Олоххо хатарыллыы бэлиэтэ
Саха бэлиэлэрэ. Саха мифологията дириҥ силистээх. Норуот айымньытыгар баар түҥ былыргы бэлиэ тыллары (мифологические символы), былыргылара бэрт буоланнар, быһаарар уустуктардаах. Хас биирдии итинник тыл бэйэтэ туһунан сэһэн буоллаҕа. Онуоха итэҕэли, норуот олоҕун, төрөөбүт тылы дириҥник үөрэтэр эрэйиллэр. Онуоха эбии билигин тылы билиибит быста мөлтөөбүт кэмигэр ийэ тылы үөрэтэр, ыччакка тиэрдэр үлэ улахан суолталаах. Ил Дархан гранын өйөбүлүнэн үлэлээбит «Өбүгэ ыллыгынан» бырайыак иитинэн саха тылынан ааҕыыны көҕүлээһиҥҥэ, фольклорбутун, култуурабытын, үгэспитин уонна төрүт дьарыкпытын билиини сайыннарыыга, сөргүтүүгэ, үйэтитиигэ хайа эмэ кылааты киллэрдэр диэн санааттан «Үөрэнээччи ыарырҕатар тылларыгар уонна мифология өйдөбүллэригэр ойуулаах тылдьыт: оскуолаҕа ааҕыллар айымньыларынан” диэн тылдьыты таһаардыбыт. Онуоха төрөөбүт тылбыт сайдыытын дириҥник өйүүр ытык салайааччыбытыгар, Ил Дархаммытыгар, Айсен Сергеевич Николаевка ис сүрэхпититтэн барҕа махталбытын тириэрдэбит! Тылдьыты оҥорууга устуоруйа билимин дуоктара Е.Н. Романова, тыл билимин хандьыдаата А.А.Кузьмина, саха тылын учууталлара Г.Н. Шишигина, Т.Е. Слободчикова үлэлэстилэр.
Саха остуоруйаларыгар уолу булка уһуйарга аналлаах сиэр-туом сорох көстүүлэрэ бааллар. Бу туһунан «Чөпчөкөөн-Чөпчөкөөн» остуоруйаҕа кэпсэнэр. Остуоруйаҕа эдьиийдээх уол тулаайах хаалаллар. Айахтарын ииттинээри уол бултуурга сананар. Фольклорга сиэр-туом, үгэс дьиҥ олох ураты майгытын көстүүтэ буолар. Остуоруйаҕа сиэр-туом айымньы ис хоһоонун тупсаран, ситэрэн биэрэр. Маны таһынан, иитэр-үөрэтэр суолталаах. Уол оҕо сааһын ситтэҕинэ, бултуохтаах-алтыахтаах, дьонун-сэргэтин араҥаччылыахтаах, көмүскүөхтээх. Онон таба ытарга, батыйаны баһылыырга уонна булду эбэтэр өстөөҕү сирдээн буларга, кэтээн көрөргө үөрэтэллэрэ. Булчут, сэрииһит буоларын курдук сиэр-туом эрдэттэн ыытыллара. Онуоха маҥнай уол кыра эрдэҕинэ, кыыл тириитин дьуккурутар эрэ курдук оонньуур ох саанан ытарга үөрэтэллэрэ. Оттон борбуйун көтөхтөҕүнэ, тургутук эриири-мускууру ааһара. Ол түмүгүнэн көрөн, саа-саадах биэрэллэрэ. Бастыҥҥа 9, ортоҕо 7, мөлтөххө 3 оноҕос буолара. Онуоха сиэр-туом быһыытынан, 9 оноҕостон бастыҥы талан, 9 кыыл сүрэҕиттэн сүүрдүллүбүт хааҥҥа уган, алгыс этэллэрэ. Оноҕос хаатын мииниллибэтэх оҕус эбэтэр сылгы тириититтэн (кэлин өттүттэн сүлүллүбүт) тигэллэрэ. Тигиллиэн иннинэ ытык кырдьаҕас эмээхсини ыҥыран, тириини чох, үөт, сыа, уу буккуллубут убаҕаһынан соттороллоро. Ол кэннэ 9 күн күҥҥэ хатараллара. Тирии хаппытын кэннэ мааны сонноох, бэргэһэлээх 3 эмээхсин оноҕос хаатын тигэллэрэ. Күөх окко эмээхситтэргэ анаан маанылаан сиэллээх-кутуруктаах мииниллибэтэх сылгы тириитин олбох тэлгииллэрэ. Эмээхситтэртэн ордук кырдьаҕастара тириигэ олорон, охтор кээмэйдэринэн киэп кырыйан, икки бүк тутара. Онтон эмээхситтэр сылгы сиэлин эбэтэр иҥиири хатан, үстүү сиигинэн төгүрүйэ тигэллэрэ. Тигэн бүтэрдэхтэринэ, бастаан били кырдьаҕастара, онтон уочаратынан иккис, үһүс эмээхситтэр биирдии оноҕоһу хааҕа угаллара. Бүтэһик бастыҥ оноҕоһу ол эмээхсин алгыс этэн угара. Бу оноҕос «хаа түгэҕэ», атыннык эттэххэ, дьоллоох оноҕос диэн ааттанара. Оноҕостор хааларга угуллубуттарын кэннэ, эмээхситтэр этиилэринэн, мааны олбох тирии үс өттүнэн кутаа уот оттоллоро. Ол кутааларга хара тыа иччитигэр анаан. алгыс этэ-этэ, тайах бытыгын түүтүн кытта муннуттан кырбас быраҕаллара. Алгыстарын түмүктээн, оноҕос хааларыгар үс дьураалаах быаны иилэллэрэ уонна кэккэлэһэ турбут уолаттарга кэтэрдэллэрэ. Уолаттары тургутан көрүүлэрин кэннэ эмээхситтэр оноҕостору кимиэхэ аныылларын быһаараллара. Эмээхситтэр бастаан атыыр таба уонна атыыр тайах хаанынан биһиллибит хамыйахтарынан хас биирдии уолаҥҥа чугаһаан, хамыйаҕы үс төгүл өрө быраҕан билгэлииллэрэ. Онтон оноҕостору хаалаан, бастыҥҥа обургу хааны, иккискэ 7 оноҕостооҕу, онтон үһүскэ 3 оноҕостооҕу туттараллара. «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаҕа уол уонна кыыс бэлиэлэрэ оноҕос уонна кыптыый уобарастара бааллар. Хаардьыт Бэргэн оноҕосторо кини аналлааҕа олорор балаҕанын үөлэһинэн түһэн хаалаллар. Оттон Бэйбэрикээн ынаҕын ыы олорон, бэрдьигэс ото кыыска кубулуйбутун биллэрэн, хобо чуораан лыҥкыныырын, кыптыый тыаһа кыҥкыр гыммытын истэр. Көстөрүн курдук, сиэр-туом анал бэлиэ суолталаах: оноҕос — эр киһи олоххо дьулуура; оноҕос хаатын чоҕунан, сыанан-арыынан, уунан оҕунуохтааһын — айыы бэлиэтин, олоххо күүһү иҥэрии; тириини күҥҥэ 9 күн хатарыы — олоххо хатарыллыы; оттон оноҕос хаатын киэбэ — уолан олоҕун киэбэ.
Хаартыскаҕа: Андрей Пахомов оҥоһуга, Сунтаар улууһа. Уол оҕо төрөөтөҕүнэ Айыыһыты атаарарга оҥоһуллар маллар. Былыргыны билээччи, олоҥхоһут М.Н. Ионова оҥоһуга.
Ангелина Кузьмина.