Былыр Солоҕоҥҥо сүллүүкүн иһиллээбитин туһунан 81 саастаах Даайа эмээхсин манныгы кэпсиир. Биирдэ Көскөҥ Көстөкүүн, Дьэбдьиэй, Оттомооску Өлөксөөндүрэ, Аана сүбэнэн оҕолорун Аччыгый Алаас ойбонугар сүллүүкүн иһиллэтэргэ быһаарбыттар. Өтөххө куһаҕан буолуо диэбиттэр. Бэйэлэрэ тоҕо иһиллээбэтэхтэрэ буолла? 15 саастаах уолаттар Чыпчаал Махсыын, Томоот Ньукулай, уоннаах кыргыттар Ылдьаана, Даайа буоланнар бастаан “хараламмыттар”. Ол аата үс күн үүттээх чэйи испэтэхтэр, таҥараҕа үҥпэтэхтэр, сирэйдэрин суумматахтар.
Хараныылара туолуутугар ыкса түүн төрдүөн суорҕаннарын бүрүнэн, үөттүрэҕи миинэн олорбуттар. Куобах тириитэ суорҕаны бүрүммүт киһи тоҥуор диэри олорбуттар. Алааска киирэллэригэр “Сарсыардааҥҥа диэри олох саҥараайаҕыт”, – диэн сэрэппиттэр. Даайа: “Кырам, мэнигим бэрт буолан, чуут саҥара сыспытым”, – диир.
Бастаан от сырдьыгынаабыт. Оттон Улахан Алааска анньыы, сүгэ, халҕан тыаһа иһиллибит. Кэлин Томоот Ньукулай соҕотоҕун эрэ көрдөҕүнэ, биир атыыр, күөйэр курдук туттан, сиэлэ сиргэ тиийэ намылыйан, Маҥан оҕонньордоох диэки бара турбут, атаҕын тыаһа чыбыйан иһиллэр уонна бэйэтэ суорҕан бүтэй көстөр эбит. Ону атын үс оҕо көрбөтөх даҕаны, истибэтэх даҕаны. Ити кэннэ оҕолор бары, үөттүрэхтэрин миинэн, дьиэлэрин аттыгар кэлэн, сэргэ төрдүгэр иһиллээбиттэр. Онтон хотон түгэх түннүгүн анныгар олоро түспүттэр. Онно төрдүөн икки төгүл чыычаах саҥарбытын истибиттэр.
Дьонноро, сарсыарда истэн баран, тойоннообуттар. От тыаһын – от үүнэригэр, сүгэ, анньыы, халҕан тыаһын – улахан ыал кэлэн олохсуйууһу диэн. Атыыры олус дьиктиргээбиттэр: “Түөллэр оҕонньор өлөөрү гыннаҕа”, – диэбиттэр. Чыычаах саҥатын: “Түүннэри туох чыычааҕа чыыбыгыраатаҕай?” – диэн кыайан быһаарбатахтар.
Ол сыл икки оҕо төрөөбүтүгэр чыычаахтар ону биттэммиттэр диэбиттэр. Сайынын от үүммүт. Улахан Алаас хоту өттүгэр Килиим Быһах уолаттара Куоһаах Ылдьаа, Өндүрэй, Силип, Соппуо сахалыы дьоһуннаах улахан дьиэни туттубуттара. Күтүөттэрэ Анды Байбал эмиэ көмөлөспүтэ. Оттон атыыр, кырдьык, Түөллэр оҕонньор ол сааһыгар өлөрүн биттэммит.
– Аны санаатахха, айылҕа дьиктилэрэ олоххо сыһыаннаах, сөп түбэһэр курдуктар эбит. Ону урут оччо аахайбат этим, – диир Даайа эмээхсин. Убайдарын батыһа сылдьар буоланнар, кыргыттар оччо куттамматах үһүлэр. Николай Дьяконов эһэтэ Мээрикээн: “Оҕолор сүрэхтэрин хайытаары”, – диэн мөҕөттөөбүт үһү. Ол саҕана Хоту Бас эргин Дьяконовтар аҕа ууһунан олорбуттара, Игилэй аҕатын ууһа дэнэллэрэ.
И.Лукин. «Үлэ күүһэ» архыыбыттан, 2000 сыллардааҕы хаһыаттан
Кэптин.