Атамай нэһилиэгин үтүө-мааны Елизавета, Афанасий Максимовтар дьиэ кэргэттэригэр ыалдьыттаатым.
Дьиэ хаһаайына мындыр уус. Оҕурсу, помидор, перец теплицаларыгар кирпииччэ оһох туппута үүнээйи олордуутугар улахан оруолу ылар, эрдэ олордон, күһүн хойуккааҥҥы диэри үүнэллэригэр табыгастаах.
Дьиэ хаһаайкатын батыһа сылдьан, олордуллубут араас оҕуоруот аһын сөҕө-махтайа көрдүм. Соҕуруу дойдуттан туох да уратыта суох! Кылгас сайыммытыгар үүнэр да эбит.
Сиппит-хоппут дьэдьэн кытаран, оҕурсу, перец, кабачок уо.д.а оҕуруот астара үүнэллэр. Аны садовай хара хаптаҕас виноград курдук үүнэн, буһара эрэ хаалбыт, малина, ону таһынан декоративнай мастар: бузина, черемуха, яблоня, вишня, акация, сирень тэлгэһэни өссө тупсарар.
Үүнээйи олордуутунан эрэ муҥурдаммакка, түргэнник ситэр дьиэ кыылларын иитэллэр. Бэйэтэ мини-зоопарк курдук. Кыыллар, көтөрдөр анал уйалаахтар. Манна бааллар: индюк, бройлер куурусса, сымыыттыыр кууруссалар, улахан сиэрэй хаас, агидель боруода кус, сибиинньэ, куруолуктар.
Валентина Яковлева