Бэс ыйын 23 күнүгэр Солоҕон нэһилиэгин маанылаах сиригэр биир дойдулаахпыт – Саха норуодунай поэта, общественнай деятель, Духуобунас академиятын академига, РФ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха комсомолун, «Алаш» Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин литературнай, П.Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай, Емельян Ярославскай аатынан суруналыыстар бириэмийэлэрин лауреата, тылбаасчыт Савва Иванович Тарасов төрөөбүтэ 90 сылыгар анаммыт – «Бу кэрэ, бу орто дойдуга» улуус үбүлүөйдээх Ыһыаҕа үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Бу күн улууспут дьоно, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлэн, Савва Иванович туһунан үтүө тылларын эттилэр, ахтан-санаан аастылар. Самаан сайыммыт салаллан кэлбит үөрүүтүн, күүтүүлээх Ыһыахпыт сиэрин-туомун, алгыс тыл алыбын алгысчыт Алгыстаан Дураһаал алҕаата, үрүҥ илгэ кымыһынан айах тутта. Ытык Дуоҕаны улууспут баһылыгар Никита Андреев тутан, Үрүҥ тунах Ыһыах бэлиэтин Ытык сэргэҕэ олохтоото.
Ыһыах сиэрин-туомун кэнниттэн, үөрүүлээх арыллыыга поэт айымньыларынан, ырыа буолбут хоһооннорунан таҥыллыбыт дьүһүйүү буолла. Манна поэт уобараһын олус итэҕэтиилээхтик биир дойдулаахпыт, эдэр поэт Федор Татаринов толорон, үгүс дьон сэҥээриитин ылла.
Улууспут баһылыгын истиҥ эҕэрдэтин, үтүө тылын кэнниттэн олохтоох баһылык Александра Александрова Ыһыах тэрээһинигэр нэһилиэк дьоно бүттүүн турунан күүс-көмө буолбуттарыгар ис сүрэҕиттэн махтанна. Сомоҕолоһуу – норуот күүһэ буоларын, түмсүүлээх дьон тугу барытын кыайарын бэлиэтээтэ.
Үбүлүөйдээх Ыһыахха СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын Ил Түмэн дьокутааттара, биир дойдулаахтарбыт Алена Атласова, Алквиад Тарасов, улууспут баһылыгынан үлэлээбит Петр Алексеев, саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева, саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат, Савва Тарасов аймах-билэ дьоно, нэһилиэкпит баһылыктара уо.д.а кыттыыны ыллылар.
Наталья Харлампьева бу курдук истиҥник аҕынна:
– Савва Иванович литератураҕа үлэлээн ааспыт олоҕор икки улахан үтүөлээх. Кини Сахабыт сирин суруйааччыларын сойууһун саамай уустук кэмҥэ салайбыта. Ол арахсыы, бутуйуу кэмигэр суруйааччылары түмэн, Россия суруйааччыларын Саха сиригэр ыҥыран, 1996 с. пленумун тэрийбитэ. Билигин Россия регионнарыгар сырыттахха, үгүс суруйааччы ону үтүө тылынан ахтар-саныыр. Дьиҥнээх саха ырыатын тутулун ордук табыллан, Виталий Андросовтыын айбыттара. Күн бүгүҥҥэ диэри кини хоһоонугар суруллубут ырыалар уостан түспэккэ ылланаллар. Ону силигин ситэрэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын суруйбута. Бу барыта литератураҕа үлэлээбит биир киһиэхэ сүрдээх улахан бэлиэ буолар. Ону барытын бүгүҥҥү ыһыахха «Үтүө киһи барахсан» диэн театрализованнай дьүһүйүүгэ толору арыйан көрдөрдүлэр.
Ыһыах үөрүүлээх арыллыытыгар нэһилиэкпит баһылыктара хоһооннорун ааҕан, Ыһыах үөрүүлээх чааһын ситэрэн биэрдилэр.
Күрэхтэр, куоҥкурустар, түһүлгэлэр
Ханна баҕарар буоларын курдук, Ыһыах сиэринэн араас эҕэрдэ кэнсиэрдэр, куоҥкурустар, күүстээхтэр, быһыйдар күрэстэрэ ыытылыннылар. Араас тэрээһин кыттыылаахтара үгүстэрэ кэриэтэ нэһилиэк олохтоохторо, улууспут тэрилтэлэрэ, олохтоох урбаанньыттар, ыраах-чугас олорор биир дойдулаахтара олохтообут сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Саха талба-мааны таҥаһа
Бу куоҥкуруска Октябрьскайтан кэлэ сылдьар Анна, Сергей Никитиннэр кыайыылаах үрдүк аатын ылан, Ирина Алексеева, Николай Семенов оҕолоро, сиэннэрэ олохтообут харчыларын, 45 000 солк. бириэмийэлэнэн үөрэн, астынан бардылар.
Түһүлгэлээн олоруу
“Түмсүү күүһэ – кэскил түһэ” аҕа, ийэ ууһунан түөлбэлээн олоруу түһүлгэтин көрүү күрэһигэр Маппый, Маарыйа сыдьааннара кыайыылаах үрдүк аатын ылан, 25 000 солк. наҕараадаланнылар. Бирииһи Ил Түмэн дьокутаата, “ЯкутскЭнерго” ПАО дириэктэрэ Гаврил Николаевич Алексеев олохтоото.
