Суолга тайаҕы биллибэт дьон үлтү көппүттэр, астаабыттар

Бэҕэһээ социальнай ситиминэн Бэрдьигэстээхтэн чугас, Бүлүү федеральнай суолугар, 170 км. кимэ биллибэт суоппар тайаҕы үлтү көппүт хаартыската тарҕаммыта. 

Ол кэнниттэн улуустааҕы Айылҕа харыстабылын инспекцията уонна ветеринардар бэрэбиэркэлии тиийбиттэригэр, тайах өлүгэ суох буолан биэрбит. Чинчийэн көрбүттэрээ, тайаҕы  суолтан 500 м тэйиччи соһон баран астаабыттара биллибит, саахал тахсыбыт сиригэр тайах төбөтүн уонна тириитин эрэ хаалларбыттар.

Онон бу кимэ биллибэт дьону эппиэтинэскэ тардаары, Экология министиэристибитэ тутатына Горнайдааҕы Ис дьыала салаатыгар массыыналары буларга запрос ыыппыт. Билигин силиэстийэ барар уонна уулусса видеокамералара үөрэтиллэн эрэллэр.

Астаабыт дьон, үлтү көппүт массыына? Бу барыта атын-атын дьоннор дуу, биир киһи дуу. Силиэстийэ быһаарыа турдаҕа.

Суоппардар, суолга сэрэхтээх буоларгытын өссө төгүл санатабыт.

Үлэ күүһэ.