас дьиэлэр күлүктэригэр сылгы тоҕуоруһарын. Сылгы ханан да бөһүөлэктэн арахпат. Ол биһиги улууспутугар эрэ буолбатах. Тый эрдэхтэриттэн ыраах илдьэн, база туттан ииттэххэ эрэ, ити боппуруос быһаарыллар кыахтаах.

– Эһиги дьиэ кэргэнинэн үлэлиигит, уолуҥ бу дьарыккар сыстыбыт дии?

– Бааһынай хаһаайыстыба тэриммиппит 11 сыл буолла. Онтон ыла илиибитин араарбакка үлэлиибит. Сөбүлүүр дьарыкпыт. Ити эппит сирбэр Тилийбиккэ анал базаланан, дьиэ-уот, гараж, баанньык туттан, бэйэҕэ сөптөөх усулуобуйа тэринэн үлэлии сатыыбыт. Сылгы хаайар, көрөр-харайар, эмтиир-томтуур анал күрүөлэнэн, ходуһа кэнчээритигэр аһатар, кэмиттэн көрөн уларыта сылдьан хаайар, хастарар элбэх бүтэйдэнэн үлэлиибит. Бэйэбит кыахпытынан. Уолум Гриша Ис дьыала отделын сотруднига. Туох-баар тиэхиньикэбин барытын көрөр-истэр, бэйэтэ табыгастаах гына оҥорор, уларытар-тэлэритэр, сваркалыыр даҕаны. Окко сүрүн үлэни толорор. Сылгы көрүүтүн уустуктарын биллэ-көрдө дии саныыбын. Онон эрэллээх солбуйааччылаахпын диэн санаам бөҕөх. Кэргэним Анастасия Григорьевна ааҕар-суоттуур, кэпсэтэр-ипсэтэр, туох баар билиҥҥи ирдэбил докумуоннарын, иирбэ-таарба отчуоттарын бэйэтэ толорор, ыыталыыр. Дьиэҕэ-уокка, сирбитигэр барарбытыгар биһиги усулуобуйабытын барытын хааччыйар саамай сүрүн салайааччыбыт.

– Урут элбэх аймахтаргыт көмөлөһө кэлэллэрэ дии?

– Бастаан саҕалыырбыт саҕана, кэлин да от кэмигэр кэргэним аймахтара Мэҥэттэн тиийэ кэлэн көмөлөһөөччүлэр. Оҕолор окко, үлэҕэ биһиэхэ үөрэммиттэриттэн астыналлар. Сайын аайы лааҕыр курдук кэлэн оттоһоллоро, сиргэ-уокка, араас үгэстэргэ үөрэнэллэрэ. Билигин улаатан, үлэһит, ыал буолан бэйэлэрэ туспа дьарыктаах, үлэлээх-хамнастаах дьон көмөлөһө кэлэллэрэ кыаллыбат да буолла. Уонна оттон элбэх тиэхиньикэлэнэн, ол күүһүнэн кэлин уолбунаан иккиэйэҕин оттуубут. Инбэлиит Валентин Данилов-Сунтарии сиргэ-уокка баран аралдьыйар, кыаҕынан көмө буолар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, элбэх Бүтүн Союзтааҕы турнирдар кыайыылаахтара, бэтэрээннэргэ Россия чемпиона Валерий Геннадиевич Скурихин өрүү үлэни өрө туппут киһи. Кэргэнинээн Анастасия Григорьевналыын 50-тан тахса сыл бииргэ олорон, Горнай улууһун киэн туттар, холобур оҥостор ыаллара.

Бу дьарыктарын салгыылларыгар улахан эрэллэрэ уолларыгар Гришаҕа, оттон кыыстара СӨ нолуок инспекциятын тутаах үлэһитэ Сардаана, кинилэргэ бары өттүнэн өйөбүл буолар. Элбэх сиэннэр үлэлэринэн-үөрэхтэринэн, истиҥ сыһыаннарынан, ахта- саныы сылдьалларынан кинилэри күннэтэ үөрдэллэр, сааһырбыт дьоҥҥо олоххо дьулуурга күүс-уох эбэллэр.

Василий Алексеев