Ырыа күрэһэ
Уйан дууһаны үөрдээри Савва Тарасов хоһооннорунан I улуустааҕы ырыа күрэһигэр «Кылаан Чыпчаал» кыайыылааҕынан Иван Варламов буолан, 30 000 солк. харчынан бириэмийэни тутта.
Улуустааҕы Үрүҥ Тунах ыһыах спортивнай күрэхтэһиитин кыайыылаахтара уонна призердара
Хапсаҕай
Оҕолорго:
I – Миша Павлов (Солоҕон)
II – Вальгис Данилов (Одуну)
III – Альгис Данилов (Одуну)
75 кг диэри
I – Алексей Вензель (Одуну)
II – Дьулус Пахомов ( Бэрдьигэстээх)
III – Петр Алексеев (Бэрдьигэстээх)
75 кг үөһээ
I – Эдуард Максимов (Одуну)
II – Арвидас Никифоров (Одуну)
III – Семен Борисов (Бэрдьигэстээх)
«Эр Бэрдэ» күөн күрэс кыайыылаахтара:
I – Семен Борисов (Бэрдьигэстээх) сүрүн бириис — 50 000 солк.
II – Иван Алексеев (Бэрдьигэстээх) — 30 000 солк.
III – Илья Григорьев (Бэрдьигэстээх) — 20 000 солк.
Савва Тарасов сиэн быраата Бэрдьигэстээхтэн кэлэ сылдьар эдэр спортсмен Семен Борисов үгүс көрүҥҥэ кыайыылаах буолан, 5 мүһэни, ньирэйи уонна 50 000 солк. харчынан сертификаты тутан, чаҕылхай спортсмен буоларын өссө төгүл бигэргэттэ.
Иккис миэстэ Бэрдьигэстээхтэн Иван Алексеев 30 000 солк. тутта уонна үһүскэ эмиэ Бэрдьигэстээхтэн сылдьар спортсмен Илья Григорьев ааттанан, 20 000 солк. бириэмийэлэннэ.
Кыайыылаахтар көрүҥнэринэн спонсордар, Солоҕонтон төрүттээх биир дойдулаахтара олохтообут бириистэринэн наҕараадаланнылар. Күөн-күрэскэ уопсайа 8 уол кытынна.
«Ыанньыксыт уолаттар»
Биир ураты, күүтүүлээх тэрээһининэн “Ыанньыксыт уолаттар түстүлэр” диэн күрэс буолла. Манна уопсайа 18-35 сааһыгар диэри 8 уол, ким түргэнник сэппэрээтэри хомуйарга, үүттээх бөтүөнү толорорго, күөрчэх ытыйарга күөн көрүстэ. Түмүккэ бастыҥ көрдөрүүлээх Илья Григорьев (Бэрдьигэстээх) кыайыылаах таҕыста. Иккискэ, Александр Маныкин (Одуну), үһүскэ Андрей Оленов (Кировскай) ыччаттара буоллулар. Кыайыылаахтарга эмиэ бары харчынан сертификаты туттулар.
Герой ийэ уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын үбүлүөйдэринэн кэрэхсэнэр тэрээһин буолла
Солоҕон нэһилиэгэр ыытыллыбыт норуот поэта Савва Иванович Тарасов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах, улуус ыһыаҕын чэрчитинэн, бу нэһилиэк сайдыытыгар ураты үтүөлээх, нэһилиэк Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, отделениеҕа управляющайдаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Егор Ефимович Ефремов, Сэбиэскэй Союз Герой ийэтэ Варвара Григорьевна Ефремовтарга аналлаах тэрээһин бэрт көхтөөхтүк барда.
Маны оҕолоро, сиэннэрэ, бары чугас дьонноро тэрийбиттэр.
Егор Ефимович төрөөбүтэ 100, Варвара Григорьевна 95 сылларынан кинилэр олорбут дьиэлэригэр өйдөбүнньүк дуоска ыйанна.
Манна улуус, нэһилиэк салайааччылара, билэр дьонноро, ыччаттара кытыннылар, ахтан-санаан аастылар.
Маннык тэрээһиннэр, бүтүн дьиэ кэргэни эрэ буолбакка, аҕа ууһун, нэһилиэги түмэллэринэн ураты улахан суолталаахтар.
Умнуллубат Ыһыах!
Солоҕон Ыһыахтыыр түһүлгэтигэр ырыа-тойук хойукка диэри дьиэрэйдэ! Махтал Солоҕон үтүө-мааны дьонугар.
Киэһэ өттүгэр Лэгэнтэй ыалдьыттаата, сүүйүүлээх кэнсиэргэ сүрүн бирииһи – 100 000 солк. уу харчыны Солоҕон олохтооҕо Алексей Григорьев ылан, соһуччу үөрүүлээх түгэн буолла.
Онон Савва Иванович Тарасов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх ыһыах үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Кэлбит ыалдьыттар бары астынан, дуоһуйан тарҕастылар.
Күннэй Алексеева