Парфенов Александр Васильевич 1975 с. төрөөбүтэ. Саша оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр спордунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Боксаҕа, хайыһарга, чэпчэки атлетикаҕа, саха национальнай ыстаныыларыгар оскуолатын, улууһун чиэһин элбэх күрэхтэһиилэргэ көмүскээбитэ. Дьоно-сэргэтэ киниттэн элбэҕи күүтэллэрэ. Үрдүкү кылааска үөрэнэр кэмигэр үҥкүүнү сөбүлээн, норуот айымньытын уонна сынньалаҥын дьиэтигэр куруһуокка сылдьыбыта. Концертарга, гастролларга көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылара.
А.В.Парфенов 1993 с. Бэрдьигэстээх 2 №-дээх орто оскуолатын бүтэрбитэ. 1994 с. бэс ыйын 23 күнүгэр Россия Армиятын кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. 1995 с. олунньу 23 күнүгэр Чечняҕа воинскай эбээһинэһин толоро сылдьан өлбүтэ.
Чечняҕа воинскай эбээһинэһин толоро сылдьан өлбүт Александр Васильевич Парфенов
Дьонугар суруга
1995 с. тохсунньу 29 күнэ
Таптыыр, убаастыыр дьонум дорооболоруҥ!
Бу уолгут Саша суруйан эрэр. Мин били Каштактан Гусиноозерск диэн сиргэ түбэспитим. Онно тиийбиппэр Чечняҕа сэрии буолта, онно бараҕыт диэбиттэрэ. Ый курдук үөрэппиттэрэ уонна Екатеринбург диэн куоракка аҕалан бырахпыттара, онно нэдиэлэ буолбуппут уонна Чечняҕа айаннаабыппыт. Биэс күнүнэн айаннаан Грознай диэн куорат таһыгар аҕаланнар бырахпыттара. Билигин пока ол сиргэ сытабыт, онно бэлэмнэнэ сылдьабыт. Ону эһиги наһаа долгуйумаҥ, төннөн кэлиэҕим, күүтүҥ.
Эһигитини боруоста аҕынным аҕай. Бу манна сахалар кэллилэр, онон туһанан сурук ыытан эрэбин, эһиги хайдах олороҕут. Мин сэриигэ барбыппын билбиккит буолуо. Военком эппит буолуохтаах.
Кылааһым оҕолоругар барыларыгар улахан привет! Өлүөскэҕэ, Власикка уонна Мишкаҕа улахан боевой привет! Аймах дьоҥҥо эмиэ улахан привет уонна тугу суруйуохпунуй, туох да сэһэн суох.
Хас күн аайы эһигитини саныыбын. Дьиэбэр барыахпын баҕарабын. Чэ, ол да буоллар, төннөн кэлиэҕим, төһө өр манна буоларбыт биллибэт. Чэ, сөп, мин суругум манан бүтэр.
Күүскэ да күүскэ сыллыыбын. Таптыыр, күүтэр уолгут Сашок.
«Мин тыыннаахпын биллэрэн» кинигэттэн, 1995 с.
Саша суругун ийэтэ Парфенова Зоя Ильинична уура сылдьар.
Александр Парфенов сырдык аатын үйэтитэн Бэрдьигэстээх биир киин уулуссата кини аатын сүгэр. Хас сыл ахсын оскуола оҕолоро, доҕотторо, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, бэтэрээннэрэ кини өйдөбүнньүк бэлиэтигэр сибэкки дьөрбөтүн уураллар, ахтан-санаан ылаллар.
Дьоруойдар ааттара үйэ-саас тухары биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар мэлдьи хаалыаҕа!