Суһал иһитиннэрии: Солоҕоҥҥо ойуур баһаара турда

Балаҕан ыйын 3 күнүгэр Горнай улууһун үрдүнэн баһаары кэтээн көрөр сөмөлүөт Солоҕоҥҥо 5.5 гаа иэннээх ойуур уота турбутун бэлиэтээтэ.

Оперативнай ыстаап тутатына Дьокуускай уонна Бэрдьигэстээх авиаотделениеларыттан 19 киһилээх этэрээти ыытта.

Бу кэмҥэ Чыра үрэҕин уҥуор турбут баһаар 18 гаа иэннээх сири хапта. “Авиалесохрана”, «Якутлесресурс» тэрилтэ үлэһиттэрэ булууктаах тыраахтар көмөтүнэн уот эргийэргэ күүскэ ылса сылдьаллар.

Баһаар миэстэтигэр биир УАЗ массыына баара билиннэ. Тустаах тэрилтэ салайааччылара баһаар турбут биричиинэтин дьон сэрэҕэ суох туттууларыттан буолуон сөп дииллэр. Ол эрэн бэрэбиэркэ барар. Киэһээҥҥэ диэри уоту хонтуруолга ыларга эрэл баар.

Убаастабыллаах улууспут олохтоохторо тыаҕа сир астыы, бултуу-алтыы, сынньана сылдьаҥҥыт уоттан сэрэхтээх буоларгытын умнумаҥ. Кыра да уот кыыма улахан баһаарга тиэрдэрин саныах тустаахпыт.

Вячеслав Алексеев.