Сыалбытын ситтибит

Билэрбит курдук бу күннэргэ улуус баһылыга Никита Андреев, Бэрдьигэстээх, Маалтааны, Маҥаны, Атамай, Кировскай, Одуну баһылыктара Алексей Аргунов, Дмитрий Борисов, Михаил Текеянов, Айсен Павлов, Савва Данилов, Владимир Текеянов биир дойдулаахтарын аатыттан бэйэбит уолаттарбытыгар анал баһыылкалары, араас набордары, малы-салы, эми-тому о.д.а. наадалаах тэриллэри илдьэ, олохторун-дьаһахтарын билсэ, баар усулуобуйаны бэйэлэрин харахтарынан көрө барбыттара. Кинилэр сырыыларын биһиги куйаар ситимин нөҥүө билэ-көрө олордубут. Улуус делегациятын кыттыылаахтарыттан бэйэлэрин сырыыларын түмүгүн кылгастык билиһиннэрэллэригэр көрдөстүбүт.

Улуус баһылыга Никита Андреев:

– Биһиги айаммыт ахсынньы 11 күнүттэн саҕаламмыта. Бастакы бөлөх баһылыктара Владимир Текеянов, Савва Данилов Москубаҕа Бэс Чагда санаторийга ыарахан бааһырыы ылан, эмтэнэ сылдьар Одуну ыччатын кытары көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, кэһиитин туттарбыттара. Москубаттан СВО-ҕа сылдьар уолаттар сайаапкаларынан тепловизор, монокуляр, автомат глушителя, таҥас-сап, үрүксээк, генератор, бензопила атыыласпыппыт. Ол кэнниттэн, сорохпут поеһынан, сорох мал-сал тиэйиилээх массыынанан айаннаан, Ростов куоракка тиийбиппит. Опорнай пууҥҥа Кировскайтан сылдьар уол кэтэһэн олорор этэ.

 

Ахсынньы 16 күнүттэн биир дойдулаахтаарбыт уолаттарга анаабыт көмөлөрүн түҥэтэн барбыппыт. Бердянскайга десантно-штурмовой биригээдэҕэ, Восточнай полигоҥҥа Одунуттан, Бэрдьигэстээхтэн сулууспалыы сылдьар сэттэ уолу көрүстүбүт.

 

Салгыы Мариупольга баар Бэрдьигэстээх ыччатыгар дьоно ыыппыт баһыылкатын кытары бэйэбит кэһиибитин туттардыбыт. Пологига Маҥаныттан, Кировскайтан, Маалтааныттан, Бэрдьигэстээхтэн уон икки уол баар эбит. Кинилэри кытары бэркэ кэпсэтэн ыллыбыт, набордары хааллардыбыт. Иккис бөлөх Балочкига танкистарга тиийдилэр. Биир дойдулаахтарбыт үөрэ-көрүстүлэр. Улахан кыамталаах генератор, тиэхиньикэҕэ туттуллар күлүүс наборун сакаастаабыттарын туттардылар.

 

Сладководнайтан фронт линията 5-10 км иһинэн-таһынан ааһар эбит. Онно икки уолбутун көрүстүбүт. Кыайан кэлбэтэх саллааттарга баһыылкалары, набордары хааллардыбыт. Биир ыччаппыт анал идэлээх буолан, медсанчааска үлэлиир эбит. Күнүстэри-түүннэри бааһырбыт, эчэйбит дьоҥҥо бастакы суһал көмөнү оҥорор. Медсанчаас генератора алдьаммытын истэммит саҥаны туттардыбыт. Донецкай аттыгар биир дойдулаахпыт сибээскэ тахса сырытта. Ону тэҥэ госпитальга эмтэнэ сытар ыччаппытыгар көмө, баһыылка оҥордубут. Луганскай хайысхатыгар баар опорнай пуун нөҥүө уолаттарбыт посылкаларын, набордарын ыыттыбыт.

 

Кировскай, Одуну нэһилиэктэрин баһылыктара Савва Данилов, Владимир Текеянов инники күөҥҥэ сэриилэһэ сылдьар биир дойдулаахтарыгар олус наадалаах квадроцикллары, Атамай нэһилиэгин баһылыга Айсен Павлов биир дойдулааҕын көрсөн анаммыт баһыылкалары туттардылар.

Уолаттарга аймахтара, биир дойдулаахтара, доҕотторо, улуус, нэһилиэктэр дьаһалталара, улууспут бэтэрээннэрин Сэбиэтин иһинэн үлэлиир фонда улахан күүс-көмө буолла. Ону таһынан, “Боотур” этэрээккэ сылдьар уолаттарбытыгар бэрэстэбиитэл нөҥүө кэһиибитин ыыттыбыт.

 

Биһиги бу сырыыбытыгар Биир кэлим координационнай киин опорнай пууннар үлэлэрин үрдүктүк сыаналаатыбыт. Кинилэр күнүстэри-түүннэри олус түбүктээх үлэҕэ сылдьаллар эбит. Кэлиини-барыыны, малы-салы тириэрдиини, көмө оҥоруутун барытын хонтуруоллуу, тута, бэрээдэктии, сүбэ-ама биэрэ сылдьаллара хайҕаллаах, улахан көмөлөөх эбит.

Атамай нэһилиэгин баһылыга Айсен Павлов:

– Бу маннык дойдуларыттан тэйэн, ыраах сиргэ байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, төрөөбүт сирдэриттэн билсэ-көрсө барар наадалаах эбит диэн санааҕа кэллим. Саҥаттан саҥа сиргэ көһөн иһэллэр. Маллара-саллара, туттар тэриллэрэ эргэрэр, алдьанар. Онон саҥардан иһэр наадалаах эбит. Уолаттар үөрдүлэр, астыннылар. Олус элбэх ыччаттарбыт бааллар. Барыларын кыайан көрсүбэтибит. Кэлбит дьоммутун кытары ирэ-хоро сэһэргэһэн, уруккуну-хойуккуну ахтыһан, былааннарбытын кэпсээн, кэһиилэрин туттартаан, санаабытын ситтибит. Кэлэр сылга бу үлэбитин хатылыырга этиилээхпин.

Вячеслав Алексеев